ТОП просматриваемых книг сайта:
Урут бобуллубут айымньылар. Валентина Семенова
Читать онлайн.Название Урут бобуллубут айымньылар
Год выпуска 2019
isbn 978-57696-5462-6
Автор произведения Валентина Семенова
Издательство Айар
Үсүһүнэн, социалистическай реализм ньымата социализмы, коммунизмы тутааччылар олохторун мэлдьи уруй-айхал доҕуһуоллаах, үөрүү-көтүү аргыстаах гына көрдөрөрү булгуччулаахтык ирдиирэ, онон санаа түһүүлээх айымньылары сэмэлиирэ. Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Торҕо буруо» диэн 1943 с. суруйбут кэпсээнигэр Аҕа дойду улуу сэриитин фронугар өлөн эрэр саха саллаата төрөөбүт дойдутун, дьонун, таптыыр кыыһын кытта бырастыылаһыыта монолог быһыытынан бэриллибит. Улахан кириэтээһиннээх кириитикэ кэннэ суруйааччы «алҕаһын» билинэргэ күһэллибитэ. «Мин айар үлэм туһунан» диэн «Хотугу сулус» сурунаал 1953 с. 3№-гэр тахсыбыт ыстатыйатыгар ааптар: «1943 с. «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит «Торҕо буруо» диэн кэпсээним санаа түһүүлээҕин, онон буортулааҕын быһыытынан, куһаҕанын, сыыһатын булгуччу билинэбин», – диэн суруйбута.
Суруйааччылар «алҕастара» «Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан» диэн БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин 1952 с. олунньу 6 күнүнээҕи уурааҕар ырытыллан дьүүллэммитэ.
Биллэн турар, айар дьону ыгыы-түүрүү, сирэй-харах анньыы, кэнэйдээһин суола-ииһэ суох ааспатаҕа. Олоҕу хайдах баарынан көрдөрүү, кырдьыктаахтык суруйуу уустугурбута. Бу кэмҥэ хас төгүл айар баҕа уостубута, төһөлөөх талаан кэхтибитэ, харгыстаммыта буолуой? Норуот бүттүүнүн өйүгэр-санаатыгар улахан охсуу оҥоһуллубута. 1952 г. кулун тутар 20 күнүгэр партия обкомун V пленумугар С.З. Борисов «Республикаҕа идеологическай үлэ туруга уонна тупсарыыга туһуламмыт дьаһаллар» диэн дакылааты оҥорбута. Дакылаат балаһыанньаларын сүнньүнэн Г.П. Башарин дьыалатыгар быһаччы дьайыылар оҥоһуллубуттара: Г.П. Башарин уонна И.М. Романов үлэлэриттэн уһуллубуттара, учуонай салайар «История» научнай куруһуогун чилиэннэрэ, устудьуоннар М.С. Иванов, В.С. Яковлев, эдэр суруйааччы А.И. Федоров хаайыллыбыттара.
Партия ХХ съеһин кэнниттэн быһыы-майгы үтүө өттүгэр уларыйбыта. 1962 с. олунньу 16 күнүгэр ССКП обкомун «Об исправлении ошибок в освещении некоторых вопросов истории якутской литературы» диэн уурааҕа тахсыбыта, классик суруйааччыларга сыһыан тупсубута. Ол эрээри былаас литератураны, искусствоны «муоһалыыр илиитин» ситэри холкутаппатаҕа. Маннык быһыы-майгы уларыта тутуу кэмэ буолуор диэри салҕанан барбыта.
Кэлин бобуллубут айымньылартан хомуурунньукка Иван Гоголев «Өлүөнэ сарсыардата» драмата киирдэ. Саха Академическай театрын музейын сэбиэдиссэйэ Е.Н. Степанов көрдөрбүт барыйааннарыттан биир бастакыларын уонна бастыҥнарын таллыбыт, уруучуканан сотуллубуту көннөрбөккө, ааптар бэйэтэ хайдах массыыҥкаҕа бэчээттээбитинэн хааллардыбыт. Театрга бастакы туруоруу