ТОП просматриваемых книг сайта:
Сэһэн, кэпсээннэр. Тимофей Сметанин
Читать онлайн.Название Сэһэн, кэпсээннэр
Год выпуска 2014
isbn 978-5-7696-4354-5
Автор произведения Тимофей Сметанин
Серия Саха суруйааччылара – оҕолорго
Издательство Бичик
Оттон бүгүн буоллаҕына буобар Бычков немец снайперыттан өссө улахан иэдээҥҥэ тиксибит. Термос диэн, киһи сүгэн кэбиһэр улахан тимир иһитигэр тобус-толору итии миини сүгэн баран инники кирбиигэ кэлэн истэҕинэ эмискэччи немец снайпера ытыалаабыт. Сыылан окуопаҕа киирэн истэҕинэ буулдьа термоһы тобулу көппүт, итии миин Бычков үрдүгэр тохтубут.
Икки ботуруону буулдьаларын уһулан ылан, термоһын бүөлээн баран кэлбит. Кэлэн биһигини – снайпердары көрдөөн булбатах.
– Тугу гыналларый биһиги снайпердарбыт. Хааһыны сииргэ эрэ бэттэр. Мин кинилэри полковникка этиэм, – диэн баран барбыт.
Бу баран бараммыт биһиги мээнэ кэллэхпитинэ, буобар Бычков өссө тугу туойуо биллибэт. Кырдьык да куһаҕан, биир снайперы таба туппат диэн…
Инники кирбиини ааһан бөөлүүн бэлэмнээбит сирбитигэр кэллибит, хаспыт сирбит тулатыгар бэҕэһээ тэпсиллибит оттору туруорталаатыбыт. Кэтэххэ таһыллыбакка хаалбыт буор тобоҕун отунан сабан саһыардыбыт.
Халлаан сырдаан эрэр, өстөөх икки биһиги икки ардыбытыгар үрүҥ туман үллэн турар.
Гурьянов баран биир связистыын сибээс тардан аҕаллылар, телефон туруордулар. Биһиги дьоммутун кытта сибээстэһэ олорор кыахтанныбыт.
Туман көппүтүн кэннэ күн уоттанан мастар төбөлөрүгэр ойдо. Биһиги иннибитигэр бары барыта үчүгэйдик көстөр. Ыраах – өстөөх окуопаларын хара дьирбиилэрэ сыталлар.
Дэриэбинэ сэмнэҕин кэтэҕинэн сүгэһэрдээх үс немец мастартан мастарга хаххаланан, онтон оҥхойго дуу, хаһыллыбыт сиргэ дуу киирэн сүтэн хаала-хаала, саһан баран эрэллэр. Инники кирбииттэн тыаҕа тахсаллар быһыылаах.
– Табаарыс лейтенант, 16-с ориентирга үс немец баар, ытабыт дуо? – диэн телефоннаатыбыт.
– Суох. Өстөөх инники эҥэрин кэтэһиҥ, ол эһиги учаастаккыт. Атын учаастагы кэтэһимэҥ.
Оҥхойтон тахсан иһэн үс немецтэн кэнникитэ охтон түстэ, икки инники немецтэр эргиллэн истэхтэринэ, биирдэрэ эмиэ оҕутта. Үһүс немец ойон иһэн умса хоруйа түстэ.
– Биһиги уолаттарбыт үлэлииллэрэ ырааһын, оттон эн биһикки?
– Атын учаастагы кэтэһимэ…
Өстөөх окуопаларыттан икки сүүс метр бэттэх хойуу оттоох, онно-манна талахтардаах томтор хотойон түһүүтүгэр биһиги харахпыт хатанна.
Күн өссө да илиҥҥилии-соҕуруу турар, ол аата, кэннибититтэн тыгар, онон биһиги, бинокль тааһа күлүм гынан биһигини уган биэрэриттэн куттаммакка, улаатыннарар албастаах тааһынан көҥүл туттабыт.
– Көрдүҥ дуо, уҥа диэкиттэн үһүс талах төрдүгэр буруо бурҕас гынна?
– Иккис икки үһүс икки талахтар икки ардыларынан.
– Сөпкө этэҕин.
Хайдах да кэтэһэн, кыҥастаһан, киһи ытыах сыалын кыайан булбатыбыт. Сотору буола-буола атын сирдэртэн буруо бурҕачыс гынар.
– Табаарыс лейтенант, – диэн Гурьянов телефоннаата, – сэттис ориентирга баар талахтар төрдүлэриттэн немец снайпера куруук ытыалыыр да бэйэтэ