ТОП просматриваемых книг сайта:
Урут бобуллубут айымньылар. Валентина Семенова
Читать онлайн.Название Урут бобуллубут айымньылар
Год выпуска 2019
isbn 978-57696-5462-6
Автор произведения Валентина Семенова
Издательство Айар
Бу хомуурунньук биир сонун өрүтүнэн И.Е. Попов (1879—1944) икки кэпсээнэ киирбитэ буолуон сөп. Илья Егорович Сунтаар улууһун Илимниириттэн төрүттээх киһи этэ. Урут учууталлыы сылдьан баран, 1904 с. ыла таҥара дьиэтигэр аҕабыытынан сулууспалаабыта. 1914 с. «В долине скорби» кинигэни «Рассказы и заметки из жизни якутов» диэн хос ааттаан таһаарбыта. Хомуурунньукка «кутурҕан хочотугар» олохтоох саха дьонун эрэйдээх-буруйдаах олохторо хайдах баарынан көрдөрүллүбүтэ. Кини 1890-с сс. бүтүүлэриттэн Томскайга тахсар «Сибирская жизнь» хаһыакка сүүрбэччэ кэпсээни уонна уочарканы бэчээттэппитэ, сорох бэлиэтээһиннэрэ «Якутские епархиальные ведомости» хаһыакка тахсыбыттара. И.Е. Попов сэбиэскэй кэмҥэ репрессияланан, хаайыы дугуйдаммыта. Хомойуох иһин, кини уонна биир идэлээҕэ, «В якутской глуши» (1910) кинигэ ааптара, эмиэ Сунтаартан төрүттээх Г.М. Попов (1881–1913) ааттара, сэбиэскэй судаарыстыба атеизмҥа олоҕурбут идеологическай политикатыгар сөп түбэспэттэрин быһыытынан, саха култууратын историятыттан киэр илгиллибитэ. Дьиҥэр, кинилэр былааһы утарбатахтара, айымньыларыгар да киһи баайсар төрүөтэ суох. Ол эрээри үтүө төрүттээхтэрэ, таҥара итэҕэлин үлэһиттэрэ буолаллара, ол эбэтэр социальнай төрүөт улахан мэһэйи үөскэппитэ.
«Ксенофонтовщина» дьыалатыгар түбэһэн суорума суолламмыт дьонунан Г.В. Баишев-Алтан Сарын (1898—?) уонна П.И. Оросин-Хайыкы (1895—1957) буолаллар. Г.В. Баишев сахалартан биир бастакынан үрдүк үөрэхтэммитэ – Ленинградка Илиҥҥи тыллар институттарын бүтэрбитэ. Алтан Сарын бэйэтин күүһүн литература бары көрүҥэр: хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ, драмаҕа холонон көрбүт талааннаах киһи быһыытынан биллэрэ. Кини төрөппүттэрэ эр-биир олохтон туораабыттарын утаатыгар, соҕурууттан кэлээт, дойдутугар тахса сылдьан, санаарҕаабыт ахтыы-санаатын суруммутун ким эрэ булан ылан, «Чолбон» сурунаалга «Уруккутун өйдүөбүт» диэн ааттаан, 1926 с. бэчээттээбит. Ону 1928 с. кириитик Сэттэ Бытык (Н. Заболоцкай) булан, «Уруккутун умнубатах суруйааччы» диэн ааттаах рецензия суруйар. Революцияны утары үгэнэн суруллубут кэпсээнигэр атын кылаас суруйааччыта биһиги сэссийэлиичэскэйдии тутуубутун токурутан суруйбута өстөөхтөрбүтүгэр туһалыыр диэн матыыптыыр. Киниэхэ харда быһыытынан Алтан Сарын «Кыҥаан көрө-көрө кырадаһын таҕаара сатаабыт» диэн ыстатыйаны суруйбута, онно кэпсээн бэлиитикэҕэ сыһыана суох, бэйэм тускум, санаабыт санаам, дьайбыт дьайыым диэн этэн көрбүтэ да, ол аахсыллыбатаҕа. Алтан Сарын хаайыыттан эргиллибэтэҕэ. Кини айымньылара, үлэлэрэ