ТОП просматриваемых книг сайта:
Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан
Читать онлайн.Название Туоһахта уонна Лэкиэс
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-5858-7
Автор произведения Василий Гоголев-Уйулҕан
Издательство Айар
Улахан харыйа кэннигэр сөрүөстэн, дьэ кулунчугу сирийэн одууласпыта. Оо, барахсаныы! Сабыс-саҥа төрөөн, бу Орто дойду сааскы дьыбардаах чэлгиэниттэн дьагдьайан дьигиһийэн ыла-ыла, ийэтигэр сыста түһэн, эмсэх көрдөөн булаат, эрчимнээхтик соппойон барбыта. Кутуругун оҕото, били ыттара Баһырҕас Лэкиэс оскуолаттан кэлэн төбөтүттэн имэрийдэҕинэ, кутуругун хамсатарын курдук, туора-маары оонньохолуура. Туоһахта. Туоһахта диэн мичээр сыдьаайдаах Лэкиэс сирэйэ сааскы күн намтаан эрэр суһумугар сандаара кыыспыта.
Лэкиэс хамсатын тэбии-тэбии, олоҕун ол ааспыт кэмин, Туоһахтата төрөөн күн сиригэр кинини эҕэрдэлиирдии, сип-синньигэстик кистээн дьырылаппытын санаан, үөһэ тыынан ылбыта.
Ити дойду үрдүнэн репрессия саҥа ааҥнаан эрэр ынырык дьыллара, 1937 сыллаахха бадахтааҕа. Оо, кэм-кэрдии ырааппыт да эбит…
Туоһахта маҥнайгы түүннэргэ олустук дьэгдьийбитэ. Ийэтэ, дулҕалаах, үөр хаһыыта таарыйбатах, тыал охсубат күлүк сиригэр хаары хаһан оту таһааран, сытан сири ириэрэн, Туоһахтаны онно сытыаран хоннороро. Сөп-сөп аттыгар сытан, сылаас суоһунан ириэрэн ылара. Бэйэтэ түөрт атаҕын үрдүгэр туран утуйара. Саха сылгыта, Дьөһөгөй оҕото барахсан, оннук дьикти айылгылаах айыллыбыт буолан, бу кыыдааннаах кыһыннарга аһаҕас халлаан анныгар тулуктаһар. Бэл, сүрэҕин тэбиитин бытаардан, тыынарын аҕыйатан, бэйэтиттэн итии салгын тахсыытын аччатар, түүтэ көҥдөй, хойуу буолан тымныыттан көмүскэнэр. Өссө биир сүрүнэ – тириитин иһинэн тас сыата бүрүөһүн буолан, хайдахтаах да тымныыны тулуйарга анаммыт. Ол сиэринэн Туоһахта ийэтин иҥэмтэлээх үүтүнэн эмсэхтэнэн, түргэнник бороохтуйбута. Ийэтин кэнниттэн өкчөччү туттан, байааттаҥнаан ыла-ыла, батыһан үөргэ тиийбиттэрэ. Харачаас уолун көрөн, ыраахтан иҥэрсийэн эҕэрдэлии тоһуйбута. Чугаһыыр бокуой биэрбэккэ, үрүҥ хаары өрө ытыйан, хара сиэлэ үрэллэҥнээн утары сүүрэн кэлбитигэр Туоһахта дьулайан, кутуругун кэнники атахтарын икки ардыгар кумуччу тардынан, кулгааҕын ньылатан, көмүскэтиэҕэр, ийэтин хонноҕун анныгар, сыстыаҕынан сыстыбыта. Онтон ийэтэ дьоһуннаахтык туттан хаамарын тохтоппотун иһин уоскуйа быһыытыйбыта. Харачаас Сиэллээх биэтигэр хаары күрдүргэччи кэһэн кэлэн, аттыгар тохтуу биэрбитэ, сииктээх муннунан арҕаһыттан ньуххайталаабыта. Онтон оччугуйкаан уолун оргууй сэрэнэн туоһахтатыттан сытырҕалаан ылбыта уонна хатыылаах тылынан кулгааҕын кэнниттэн салаамахтаталаат, аҕалыы нүһэрдик иҥэрсийэн ылбытыгар Туоһахта сүрэҕэ сэлибирээн, бүдүрүйтэлээн, байааттаҥнаан ылбыта. Оо, бу сир үрдүгэр олох диэн кэрэ да эбитин оччугуйкаан сүрэҕинэн ылынан, бэйэтэ да билбэтинэн, быыппастан оонньохолоон