ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (3 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3601-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Чөөдүү Миитэрэй, Свердлов аатынан холкуостан сэриигэ ыҥырыллыбыттартан собус-соҕотох кини эрэ «Албан Аат» үһүс уонна иккис истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыт киһи, ону таһынан өссө «Хорсунун иһин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иһин» диэн мэтээллэрдээҕэ. Ол эрэн ити ылбыт бойобуой уордьаннарын, мэтээллэрин түөһүгэр кэтэн эйэҥэлэппитин биир бэйэм хаһан да көрбөтөҕүм.
Дьиҥинэн сэрииттэн эргиллибиттэр мэтээллэрин түөстэригэр иилинэллэрэ үгэс курдук буолара. Бэл эдэр уолаттар араас «барасыылабыскай-ирэсиилэбискэй» эҥин эгэлгэ араас учунучуохтары уолуктарыгар килбэччи тиһэн түөстэрин мөтөттөхтөрүнэ кыргыттар кэрэхсии кыҥастаһар харахтара арахсыбата, кыра ыамайдар ымсыыра одуулаһаллара уостубата.
Миитэрэй сайын, кэллэҕин утаата, аҥаар эҥэлэйэ бүтүннүү сууллубут балаҕанын иһигэр сыппыт. Остуоллара, ороно, сээкэй иһиттэрэ-хомуостара, таҥас дуомнаахтара баара үһү. Чэгиэн этэ сэймэктэнэн кэлбит абатыгар (тыҥатыгар уонна буутугар эмиэ ыараханнык бааһыра сылдьыбыт), кытта төрөөбүттэрин сүтэрбит аһыытыгар ханна да быкпакка, көстүбэккэ, сууллубут балаҕаныгар бүгэн хас да хоммутун кэннэ ыала Киспэ оҕонньор киирэн (Өксөөн куоракка холкуоһун соругар баран суоҕа эбитэ): «Кэбис, субу бүтүннүү сууллаары турар, сөхсүллүбэтэҕэ ырааппыт балаҕаҥҥа сытыма, аньыыта, сүрэ да бэрт, аны сохсо буолан баттыа… Айманарын айманаҕын бөҕө буоллаҕа, ол өйдөнөр, ону туох баалыа баарай, ити эрэн кэбис, өлбүтү кытта өлбүт суох, эн өссө тыыннаах дойдуҥ буорун буллуҥ, уһуну-киэҥи санаан бөҕөргүү сатаа…» – диэн оҕонньор элэбыла тылын этэн, хайа сатанарынан сүбэлээн-амалаан, тылыгар киллэрэн бэйэтигэр дьукаах ыҥыран таһаарбыт.
Балаҕан – киһи олорорун тухары эрэ балаҕан. Дьон иччилээбэт буолла да дьиэ аатыттан ааһар. Төһөлөөх да эргэ балаҕан, икки атахтаах илгэ сылаас тыынынан угуттаан олохсуйан олорорун тухары, иһигэр оҕо иэйбит саҥата чаҕаарар, чэрдээх тилэҕин тыаһа тибигирии сүүрэр буоллаҕына, аал уотун иччитэ күлэ-үөрэ бачыгырыы тыаһыырын устата – эргэрэн, эмэҕирэн, сууллан биэрбэт айылгылаах. Киһи ураты уһуу тыына кэхтибити да тилиннэрэр, буомурбуту да баараҕадытар,