Скачать книгу

улууһун дьонугар ааҥнаабыта. Урукку кэмнэргэ бу туһунан аһаҕастык кэпсэтэр да бобуллар буолара, кэлин уларыта тутуу сылларыгар чурапчылары көһөрүү туһунан суруйуу элбээбитэ, ахтыылар бэчээттэммиттэрэ, Саха Республикатын Правительствота көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар чэпчэтиилэри көрбүтэ. Бэтэрээннэр теплоходунан, анаан-минээн, сэрии саҕана олорбут, үлэлээбит эҥээрдэринэн, эрэйи тэлбит сирдэригэр хаста да баран кэллилэр.

      Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы бу төрдүттэн алҕас дьаһал содула дьиҥнээхтик көстөн иһэр. Ону кытта көһөрүллүүгэ түбэспит чурапчылар тулуурдара, кытаанахтара, үлэһиттэрэ, хорсун санаалаахтара эмиэ ырааһыран тахсан кэлэр. Онно эбии бу көһөрүү дьон дьылҕатыгар дьайыыта, хоту олохсуйуу, аймахтаһыы эмиэ ситимнэнэр. Ол аата история бу чахчытын уус-уран айымньыга киллэрэн бөлүһүөктүү анаарар кэм кэллэ. Бу уустук соҕус сыалы-соругу бэйэтин иннигэр Василий Гоголев-Уйулҕан туруорунна. Кини – саха литературатыгар саҥа биллэн эрэр сонун аат.

      «Көһөрүллүү» жанрынан сэһэҥҥэ тардыһар. Сүрүн геройа Ньукуус олох ыарахаттарын санныгар сүгэн, эдэр сааһыгар дьиэ кэргэн туллар тутааҕа буолар. Кини олорор кэмин уустук тургутууларын өйдүү-ситэ сатыыр, сэһэн саҕаланыытыгар оҕотук бэйэтэ, түмүгэр сиппит-хоппут, өйүн туппут, олох аһыытын-ньулуунун билбит киһиэхэ кубулуйар… Бу барыта олус итэҕэтиилээхтик, киһини долгутар гына ойууламмыт.

      «Көһөрүллүү» өссө биир ураты суолтата – бу айымньыны эдэр, ол кэмнэр тустарынан истэн, ааҕан эрэ билэр киһи суруйбута буолар. Ол, мин санаабар, көлүөнэлэр ситимнэрин, саха дьонун бэйэтин историятыгар болҕомтотун туоһулуур.

      Мин «Көһөрүллүү» сэһэн чурапчылар эрэ ис туттууларыгар сылдьыбакка, саха литературатын эйгэтигэр бэлиэ, сонун көстүү быһыытынан сыаналанарыгар баҕарабын. Оннук да буолуо диэн эрэнэбин!

      Наталья Харлампьева,

      саха народнай поэта

      Өлөр өлүүнү кыайбыттарга

      Уйулҕан

      Сир дойду иинэ хатан,

      Уот кураантан умайан,

      Хайыта баран харааран,

      Ардах мэҥэ уутун сүтэрэн,

      Көлүкэлэрим, күөллэрим

      Биир таммах сиик баҕалаах

      Харааччы уолан хаппыттара.

      Сараһын үөнэ саранча

      Сирдьигинии сириэдийэн,

      Тимир тиистээх тэҥсигэ

      Алаастарым халдьаайытын

      Хайа салаан, хараардан,

      Өтөхтөрүм өҥүн өлбөөрдөн,

      Уолбаларым уйгутун

      Уораҕастаан, уоһуннаран,

      Ол сыллар уот сэрии,

      Уот кураан «кугас кунана»

      Хара буору хаһыйбахтаан,

      Хааннааҕынан дьөлө көрөн,

      Хаарыан дьоммун хаараан,

      Улуу сирдьитинэн сирэйдэнэн,

      Күүс өттүнэн күһэйэн,

      Оччотооҕу салалта салаҥ

      Ынчык ындыылаах ыйааҕынан,

      Хаан олбохтоох дьаһалынан

      Сор-муҥ субалаах уурааҕынан

      Холоруктаах хара дьуоҕар

      Хомуйа тардан, күүһүлээн,

      Кыһыл оҕотуттан саҕалаан,

      Иннилэрэ кылгаабыт аарымалары,

      Иннилэрин сирдэтинэрдэрэ суох

      Аар-архах буолбут кырдьаҕастары,

      Кыанардыын, кыамматтыын

      Үүрбэ сүөһүтүн курдук үүрэн,

      Үөс-батааска биэрбэккэ

      Иитэ сиэх иэдээҥҥэ,

      Аана суох алдьархайга,

      Күһэҥэй бөҕө күһэлэҥинэн

      Күһүҥҥү хахсаат түһүүтэ,

      Төлкө, түөрэх бырахпыт

      Төрөөбүт төрүт түөлбэлэриттэн

      Тэйитэн, ыраах араарбыттара.

      Муҥ суолун муннуларынан,

      Сор суолун сотолорунан солуу,

      Хоту дойду чысхааныттан

      Харыстаабат халтаҥ таҥастаах

      Алаас оҕолоро барахсаттар,

      Ол дойду уонунан көстөөх

      Улуу уораҕайдарын улаҕатын,

      Дойду сир бултуур тэрилэ

      Долгуппакка, тургуйбакка,

      Туос аччык, элэ-была сэниэлэрин

      Тоҕус көлөһүнүн тобуктарыгар тоҕон,

      Аҕыс көлөһүнүн сүүстэригэр аҕаан,

      Хаарыаннаах алаас дойдуларын

      Хатыҥ чараҥнарын ахтан,

      Ол чэҥ муус кудулу байҕал

      Уордаах кыыдааннаах тыынын

      Ала холорук сиксийэ сиэлэр

      Курдары үрэр тибиитигэр

      Буор куттарын булбакка,

      Салгын куттара сайҕанан,

      Ийэ куттара иэнигийэн,

      Туох буруйун-сэмэтин иһин

      Хааннаах харах уутунан

      Сууннаран, суорума суоллаан,

      Боҕутарга санаммыккыт буолла…

      Ити олох хабараан

Скачать книгу