ТОП просматриваемых книг сайта:
Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит. Василий Яковлев
Читать онлайн.Название Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит
Год выпуска 2018
isbn 978-5-7696-5421-3
Автор произведения Василий Яковлев
Издательство Айар
Киирэн, оччо саҥата-иҥэтэ суох, уку-сэки соҕус ahaaтылар. Күн киэһэрэргэ барда. Онон оҕонньор тиэтэйэ-саарайа далыгар тахсар, сүөһүлэрин уулатар, эмээхсин иһин өрүсүһэр, сууйар-тарыыр буолла.
Оҕонньор тахсыах буолта – ааныгар Баһырҕаһа кэлэн, кэннинэн ыга анньыллан олорор эбит. Ону мөҕө-мөҕө, халҕанынан курулаччы үтүрүйэн, таһырдьа тахсыбыта, арай ыта aтaҕap сөрүөстэ сылдьар, кутуругун кумуччу туттубут, иһиллэр-иһиллибэт гына иһигэр ыйылаамахтаан ылар.
– Баҕайы, хайа үөдэн буолтуй, доҕоор? Дэлби ону-маны маҕыйан, иһэ адаарыйдаҕа дуу тугуй? – дии-дии, аанын сэгэтэн баран, ытын атаҕынан үтүрүйэн, иһирдьэ анньан кэбистэ.
Чигдитигэр аҕыйах атылы oҥopooт, cohyйан, чохчорус гына түстэ. Олбуорун хаҥас өттүттэн, хаар бөҕөнү сахсыйбытынан, күтүр бэйэлээх көтөн быластаан тахсыбат дуо?
– Оо, айыым таҥарам! Бу күтүрү, бу күтүрү! – дии-дии, чохчорус гына-гына, икки илиитинэн өттүгүн таһыйа турар эбит Микииппэр оҕонньор биирдэ өйдөнөн кээлтэ.
Һуу! Сүрэҕэ мөхсүбүт, уйулҕата хамсаабыт да эбит. Бу туох айылаах буолан бачча соһуйдаҕай, уолуйдаҕай? Бачча сааһыгар диэри урут маннык дьаабыламмытын өйдөөбөт этэ эбээт! Туох эмэ битэ-билгэтэ буолуох бэйэтэ дуо?.. Пахайбын да! Үтүө көтөр ааттаах буолан баран, аны элиэҕэ-тураахха дылы киһи бырахпыт куһаҕанын хомуйса сылдьар дуу? Күтүр, туох аанньа кэмэлдьилээх баҕайы сылдьар үhүө, итинник буоллаҕына… Оо, айыым таҥарам! Аанньаҕа өҥөйбөтө быһыылаах бу хара түөкүн мин тиэргэммин! Аанньанан арахсан биэримээри булла быһыылаах!
Оҕонньор, аҕылыы-аҕылыы, олбуорун ааныгар өйөнөн турда.
Ол икки ардыгар тойон кыыла, ырааппакка санньы көтөн нэлимнээн кэлэн, иннин күөйбүт курдук, далга барар суолун чэригэр дагдас гына олоро түстэ.
«Бу күтүрү, доҕоор! Ити хайдах-хайдах буолар быһыытай? – дии санаата оҕонньор, ону көрөн туран. – Аны уҥуох туттараары сыҥалана сылдьар баҕайы эбит буолбаат!»
Былыр инньэ диэни истэр этэ. Ол онтон, хайдах эрэ, арыый чэпчии быһыытыйда: «Бэйи, ити буоллаххына, хайыыр эбиккиний, мин эйиэхэ оргууй чугаһаан көрүүм. Оттон сыҥаланан олорор күннээх буоллаххына, саабын таһааран көрүөм буоллаҕа».
Микииппэр, оргууй сүллүгэс быыһынан кыбыллан, олбуорун аанын тахсаатын кытта кыыла, саараабыт курдук дугдуҥнаамахтаан баран, көтөн налыҥнаан тахсан, били урукку тиитин төргүү мутугар тиийэн, суодас гына хатана түстэ. Уонна моонньун ньыкыччы тардан, төбөтүн бүтүннүү көхсүгэр эргитэн баран, хамсаабакка кинини одуулуу олордо.
«Бөрүкү уҥуох туттарарга кыһаллыбат тойон ээ, быһыыта…» – диэн саныы-саныы, оҕонньор, далыгар тиийэн, cүөhүлэрин таһаартаата. Кыбыы иһигэр, аҥаар муннукка долборук оҥорон, онно тутан турар, миинэр атын сиэтэн таһааран, ойбон диэки сукуҥнаата.
Атын уулатан тахсан иһэн көөртө, көтөрө мааҕын түспүт мутугар хамсаабакка олорор. Киһи чугаһаан иһэр диэн бэрт кыһаллыах быһыыта биллибэт. Кыбыы иһигэр