ТОП просматриваемых книг сайта:
Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев
Читать онлайн.Название Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит
Год выпуска 2018
isbn 978-5-7696-5421-3
Автор произведения Василий Яковлев
Издательство Айар
– Бу симиэт оҕонньоро уон араас буолан эрдэҕин көр эрэ! Иирээри гыммыт дуу, киһинэн оонньуур дуу? Бу бачча кыс хаар ортото ол хантан кэлбит кыыл олорбут үhүө?! – эмээхсин, оҕонньорун мөҕөн кутаалаамахтаан баран, кэлин сымнаата. – Сорох күнү быһа киирэр-тахсар да, суох, көрбөппүн дии. Хайа, хараҕыҥ иирэрэ буолаарай?
Оҕонньор эмээхсинэ этэрин истибэт курдук кэпсии олордо:
– Барбат кыыл булбут быһыылаах. Санаа-оноо бөҕөҕө баттаттым. Түүн аанньа утуйбат буоллум. Түүл-бит да бөрөкүтэ суох. Хайдах-хайдах кыстаан туораахтыырбыт буолла быйыл?
– Айыыны caҥapбa, күтүөр! Эн биһигиттэн, аны кэлэн, туохпутун булан сиэри манаан олорор үһүө? Барардаах-кэлэрдээх буоллаҕына, бараа-кэлээ ини.
Онтон киэһэ оҕонньор муннунан да, айаҕынан да тыыммата. Арай утуйарыгар таһыттан Баһырҕаһын ыҥыран киллэрдэ. Аанын хатыы туран:
– Күнүс киһи cyoҕap, сэрэнэн, далгар хараххын быраҕа сылдьыаҥ этэ. Ытыҥ хааллаҕына, ыккын эмиэ көрө сырыт, – диэтэ. – Уонна, бaҕap, түбэстэххинэ, куттуу, дьаҕарыйа, боотурҕаһа сылдьаайаҕын… Бу икки атахтан кини күлүгүн быһа хаампыт суох буолуо. Дэлэҕэ көтөр кынаттаахтар ыраахтааҕыларынан аатырыа дуо? Сырыттын талбытынан. Биһигини бэйэбитин эрэ тыыппатын. Сүөһүбүтүн-аспытын аймаабата буоллар абырыа этэ.
Сарсыныгар Микииппэр оҕонньор эрдэлээн, атах тардыстаары, атын көлүнэн, сохсо туруора тахсан баран, хараҥа буолтун кэннэ ыкса киэһэ киирдэ. Өссө тыа быыһынан балаҕана элэҥнээн көстөр сиригэр кэлээтин оһоҕун үөлэһин одуулуу сатаата да, тоҕо эрэ кыым кытыастыбат. Түннүккэ даҕаны уот-күөс баар сибикитэ биллибэт. Ону төһө да атыҥырыы санаатар, сыарҕатын туруохтаах сиригэр, кыбыытын айаҕар аҕалан тартарда. Атын сыбыдахтаата, тиистээх кымньыытынан кырыатын соппохтоото. Ол туран тиитин көрбөхтөөтө да, xapaҥa буолан, хараҕа тугу да быһааран араарбата.
Дэлби дьагдьайан, тиэтэйэ-саарайа дьиэтин ааныгар тиийэн, үгэһинэн кырыатын илбиммэхтээн, ыт үтүлүгүнэн сыарҕаҕа кэтэр сылгы тыһа этэрбэһин тэбэммэхтээн, «таарк» гына сыыҥтаамахтаан баран, атын сэбин-сэбиргэлин туппутунан, дьиэтигэр тарыллаҥнаан киирбитэ, дьиэтин иһэ хабыс-хараҥа, дьар курдук. Оҕонньор сүрэҕэ мөҕүллэҥнээн ылла. Баҕыаран хаалбыт тарбахтарынан оһоҕун чанчыгын харбыалаан, сыпсы булан, чох тарыйбахтаата. Оттуллубута быдаарыйбыт, аҕыйах кыһыл туораахтаах күл эрэ хаалбыт. Илиитин иминэн кыс муннуктан хардаҕастары ылаттаан, ohoҕop уурталаан эрдэҕинэ, эмээхсинэ оронугар эргийэр тыаһа суугунаата.
– Хайа, дьэ кэлээхтээтиҥ дуу? Өр да буоллуҥ!.. – диэтэ ынчыктыы-ынчыктыы. – Мин бу мааҕын күнүс охтубуппунан сытабын. Сэниэм суох букатын.
– Ол аата тyox буоллуҥ?
– Били кыылбыт сүрэхпин хайытан өлөрө сыста. Сарсыарда ээр-сэмээр көрүөлээн көөртүм да, ол балайданаммын таба көрүөм дуо, суохха дылы этэ. Өссө барбыт буоллаҕа диэх курдук санаабытым. Күнүс, чэйбин иһэн баран, сүөһүлэрбин уулата үүрэн киллэрбитим, арай ойбонноругар чугаһаан баран тураллар. Сиргэммит курдук үмүөрүһэллэр. Туох буоллахтарай диэн тиийэн көөртүм, доҕоор, били кыылбыт бэйэлээх бэйэтинэн ойбон бүүрүгэр олорор аҕай