Скачать книгу
күөнүнэн күөйэ көтүтэлээн, «уоскуйуҥ, мин көмүскүөм» диирдии, иһин түгэҕиттэн ыардык иҥэрсийэн ылара. Сиэллээх биэ эмиэ Харачааска көмөлөһөн, биэлэри күөйсэн бураллаҥныыра. Ол аайы Туоһахта ийэтин аттынан эмиэ ойуолаан эрдэҕинэ, ийэтэ, кыланарга дылы иҥэрсийээт, Туоһахтатын үөр диэки эһиллиэр диэри, мууһурбут хоҥоруутунан ойоҕоско кибилиннэрбитэ. Ол түгэҥҥэ туох эрэ дьаардаах сыт Туоһахта муннугар биллэн ааспыта, ону кытары аттынан киниттэн арыый намыһах туох эрэ кыыла хараҕа уотунан сириэдийэн, өһүөннээхтик чаҕылыҥнаан, кини хараҕын кытары кыл түгэнэ харсыһан ааспыттара. Туоһахта эт-этэ барыта дьигиһийэн, биллибэт дьикти сүүрээн сүрэҕин битигирэппитэ. Ийэтэ, кулгааҕын ньылатаат, ол күтүрү сытыы туйахтарынан сиирэ-халты табыйбыта, онуоха ол харамай туора ойбута. Үс аһыҥастаах кыыллар сибиэннээх, уоттаах харахтара чаҕылыҥнаһан, үөртэн биир эмэ кулунчугу дуу, биэни дуу үргүтэн, быһа анньан ылаары, төгүрүччү сүүрэн сундулуспуттара. Туоһахта туох ааттаах ити кинитээҕэр намыһах сур кыыллартан куттаналларын дьиктиргии саныыра да, син биир эт-этэ саласпыта. Үчүгэй атыыр маннык түгэннэргэ үөрүн көмүскээн, Сиэллээх биэтэ тэҥҥэ охсуһар буоллахтарына, сүтүктэммэккэ быыһаналлара. Харачаас обургу түөрт түөрэм туйахтарынан табыйан, тэбиэлэнэн, сытыы тииһинэн лаҕырҕаччы хабыаланан, сиэлэ өрө бураллаҥнаан, дьулаан киэбин ылынан үөрүн эргийэ атаралаан, охсуһан бурҕалла сылдьыбыта. Лэгиэн кырдьаҕас, мындыр сылгыһыт, күһүн үөрү хаһыыга үүрүөхтэрин иннинэ, Харачаас кутуругун сорох утахтарын өрбүтэ. Дьэ ону билбэккэ биир аһыҥастаах Харачааска ыстанаары сыыһа туттан, кутуругу хабан аһыытыттан иилистэн, арахсаары мөхсөн тилигирэйбитэ. Харачаас дьилэй-муос сытыы туйахтарынан аһыытыттан иилистэн соһулла сылдьар кыыл эҥил баһын, сымыыт хаҕын курдук, хампарыта тэбиэлээн кэбиспитэ. Ити дьулаан хапсыһыыны көрө охсон, атын аһыҥастаахтар дьаадьыйан, тыас хомунар аатыгар түспүттэрэ. Оттон били кыыл Харачаас кутуругар иилистэн, хаанынан хардыргыы соһуллан сылдьымахтаһан баран, кэмниэ-кэнэҕэс арахсан хаарга умса түһэн сытан хаалбыта.
Амырыын түүн кэнниттэн Туоһахта олоҕор улахан үөрэҕи ылбыта. Уоттаах харахтаах кыыл сыта муннугар үйэтигэр сүппэттии иҥэн хаалбыта. Харачаас үөрүн ити алаастан атын алааска көһөрөргө күһэллибитэ. Инньэ гынан, Сиэллээх биэ бастаан, атын биэлэр батыспыттара, оттон Харачаас кэннилэриттэн, үөрүн күөйэн былыргы омоох ыллыгынан, хаара арыый оҥхоччу түһэн чарааһаабыт сиринэн халдьаайы сыырын дабайан, бары субуруһан тахсан бара турбуттара. Туоһахта куттаммыта ааһан биэрбэккэ, били дьаардаах сыт кэлээрэй диэбиттии, оччугуйкаан таныыларын тардырҕахпахтаталаан ыла-ыла, ийэтин ойоҕоһугар сыстыаҕынан сыстан хаампыта. Арай эмискэ аттыттан туох эрэ үрүҥ дьүһүннээх, уһун кулгаахтаах харамай сүрэҕэлдьээбиттии ойуоккалаабытыгар соһуйан, кута көтө сыспыта. Ийэтэ, хата, онно эрэ кыһаллыбат, онтон эр ылан Туоһахта уоскуйа быһыытыйбыта. Ити дьулаан түүнтэн ыла аны туохтан эрэ тэһииркээтэҕинэ, ийэтигэр
Скачать книгу