ТОП просматриваемых книг сайта:
Көһөрүллүү. Василий Гоголев-Уйулҕан
Читать онлайн.Название Көһөрүллүү
Год выпуска 2013
isbn 978-5-7696-4185-5
Автор произведения Василий Гоголев-Уйулҕан
Издательство Айар
Арыы үрдүк хордоҕойугар кэбиhиилээх оттор кэчигирээбиттэр. Баһылай биригээдэтэ оту хотуулаахтык оттоон, санаалара көтөҕүллэ сылдьар. Лөгөнтөй кырдьаҕас кэмиттэн кэмигэр хотуурдары таптайан, кыраабыллары тииhээн иһэр. Инньэ гынан үлэ, атахтаммакка, хотуулаахтык барар. Аанчык Даайалыын бугул түгэҕин харбыыллар. Баһылайдаах хас да буолан от кэбиһэ сылдьаллар. Ньукуус бугуллары бэрт чэпчэкитик түллэх гыннаран таhаара-таһаара, кыдаматын күөрэччи тутан, түскэ быраҕаттыы сырытта. Лөгөнтөй, оллоонун уотун күөдьүтэ сылдьан, көр, аҕатын туйаҕын хатарар киhи тахсыыhы, оннук чинчилээх диэн, сиэнин астыммыттыы одууласпыта. Отуу уота солуурчахтаах собону сотору кэминэн оргутан бидилиппитэ. Лөгөнтөй күнүскү омурҕаҥҥа дьонун ыҥыртаан далбаатаата. Сиэнигэр чэй сойута кутан бэлэмнээтэ. Лөгөнтөй чугастааҕы элгээҥҥэ илимнээн, харарҕаатахтарына собо сиэн абыраннылар аҕай. Бу өрүс сир собото бөдөҥ да буоллар, Дьоҥкуудай эбэ хотун соботугар амтана ырааҕынан тиийбэт. Алаас сир күөлүн собото барахсан минньигэһэ сыттаҕа дии. Күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон хараҕа наадыйан бөҕө буоллаҕа дии. Күһүҥҥү саарбыт кус тиргэҕэ иҥнэн тилигириирэ, оо, астык суол буоллаҕа, ити дьарыгы Ньукуус үчүгэйдик баһылаата. Онон сөп-сөп тотуохтарыгар диэри кус сииллэр.
Отчуттар оллооннорун аттыгар үүммүт улахан аар хатыҥ күлүгэр мустан, омурҕанныырдыы төбүрүөннээн олорунан аһаан бардылар.
– Быйылгы кыстыгы туоруур оттоннубут быhыылаах, – итии чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа, Баhылай кэпсэтиини саҕалаата.
– Син илин-кэлин түсүһэр инибит, доҕор.
– Баччалаах үүнүүнү сомсон баран, доҕор, оннук буолбат дуо? – Баһылай Ньукулайтан ыйытта.
– Тыый, туох диэн эттэххиний. Ол гынан баран, тиэйиитэ да син моһуоктаах соҕус буолара буолуо ээ.
– Оннугун оннук да, күрүөлэммит хаһаас хаһан да хаалбат хаһаас буоллаҕа дии. Улуу добдурҕа түһүүтэ, хаар чарааһына биэстии сыарҕанан таһан, син үөтэлиэххэ сөп ини, доҕор, – диэт, Лөгөнтөй астыммыттыы дьонун кэриччи көрбүтэ.
– Сарсыҥҥыттан мин Ньукуустуун күрүө сиэрдийэтин охторо тахсыахпыт, – диэн бас-көс киһи быһыытынан Баһылай дьаһайбыта. Ити курдук отчуттар оллооннорун буруота ыраахтан унаарыйан, көҕөрүмтүйэ сыыйыллыбыта.
Холоруктаах сурах
Устар күнү быһа үрдүк өндөл халлааҥҥа, сырдык утахтарынан далаһа үктээн, биир былыт оҕотугар күлүктэнэн сынньана түспэтэх аламай күн барахсан, киэһэнэн нуктуу быһыытыйан, арҕаа бас диэки тэмтэйэ санньыйбыта. Дьиэ иһигэр эмиэ им-дьим, Күөрэгэй оронугар сынньана сытара, оттон Өрүүнэ оҕолор этэрбэстэрин абырахтыы олорбута. Арай эмискэ таһырдьа этиҥ этэр тыаһа лүһүгүрээтин кытары оҕолор хаһыытаһар саҥалара иһиллибитэ. Өрүүнэ «тыый, туох буоллахтарай» дии санаат, түннүк диэки одуулаһан эрдэҕинэ, ааны тыастаахтык тэлэйэ баттаан, Күннэй ытыы-ытыы дьиэҕэ сүүрэн киирбитэ.
Күөрэгэйдээх Өрүүнэ соһуйан:
– Туох буоллуҥ,