Скачать книгу

интэринээккэ киирэллэригэр ылаттаабыт сэбиэдиссэй барбыт, саҥа сэбиэдиссэй кэлбит үһү диэн иһиллэр. Ол уруккулара быстах биир ый солбуйбут эбит. Кыырыктыйан эрэр будьурҕай баттахтаах, киэҥ арылхай харахтаах саҥа сэбиэдиссэй Евгения Федоровна бастаан олус кытаанах педагог курдук көстүбүтэ.

      Биир киэһэ оскуолаттан олус аччыктаан кэлэн, (иккис сменаҕа үөрэнэллэр) туһунан дьиэлээх остолобуойдарыгар тэбинэллэр. Ас биэрэр ааннара сабыылаах. Аһыллыахтаах кэмэ балачча ааспыт, тоҕо эрэ аспаттар.

      – Аһыҥ-аһыҥ, хойутаатыгыт!

      – Умираем с голоду! – уолаттар ааны тоҥсуйан лабыгыраталлар.

      Иһирдьэттэн харда мэлигир.

      – Аһыҥ диибит дии! – Сима ааны тэбэн «лүҥ» гыннарбытын өйдөөбөккө да хаалар.

      Дьэ, иһирдьэ айдааран турбаттар дуо! «Тэптигит» – хайаҕаһынан көрөн турбуттар эбит. Биир дьуһуурунай кыыс, аспакка, аан бүтэй этиһэ турар. Ол кэмҥэ балачча кыыһырбыт сэбиэдиссэй киирэн кэлэр. Иккис кыыс анараа, таһыттан киирэр аанынан сүүрэн тахсан, сэбиэдиссэйгэ үҥсүбүт эбит. Куорат интэринээтэ икки этээстээх икки мас дьиэлээх: кыргыттар уонна уолаттар куорпустара. Манна нуучча, саха итиэннэ араас омук оҕолоро олороллор. Иккис нүөмэрдээх оскуолаҕа аһыллыбыт физика-ахсаан кылаас оҕолоро, оройуонтан кэлбиттэр бу интэринээккэ ылыллыбыттар. Сима көрдөҕүнэ, нууччалар олус айдааннаахтар, этиһииктэр, аны бу хобуоччу эбиттэр…

      Сэбиэдиссэй, үрдүкү кылаас оҕолоро бэрээдэккэ, култуураҕа холобур буолуохтаахтарын, кыралары көрө истэ-сылдьыахтаахтарын оннугар, подача аанын атахтарынан тэбиэлии сылдьаллара сиэргэ баппатын этэн туран, ким тэппитин ыйытар.

      Мөҕүллэ турар түөрт уол сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр.

      – Мин… – Сима күөмэйэ хатан хаалбыкка дылы.

      – Эн, эн кимҥиний?

      – Унаарап Симабын.

      – Подача аанын атаххынан тэптиҥ? Биһиги эйигин интэринээттэн таһааран кэбиһиэхпит.

      – Тэптэ дуу, оҕуста дуу?

      – Биһиги бары тоҥсуйбуппут, – дии охсор табаарыһа Ваня.

      – Суох, ону ыйыппаппын. Унаарап охсубута дуу, тэппитэ дуу?

      – Ну, стукнул, кулаком… – Ваня иэдэстэрэ кытарар.

      – Унаарап, тэптиҥ дуу, оҕустуҥ дуу?

      – Тэппитим… – Сима олох буорайан турар.

      Дьэ, хаарыаннаах интэринээтиттэн көттө быһыылаах. Саат.

      – Унаров, эйиигин кытта туһунан кэпсэтиллиэ. Аһылык кэнниттэн миэхэ киириэҥ, онно кэпсэтиэхпит! – сэбиэдиссэй тимирдийэн хаалбыт саҥата иһиллэр.

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

/9j/4AAQSkZJR

Скачать книгу