ТОП просматриваемых книг сайта:
Сырдык курус. А. К. Никифорова
Читать онлайн.Название Сырдык курус
Год выпуска 2011
isbn 978-5-7696-3594-6
Автор произведения А. К. Никифорова
Издательство Айар
«Мин ситэ үөрэммэтэхпин кыргыттарым үрдүк үөрэхтэнэн ситиһиэхтэрэ» дьахтар санаатын түмүктээн өрө тыынан ылла.
– Үһүөн киин куоракка үөрэниэхпит дии санаабытым, хайа баарый? Света, оттон иистэнньэҥ үөрэҕэ куоракка да элбэх буолуо дии. Бииргэ өйөнсөн син сылдьыа этибит, – Аайа хомойбутун кистээбэт. Кыргыттар, болдьоһон баран, идэлэринэн биэрэк үрдүгэр турар ыскамыайкаларыгар кэллилэр.
Туох да омуна суох кыргыттар бу ыскамыайкаҕа улааттылар. Бу ыскамыайкаҕа олорон төһөлөөх кистэлэҥнэрин, үөрүүлэрин-хомолторун үллэстибиттэрэ буолуой? Кыра кылаастарга манна олорон кумааҕы куукуланан оонньууллара. Света куукулата саамай элбэх, араас дьэрэкээн таҥастаах буолааччы. Бэл, кыһыҥҥы сонноох, бэргэһэлээх, этэрбэстээх буолара. Кыыс дьүөгэлэрин куукулаларын эмиэ таҥыннарара. Кэлин кумааҕы кыргыттара кумааҕы уолаттардаммыттара. Кыргыттар ыскамыайкаларын көрөр-харайар идэлээхтэр, сайын аайы кырааскалыыллар, сыл аайы өҥүн уларыта сатыыллар. Дьиктитэ баар, кинилэр кырааскалаан барбыт ыскамыайкаларыгар, төһө даҕаны манаан турбаталлар, ким даҕаны лах гына олорон кырааскаҕа биһиллибитэ суох. Дьон бары кыргыттар киэннэрэ буоларыгар үөрэнэн хаалбыт.
Улахан кылааска тахсан баран, ыскамыайкаларыгар олорон таптал туһунан кэпсэтэр буолбуттара. Ким кими сөбүлээбитин, таптаабытын туһунан кистэлэҥ манна этиллэрэ. Бүгүн кыргыттар эмиэ от күөҕэ өҥнөөх ыскамыайкаларыгар кэчигирэһэн олороллор. Көрсө түстүлэр даҕаны күлсүү-салсыы ыраатар буолара, оттон бүгүн тоҕо эрэ чуумпулар. Боччумурбут көрүҥнээхтэр.
– Суох, мин куоракка олорор кыаҕым суох, онно аймахтарбыт букатын суохтар. Мэҥэ Хаҥаласка иистэнньэҥ үөрэҕэ баар, онно дьонум аах олороллор, – Света бу сырыыга Аайа тылыгар киириммэтэ. Аҕыс оҕолоох ыал улахан кыыстара түргэнник идэ ылан, үлэлиэн наада. Ийэтэ балыыһаҕа ньээҥкэлиир, аҕалара бултуу сылдьан сааҕа дэҥнэнэн инбэлиит буолан үлэлээбэт. Тугу да гынара суох киһи арыгылаан тахсар. Света көрдөҕүнэ, аҕата кимнээҕэр эрэ доруобай курдук, итирэ-итирэ ийэтин тобулу охсон, ыарыһах оҥорон бүтэрдэ быһыылаах. Кыра уҥуохтаах, хачаайы ийэтэ туттара-хаптара бытаарбыт, наар сэниэтэ суох курдук сылдьар. Аҕалара күнүһүн остолобуойтан тахсыбат, киэһэ аайы холуочук кэлэн, бэйэтэ да нэһиилэ сылдьар кэргэнигэр киэптиирэ киирэр.
Света өссө ахсыс кылаас кэнниттэн үөрэххэ барыан баҕарбыта, оччолорго ийэтэ буолумматаҕа. «Мин эрдэ баҕайы ыал буолан, үөрэҕи ылбакка хаалан, хара үлэҕэ, аҕыйах харчы туһугар сылдьабын дии. Эн үөрэххэр үчүгэйгин, ити дьүөгэлэргин