Скачать книгу

тутуҥ! Кинилэр! Фантомастар!

      Үһүөннэрин быччаччы тутан ылбыттара. Силиэстийэҕэ саппыкыһыт будкатын алдьаппыттара эмиэ арыллыбыта.

      Давыдов хас да сыл буолан баран хаайыыттан төннүбүтэ. Көннөрү илии-атах хара үлэттэн үлэҕэ көһөн, ким түбэһиэҕи кытта арыгылаан булкулла-тэккиллэ сылдьан Геленаны көрсүбүтэ. Бары «иһээччигин, арыгыһыккын!» диир кэмнэригэр кини «эн алкоголик буолбатаххын ээ, тоҕо күн аайы иһэҕин, туттунуоххун» диэн кыыс ис сүрэҕиттэн этэрэ ыраас халлааҥҥа ньиргийбит этиҥнии соһуппута уонна ханнык эрэ инникигэ эрэл кыымын умаппыта. Геленалыын билистэҕин утаа Федор арыгыттан кэм тардыммыта, өҥөйбөтөҕө ырааппыт театрыгар оннооҕор иккитэ-хаста сылдьыбыта, үлэтигэр да борогууллуура аччаабыта. Сарсыарда Геленаны санаабытынан уһуктар, киэһэ кинини өйдөөбүтүнэн утуйар дьикти кэрдиис кэм кыһалҕата суох оҕо сааһын дьоллоох-соргулаах күннэригэр маарынныыра. Ити эрээри кэнникинэн улам-улам кыыс ылбат-биэрбэт сыһыана кыйахыыр буолбута, биирдэ итирэн баран «иккиттэн биирин бүгүн быһаарыахха» диэн бугуһуйбут бэйэтэ эр хаанын ылынан Геленаҕа тиийбитэ. Улаханнык ииристилэр быһыылааҕа, ыһыы-хаһыы баарын өйдүүр, дьиэтигэр хайдах тиийбитин өйдөөбөт. Сарсыарда төбөтө хайа ыстаныах айылаах ыалдьан уһуктубута. Арай сып-сымнаҕас илиилэр баттаҕын имэрийэллэрэ, халтаһатын атыппыта – үрдүгэр Гелена нөрүйэн ытыы олороро.

      – Хайа, Гелена? – уол кыыһы илиититтэн харбаан эрдэҕинэ, кыыс илиитин куоттарбыта уонна уу-хаар баспыт хараҕынан олус хомойо, курутуйа кинини одууласпыта.

      – Бөлүүн тугу дьаабыламмыккын билэҕин дуо?

      Федор сүрэҕэ ытырбахтаабыта:

      – Суох…

      – Истэххинэ ынырык да буолар эбиккин, эдьиийбин Капаны кырбаары тиистиҥ, «миигиттэн атыҥҥа тахсыаҥ да, өлөрүөм», – дии-дии, миигин быһаҕынан дугдуруйдуҥ. Эдьиийим наһаа кыыһырда, миигин бэйэбин да холдьоҕуох курдук уордайда. Барыта эйигиттэн, атын сиргэ көһүүһүбүн, онно үлэлиэм…

      Давыдов хайдах сатыырынан кыыһы уоскута, ааттаһа сатаабыта да – туох да тахсыбатаҕа, ый курдугунан Гелена Салдыҥҥа үлэлии барбыт сураҕа иһиллибитэ. Онтон ыла Федор кинини адьаһын сүтэрбитэ, эмиэ арыгылааһын, үлэҕэ борогууллааһын хара күннэрэ саҕаламмыттара…

      Күнүскү эбиэт кэмэ буолан, автобус «Сайсары» тохтобулугар, уулуссаҕа дьон элбээбит. Чехов уулуссатынааҕы ас маҕаһыыныгар киирии-тахсыы хойдубут, сэргэстэһэ арыгы атыылыыр маҕаһыын иннигэр төбүрүөннээбит түөрт-биэс уолу хараҕын кырыытынан көрө-көрө, Захар Захарович маҕаһыыннар иннилэринэн ааста: «Итинник уолаттартан киһи арааһы күүтүөн сөп. Тоҕо күнүстэри арыгылыылларый? Хонтуруолга ылан үлэлиир, олорор миэстэлэринэн иитиини күүһүрдүөххэ наада этэ. Общественность туруннар, өр гыныа баара дуо? Ол эрээри ээл-дээл дьон – уулуссаҕа киһини кырбыылларын көрбөтөх курдук туттан ааһааччылар, туох эмэ түбэлтэ тахсыбыт сириттэн туоһу буолумаары буут быстарынан куотааччылар, оо, билигин да үгүстэр! «Бэйэм ырбаахым эппэр чугас» диэн өс хоһооно этэринии олордохпутуна, буруйу оҥорооччулар

Скачать книгу