ТОП просматриваемых книг сайта:
Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх. Ульдаа Харалы
Читать онлайн.Название Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6092-4
Автор произведения Ульдаа Харалы
Издательство Айар
Ыаллар утуйбуттар, онон-манан биирдиилээн түннүк уота кылайар. Витя ол уоттарынан сирдэтэн, төннөн иһэн, сөптөөх хайысхатын сүтэрэн кэбиһэр. Биир олбуортан обургу ыт тахсан, сыыһа-халты хабыалаабытыгар, хантан кэлбит түргэнэ буолла, олбуорунан ыттан, кыра хоспох үрдүгэр ойон тахсар. Ыт олустаабытыгар, дьиэттэн дьахтар тахсан, үөхсэ-үөхсэ, хата, ытын баайар.
– Шныряют тут, всю ночь, ироды!
Оннук муна-тэнэ, дэриэбинэ ытын барытын уһугуннаран, дуолан моргуору таһаара сырыттаҕына, хантан кэлбиттэрэ биллибэт, икки уол барыс гына түһэллэр. Кинини бастаан охсон-тэбэн көрөллөр, ол кэннэ, Витя кыайан сөптөөх харданы биэрбэтэҕэр, үөс батааска бэрдэрбэккэ, быһыта сынньан кэбиһэллэр…
Итини барытын, хайдах баарынан Витя кэпсээбэт. Кыргыттарга сылдьыбытын, төннөн истэҕинэ саба түһэн кырбаабыттарын, «хаһыалара биллибэтин» эрэ кэпсиир.
Өйдөрүн-төйдөрүн булунан, сүбэлэһэн көрбүттэрэ, бу түүн ол күлүгээттэри булуо суохтар. Таах дэриэбинэни аймаан, туһата суохха сата баһын тардыахтара. Ол эрээри төрдө-ууһа суох кырбанан хаалар эмиэ сатаммат.
– Сарсыарда сэбиэттэригэр тоҕо сууллан тиийэн, ол кырбаабыт дьону булуҥ диир баҕайыбыт дуу? – диир Слава, толкуйга түһэн.
– Хата, оннук дьаһанар эбиппит. Буруйдаахтары булан, эппиэккэ тарда иликкитинэ, үлэҕэ тахсыбаппыт диибит, – Гена харахтара лаампа уотугар суостаахтык килбэлдьиһэллэр.
– Чэ билигин, киһибитин балыыһаҕа көрдөрөн, ыспараапка ылыаҕыҥ. Баҕар, олохтоохтор бэйэбитигэр баайсан туруохтара, «соҕотох нууччалаахтарын кырбаан баран, биһиэхэ балыйдылар» диэхтэрэ…
– Оннук-оннук, – уолаттар Слава ыллыктаах тылларыттан санаалара көнөн барар.
Аны балыыһалара ханна баарын хайалара да билбэт. Дьукаахтартан бас-көс киһилэрэ, Костя дэнээччи, балыыһаны билэр эбит. Бу киһилиин балачча дьээриктэһэн, Слава аһыллыбатах биир хаа «Приманы» биэрэн, сирдьитинэн илдьэ бараллар.
Хатыылаах ааны дибдийэн астаран, дьуһуурунай сиэстэрэни ойутан туруоран, уолларын эмтэтэллэр. Биэлсэри ыҥыртаран, ыспыраапка суруйтаран ылаллар.
Сарсыарда Слава үөгүлээн, тардыалаан, уолаттары бэрт эрэйинэн туруортуур. Арбы-сарбы көрүҥнээх, сууммута, хомуммута буолан эрдэхтэринэ, Василий Васильевичтара кыырыктыйан эрэр баттахтаах, бады-сады көрүҥнээх нуучча киһитин батыһыннаран киирэр. Бөлүүҥҥү айдааны истибиттэр. Сааһырбыт нуучча сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ эбит. Кэпсэтии түмүгэр уолаттар үлэлии тахсалларын, Телятников сельсовекка барсан, көрдөрүү биэрэрин быһаараллар. Участковай Амматтан иһэр үһү.
Кырдьык, ити күн буруйдаахтары булаллар. Тохсус кылааска үөрэнэр, саастарын ситэ илик уолаттар кырбаабыттар. Кинилэртэн биирдэһэ милииссийэ учуотугар турар, иккиһэ бу буруйунан учуокка ылыллыа үһү. Телятников прокурорга дьыала түһэрэр түбэлтэтигэр, киниэхэ кастет суола баарынан, кастеты туттубуттара дакаастаннаҕына, буруйдаахтар оҕо холуонньатыгар түбэһиэхтэрин сөп. Биирдэһэ, сааһынан балыһа, үс оҕолоох аҥаардас ийэ улахан оҕото. Аҕалара икки сыллааҕыта, итирэн сиргэ