ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3601-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
– Ыл… баран сирэйгин суун… Тоҕо сүрэй доҕор…
– Киһи эппитин ыт да үрбүтүгэр, бырдах да дыыгынаабытыгар холообот хоҥ мэйии баара… Баран суун дуу, хайаа дуу!.. – Ньөкөөрөр уолуттан абарбытын омунугар, субу соппойон бүппүт удьурҕай бастаах хамсатын күлүн тэбээри, чэкичэххэ күүскэ охсон, тэскэҕэр баһын чубуугуттан арааран кээстэ. – Һуу!.. Ити, аны хамсабын тоһуттаҕым…
Бу түгэҥҥэ «өлүү болдьохтоох, иэдээн төрүөттээх» диэбиккэ дылы Чукчакыын, Тартаайаны одуулаан ыртайан туран:
– Кэһэйдиҥ дуо?!. – диэн ыйытыылаах буолла.
Тартаайа эрбэҕин муннун үүттэригэр эр-биир тиэрдэн уҥа-хаҥас сыыҥтаталаата, хаан булкаастаах силинэн, абарбыта бэрдиттэн сыҥааҕын энньэтэн туран хаста да силлээмэхтээтэ уонна:
– Ээ-э!!. – диэн ордоотоото.
Чукчакыын куттанар, дьаарханар диэни билбэт муҥнаах:
– Кэһэйдиҥ дуо-а!.. Саатта ээ!.. – диэн, киһи кэчэһиэх, кэлиилии-кэбэ турда.
– Туох диигин илээт!.. Киибэс!.. – диэн өссө да бэрт быдьардык үөхсэн саҥа аллайаат, Тартаайа сүр эрчимнээхтик ыстанан кэллэ да, соһуйбут курдук уун-утары көрөн кыалгайан турар Чукчакыыны, уҥа сутуругунан, маҕайа түһээт охсон кууһуннарда… Сыҥаах тыаһа бүтэҥитик «ньылк» гынаатын кытта, «куһаҕан уол» сордоох, ойбон таһыгар эһиллибит баҕа курдук, тас иэнинэн баран атахтара адаарыс гыннылар, киһи мэйиитигэр киириэхтик ыһыытыыр икки, кыланар икки ыккардынан саҥа таһааран часкыйа түстэ…
Тартаайа онно эрэ кыһаллыах быһыыта суох, охтон сытар уолу тоҥ ынах этэрбэстээх атаҕынан, өрө көтө-көтө, хайа түбэһиэх, туох да харса суох тэбиэлээн биллиргэттэ. Чукчакыын муҥнаах көмүскэннэҕим ырата буолан икки илиитинэн, биир кэм, таба атыыра табыйан эрэринии татыахайданна…
Тустуу бу курдук эргийэн, «эриэннэнэн» тахсыа эрэ диэн күүппэккэ олорбут дьон маҥнай утаа көрбүттэрин итэҕэйбэккэ аҥала аҥырдыы тааллылар. Ол эрэн ити, били, этэргэ дылы кыл эрэ түгэнигэр буолла. Чөөдүү Миитэрэй ойон тураат, сүүрэн кэллэ да, кыыллыйан уутугар-хаарыгар киирэн силиктээн эрэр Тартаайаны, тулаайах хаалбыт «соххор» илиитинэн халтаҥ сонун саҕатыттан түүрэ харбаан ылаат, кэннинэн тэмтээкэйдэтэн охторон түһэрдэ…
…Чукчакыын өттүгэстии сытан баламат охсууттан көтүрү ыстаммыт икки балтатын, тылынан бигээн хачыгыратан таһааран силлээн санньылытта. Ынчыктаан эрэрдии ытаан дуомнаммыта буола-буола, били, хааннаах силин кытта чигдигэ түспүт балталарын сөмүйэтин сүрэҕинэн «бу туохтар түстүлэр» диэбиттии баттыалаан көрдө. Онтон туһалара ааһан туллубут тиистэрин, «аны ким эмит көрөн былдьаан ылыа» диэбиттии, ытыһын иһигэр кистии тутан кээстэ уонна үлтү тэпсиллибит тиэргэн хаарын үөһэ умса түһээт иэмэ-дьаама суох ытаан барда… Чукчакыын муҥнаах өҥө баранан бүттэтэ суох буолбут сиристээҥки ырбаахытын хонноҕо киэҥ аҕайдык алларааҥҥа диэри хайа ыстаммытынан, кирдээх этэ кистиир хаххата суох хаалан