ТОП просматриваемых книг сайта:
Сырдык курус. А. К. Никифорова
Читать онлайн.Название Сырдык курус
Год выпуска 2011
isbn 978-5-7696-3594-6
Автор произведения А. К. Никифорова
Издательство Айар
– Ахсыс «А» кылаас старостата, оскуола хомсомуолун тэрилтэтин көхтөөх чилиэнэ Аайа Андреева, – оскуола хомсомуолун тэрилтэтин салайааччыта Фая кыыс хамыыһыйаҕа билиһиннэрбитэ.
– Аайа, оскуола кэнниттэн ханнык идэни талар санаалааххыный? – оскуола инструктора хомсомуол устаабыттан боппуруос биэриэ диэн кэтэһэн олорбут киһиэхэ соһуччу ыйытыы буолла.
– Бакаа быһаарына иликпин.
– Аайа тылга олус дьоҕурдаах. Нуучча тылын олимпиадатыгар кыттан, наар бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Мин саныахпар, кини тыл үөрэҕэр киирэн, кэлин науканан дьарыктаныаҕа, – кылааһын салайааччыта тоҕо эрэ куттаммыт курдук хап-сабар эппиэттии оҕуста.
– Оттон ыччат лиидэрин быһыытынан райкомолга үлэлиэххин баҕарбаккын дуо? Биһиэхэ эдэрдэр наадалар.
– Суох, мин суруйааччы буолуохпун баҕарабын, – диэбитин Аайа кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
– Суруйааччы даа… – инструктор быһаарыыта суох унаарытта.
– Ханнык музыканы ордорон истэҕин? – пионер-баһаатай Варвара Аркадьевна туоһуласта. Арааһа, ыйытыахха эрэ диэн ыйытта быһыылаах.
– Ордук омук музыкатын сөбүлүүбүн. Итальянскай эстрада, Аманда Лир, «Абба», «Арабески», «Бони-М», «Чингиз-хан»…
– Кылаас старостата, туйгун үөрэхтээх комсомолка буолан баран, хайдах «Чингиз-хан» курдук буортулаах музыканы истэҕин? Сэбиэскэй сойууһу үөҕэн ыллыылларын билбэккин дуо?! – Варвара Аркадьевна кыыһыран өрө хабылла түстэ.
– Кырдьык, баһаатайгыт саамай сөпкө этэр. Сэбиэскэй тутулу ахсарбаттык ыллыыр омук ырыаһыттарын истии «политическая близорукость» диэн буолар. Онон, Варвара Аркадьевна, бу боппуруоска оскуола үөрэнээччилэрин кытта салгыы үчүгэйдик үлэлиэххитин наада, – хомсомуол инструктора этии киллэрдэ.
Оттон бүгүн ким даҕаны «политическая близорукость» аатырбыт музыканы тохтоппот.
Демис Руссос толоруутугар бытаан музыка тыаһаабытыгар, Аайа иннигэр Ваня биирдэ хорус гына түстэ.
– Үҥкүүлүүбүт? – уол ааттаһардыы кыыс хараҕын өҥөйөр.
– Чэ, – кыыс, идэтинэн аккаастанан силбиэтэнэн кэбиһиэн санаан баран, туттунна. Төһөтүн да иһин, бүгүн выпускной бааллара буоллаҕа дии.
«Ушел от нас последний день, как исчезает в полдень тень…». Оҕолор бары да сөбүлүүр ырыаларын алыптаах музыкатыгар уйдаран үҥкүүлээтилэр. Арай, сааланы биир гына сүрдээх эрчимнээхтик, имигэстик туттан-хаптан биир паара вальстыыр. Оруосабай дьүһүннээх былаачыйалаах кыыс биир кэм эргичиҥнээн олорор. Кылаас бастыҥ үҥкүүһүтэ Маша Петя Тарабукины кытта тапсан да вальстаан элээрдэ сылдьар! Петя бу курдук үчүгэйдик үҥкүүлүүрэ биллибэт этэ, бары да соһуйан хааллылар. Кыргыттар бүгүн Петяны атын харахтарынан көрдүлэр. Будьурхай баттаҕын өрө анньыммыт, кимиэхэ да суох