ТОП просматриваемых книг сайта:
Сэһэн, кэпсээннэр. Тимофей Сметанин
Читать онлайн.Название Сэһэн, кэпсээннэр
Год выпуска 2014
isbn 978-5-7696-4354-5
Автор произведения Тимофей Сметанин
Серия Саха суруйааччылара – оҕолорго
Издательство Бичик
– Иитиилээх, – диэтэ оҕонньор, – бачча киһи киһини дэҥниэ буоллаҕай! Тоойуом, өрө тутан ис.
Икки уостаах саа барахсан. Дьиэбэр маннык сэгэттэйим хаалбыта. Үстүү-түөртүү хааһы биирдэ тэптэрии… Көтөн иһэр куһу төбөтүн хампы ытыы…
Инним диэки көрө түспүтүм – биир куоҕас үрэхтэн өрө көтөн чолоһуйан иһэр. Икки өттүбүттэн ыга олорон иһэллэр. Көтөн иһэр көтөрү кырыыбалыы ааһан истэҕинэ, эбэтэр төбө үрдүнэн ааспытын кэннэ ытыллыахтааҕа, ол массыынаҕа истэххэ табыллыбат. Ыллым да, куоҕас уун-утары көтөн талыбырайан истэҕинэ, ыттым. Өлүү болдьохтоох, өс тоҕоостоох диэбиккэ дылы, куоҕас умса хойуостанан массыына аттыгар түстэ.
Саам быыһа лейтенант иилэ быраҕыммыт плащ-палат- катыгар түһэн сиэн эрдэҕинэ били кинини кытта кэккэлэһэн испит биригэдьиир кыыс умуруорда.
– Сааны биэр! – диэтэ лейтенант уонна киһи кыыһырдаҕына көрөр хараҕынан миигин көрдө.
– Көр эрэ, бу оҕо кыраҕытын, көр эрэ, бу куоҕас эмиһин! – диэтэ, түһэн куоҕаһы ылбыт, саалаах оҕонньор. «Сааҕын ыл» диэн мин имнэнэрбин истибэт.
– Барыҥ! – диэн лейтенант шоферга хаһыытаата.
Оҕонньорго саатын биэрдим.
– Куоҕаһы эмиэ ыл.
– Баһыыба, биэбэкээм, баһыыба! – диэмэхтээтэ оҕонньор, – хантан кэлбит барахсаҥҥыный?
– Саха сириттэн.
– Ээ, ол иһин сэрэйбитим. Сахалар төрүт удьуор булчут аймахтар. Дьэ буоллаҕа, фашиһы баҕас бу курдук. Төбөтүн… Һ. Һэ-һэ…
– Фашиска да тиийиэхпит, – диэтэ ким эрэ.
Сотору массыынаттан түстүбүт, колхозтаахтар ааһа айанныы турдулар. Бэйэбит суолбутунан бараары, стройга турдубут. Лейтенант эмискэччи «Смирно!» команданы биэрдэ.
– Байыас Чээрин, стройтан таҕыс!
һс хаамыыны тахсан баран, строй диэки эргийдим.
– Байыас Чээрин көҥүлэ суох сааны эспитиҥ иһин, биир нэрээти биэрэбин.
Казармаҕа кэлэн баран, лейтенант биэрбит нэрээтигэр бу түүн штабы сууйарым дуу, куукунаҕа хортуоппуй ыраастыырым дуу диэн ханна ыытыахтаахтарын таайа сатаатым.
Бу киэһэ ханна да ыыппатылар, үчүгэй баҕайытык утуйдум. Түһээн өссө биир куоҕаһы, үс немеһи өлөрдүм.
Сарсыарда хонууга строевой занятиеҕа сылдьабыт. Хантан эрэ биир саллаат кэлэн биһиги лейтенаммытыгар тугу эрэ эттэ. Тыала бэрт буолан, тугу эппитин биһиги истибэтибит.
Лейтенант миигин ыҥыран ылла.
– Бу саллааты батыс.
Дьэ буоллаҕа, били нэрээппин толоро бардаҕым буолуо.
– Бу ханналаан иһэбит, доҕоор? – диэн, баран иһэн аргыспыттан ыйытабын.
– Лейтенант Лобадаҕа.
Чэ ол иһин, сэрэйбит сэрэх.
Лейтенант Лобадаҕа: «Чээрин саллаат кэллим», – диэн дакылааттаатым.
– Холкутуй! – диэтэ лейтенант уонна биир старшай сержаны ыҥыран ылла.
– Занятиены салгыы ыыт.
– Батыс! – диэтэ лейтенант миэхэ, – ити бинтиэпкэни ыл.
Нэрээппэр харабыллыы барар буоллаҕым, кэм да үчүгэй дии санаатым.
Икки боллох икки ардыгар сытар дэхси сир устун