Скачать книгу

быһаҕа баара, хара уктаах. Ээ, уонна саха быһаҕа, дойдум ааттаах ууһа охсубута диэн кэпсиир буолара.

      – Александрованы атаарарыгар Давыдов быһах уктубутун көрбөтөҕүҥ дуо?

      – Эс, суох, тоҕо уктуой? Автобус тохтобулугар диэри эрэ атаарбыт буолуохтаах.

      – Тоҕо инньэ диигин.

      – Бинсээгинэн эрэ барбыта, миигин өссө «кэлиэм, күүт» диэбитэ да, эмээхсиммиттэн куттанан…

      «Кырдьык да, төһөҕө тарҕаспыттарын Хамсеев кэргэниттэн ыйытыахха баар». Силиэдэбэтэл түгэх хоһу өҥөйдө, орон үрдүгэр сурунаал ойуута – Мона Лиза элэктиирдии мичээрдии олорор: «өлөрүөхсүтү мин билэбин, эн булуо суоххун, булуо суоххун» диирдии.

      Элиэнэп көхсүн этиттэ, киһитигэр төттөрү эргилиннэ уонна дьаадьайбыт остуолу ыйда:

      – Бу остуолга аһаатаххыт дии?

      – Ээ.

      – Александрова кэлбитин кэннэ ким эмэ түгэх хоско киирэ сылдьыбыта дуо?

      – Өйдөөбөппүн, арааһа, суох. Бэйэм чааһым киирбэтэҕим.

      – Давыдов атаҕын таҥаһа туох этэй?

      – Хайдах?

      – Оттон тугу кэтэ сылдьарай – хаатыҥка дуу, бачыыҥка дуу?

      – Ээ, – Хамсеев өйдүү сатаан сүүһүн түрдэһиннэрдэ. – Ээй, өйдөөтүм, истээх кирзовай саппыкылаах этэ.

      – Эһиги охсуспатаххыт дуо?

      – Кимниин? – Хамсеев соһуйан өрө көрө түстэ.

      – Давыдовтыын.

      – Биһиги? Федькалыын?! Аньыы даҕаны.

      – Табаарыһыҥ саппыкыта ол күн хаан буолбут этэ.

      – Аа! – Хамсеев соһуччу саҥа аллайда, оройун «лас» гына охсуммутунан өндөс гынна. – Ону этэр эбиккин дии! Табаарыс силиэдэбэтэл, биири көтүппүппүн – Федька… һм… Давыдов арыгы ыларыгар охсуһан кэлбитэ. «Анаша Чернай уочаракка быһа киирээри гынна уонна миэхэ киэптээтэ, маҕаһыын иннигэр уолаттарынаан көмөлөөрү оҥостубуттара да, Анашаны муннун тоҕо оҕустум уонна куоттум» диэбитэ.

      – Кимий ол – Анаша Чернай?

      – Черноградскай Ананий, мантан чугас – Софронов уулуссаҕа олорор.

      Элиэнэп оҕолор оонньуулларын санаата – кинилэр кистээбиттэрин булаары чугаһаттаххына, «сылаас! сылаас!» диэччилэр. Бу сырыыга оннук сылааска тиийдэ бадахтаах…

      – Чэ, сөп, Хамсеев, наада буолларгын эрэ, эйигин ыҥыртарыахпыт. Бүгүн манан кэпсэтэн бүттүбүт. Бэйи, мин эн эмээхсиҥҥиттэн ыйыталаһардаахпын…

      Таһырдьа таҕыстылар, уорааннаах дьиэ иһигэр холоотоххо, өссө арыый ичигэскэ дылы. Төттөрү хаамсан олбуор алдьаммытыгар нөрүйэн иһэн, Элиэнэп ыйытта:

      – Эмээхсиниҥ бу аһаҕаһы хаптаһынынан тоһоҕолоон, куобах ороҕунуу тэпсибит ыллыккытын бүөлээбэт дуо?

      Хамсеев эргиллибэккэ эрэ кэтит санныларын ыгдаҥнатта уонна муннун анныгар сөҥөдүйдэ:

      – Оо, ол кини бүөлээбитэ диэн…

      Кини этиитин бигэргэтэрдии, эмээхсинэ аймана көрүстэ:

      – Бу сатана ол Биэткэлиин иннэлээх сап курдук суксуруһаллар. Этэ сатаа – тыал тыаһыныы истэллэр. Хата, ол араатардыырбыттан салҕан, бэйэм кулгааҕым сылайда. Куоракка атын сиргэ көһүөххэ баар этэ да, син биир туһа суоҕа биллэ-ээр, анараа да дойдуга баҕайылар куустуспутунан бараллар ини…

      – Оҕонньоруҥ

Скачать книгу