ТОП просматриваемых книг сайта:
Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан
Читать онлайн.Название Туоһахта уонна Лэкиэс
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-5858-7
Автор произведения Василий Гоголев-Уйулҕан
Издательство Айар
– Хааччах аанын аһа оҕус, – диэн соруйбута. Түөрт бөҕө сиэрдийэлэринэн сабыллан турар хааччах аанын хачаайы баҕайы уол ыксаан тардыалаһан, аллараа икки сиэрдийэни бэрт эрэйинэн субуйан аһаат, үөһээҥҥилэри ыксаан хаалан сатаан аспакка булумахтана турдаҕына, Лэкиэс күрүөҕэ сыстан хапсаҕай үлүгэрдик Туоһахта көхсүгэр хатана түһээтин кытары, аҕата туомтуу бааллыбыт кэлгиир быаны төлө тардан кэбиспитэ.
Туоһахта көхсүгэр сүгэһэр буолбут, агдатын кытаанахтык кыпчыйбыт харамай, үүн тимир уостуганынан икки дьабадьытыттан ыарыылаахтык эҥил баһын хантаччы тардыбыта. Өрө холоруктуу сылдьар Туоһахтаттан куттанан аан аһааччы үөһээ сиэрдийэтин ситэ субуйбакка туора ыстаммыта. Лэкиэс тула холоруктата сылдьан хааччах аанын диэки салайа тардаат, Туоһахтаны ыарыылаахтык тимир иҥэһэтинэн быттыкка тэбэн кибилиннэрбитэ. Ону сэргэ үүнүн ыытан кэбиспитэ. Туоһахта барахсан үс үүт сиэрдийэ үрдүнэн көтөн күдээриппитэ. Уорҕатыгар кытаанахтык хатаммыт харамайы быраҕаары араастаан иннинэн-кэннинэн мөҕөн көрбүтэ да, били баҕайыта агдакатын өссө күүскэ кыпчыйбыта. Туоһахта тыынын тууйар быаттан төлөрүйэн, сүһүөхтэрэ кычыгыланан икки атаҕар өрө тураат, икки инники туйахтарынан күһүҥҥү чэлгиэн салгыны хайыта табыйбахтаан эрдэҕинэ, быттыктарын тимир иҥэһэ ыарыылаахтык тэппитэ. Онтон соһуйан, Туоһахта ньохчос гынаат, эт-этэ барыта күүрэ түһээт, иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Кини өйүгэр эмиэ да кэлгиллэн турбут хааччаҕыттан көҥүлгэ көтүү үөрүүтэ, эмиэ да көхсүгэр миинэн иһэр харамай кулгааҕын аттыгар сатарыччы күлэр саҥата, сылаас ытыһынан күндүл күөкэгэр моонньуттан таптайар эрчимнээх ытыстара барыта үлтү ытыллан хаалбыта. Аны дьабадьытын уҥа-хаҥас тардыалаан салайан, баҕарбытын хоту ойуолаабатын өйдөөбүтэ.
Оо, Лэкиэс барахсан, Туоһахта өтөрүнэн сэллэммэтэх сиэр сиэлэ сирэйин быһыта сынньарын аахсыбакка, Манчаары мохсоҕол, күндүл айаас күөх көҕөччөр соноҕоһунан, Улуу добдурҕаны силлиэлээхтик силэйэн, Күөх Кэтириинэтигэр көтүтэн эрэрин санатан, хаар иһэхтэринэн тамнааттанан, үрүҥ күн диэки ойута турбута. Оо, икки атах барахсан уонна сүүһүгэр күн суһума күлүмүрдүү чаҕыллар Дьөһөгөй оҕото Туоһахта бу добдурҕа дьыбардаах киэһэ олохторун маҥнайгы кэрдиис кэмнэрин харалҕаннаах сүүрээнэ эдэркээн сүрэхтэрин уйуһута тиҥиргэппитэ…
Дьэ ити курдук Туоһахта өтөрүнэн уһуллубат бас быатын сулары кэтэн, көҥүлэ күөмчүлэнэн, айааһанан Лэкиэс илиитигэр киирбитэ.
Лэкиэс сааһа ситэн, Сэгэйик диэн таптал ааттаах бииргэ үөрэнэр кыыһын кытары бодоруһан, хам-түм атын оҕолор көрбөттөрүнэ, истиҥник мичээрдэһэн аасыһар буолбуттара. Сэгэйик ааттаах уус оҥорбут дьикти кэрэтик эҥсиллэ дьүрүһүйэр хомустааҕа. Лэкиэс бастаан ол хомус тыаһын истээт, олус соһуйбута. Оҕо эрдэҕинэ, эбэтэ тардарын истэрэ. Биирдэ оскуолаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин сүүрбэ үс сылын көрсө кэнсиэр көрдөрөөрү бэлэмнэнии буолбута.