ТОП просматриваемых книг сайта:
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
Читать онлайн.Название Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5755-9
Автор произведения Валерий Луковцев
Издательство Айар
Тоҕо бу үс түһүмэҕинэн – 2001, 2005 сыллардаахха бэчээттэммит уонна Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө тахсар – хомуурунньуктар «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн уопсай ааттаахтарын кылгастык быһаарар сөптөөх. Бастатан туран, улуу дойду хотугу киин куоратынан ааттанар Ленинград (билиҥҥи Санкт-Петербург) олохтоохторо сэрии сылларыгар түбэспит иэдээннээх балаһыанньалара ыраах хоту тыылга баар Саха сирин дьонун ол кэмнэрдээҕи алдьархайыгар атылыы. 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн 1944 сыл тохсунньутун 27 чыыһылатыгар диэри, ол аата 872 күннээх фашист сэриитин уот уобуруччутугар хам ылларан төгүрүйтэрэн олорон, Ленинград нэһилиэнньэтин аҥаарыгар чугаһыыр киһитин сүтэрбитэ диэн суруллар. Өстөөх төгүрүктээһинин иннинэ куорат нэһилиэнньэтэ 2,9 мөлүйүөн кэриҥэ этэ дииллэр. Араас ааҕыынан блокада сиэртибэтэ 600 тыһыынчаттан 1,5 мөл. диэри халбаҥныыр. Эргиччи артиллерия ытыытын, буомба түһүүтүн анныгар олорбут куорат олохтоохторун 97% аччыктаан, хоргуйан өлбүтүн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр (Ол иһигэр куорат көмүскэлигэр өлбүт саха байыастарыттан ураты Саха сириттэн театр студиятыгар үөрэнэ тиийбит труппа үгүс ыччаттара). 3% буомба, снаряд дэлби тэбиититтэн, дьиэ умайыытыгар, сууллуутугар түбэһэн күн сириттэн сүппүттэр эбит. Үлэлэрин тохтоппокко дьүккүһэ сылдьар оробуочайдарга 250 гр, сулууспалаахтарга, кыаммат-кырдьаҕас дьоҥҥо, оҕолорго 125 гр эрэ мөлтөх хаачыстыбалаах булкаас килиэп көрүллэрэ. Бу блокада күчүмэҕэйдэрин, трагедиятын туһунан киэҥник үөрэтиллибитэ, сырдатыллыбыта, кинигэлэр, уус-уран айымньылар суруллубуттара, киинэлэр оҥоһуллубуттара. Сэрии алдьархайа, хайдах сыананан өстөөхтөн көмүскэнии буолбутун, кыайыы кэлбитин кэлиҥҥи көлүөнэлэр билэллэригэр, сыаналыылларыгар ол хайаан даҕаны наадалаах.
Оттон сэрии уотун анныгар, оккупацияҕа түбэспит Белоруссия, Украина, Арассыыйа уобластарыттан кый ыраах баар Саха сирэ сэриилэһэр армияҕа, үлэ фронугар мобилизацияламмыт, кыргыс хонуутугар өлбүт-сүппүт эр дьонун ахсаана олус элбэх. Онтон тыа сиригэр холкуоска дохуота суох кэриэтэ үлэлии сылдьан, сут-кураан, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы содулугар олохтон туораабыт дьахталларын, кырдьаҕаһын-кыамматын, оҕотун ахсаанынан, бырыһыанынан таһааран тэҥнээтэххэ, уопсай сүтүгэ Россия, урукку Союз, бэл, белорустар сүтүктэриттэн таһыччы. Ол хомолтолоох, кутурҕаннаах устуоруйа чахчытын туһунан, сэбиэскэй кэмҥэ суруллара-этиллэрэ бобуулааҕын быһыытынан, киэҥ эйгэҕэ, бэл өрөспүүбүлүкэ иһигэр биллибэт, сырдатыллыбат этэ. Ону тэҥэ хамнаһа суох, сэрии сылларыгар аһыылларыгар даҕаны дохуот ылбат тыа сирин нэһилиэнньэтэ, сүрүннээн, нолуогу төлүүр кыаҕа суох буолан, суукка бэриллэн буруйданыыта олус маассабайа Илья Винокуров оҥотторбут «Справка об естественном движении населения Якутской АССР» диэн докумуонуттан көстөр. 1940 сылтан 1945 сыл саҕаланыытыгар диэри суукка 67643 киһи бэриллибититтэн 53938-һа суут уурааҕынан буруйга түбэспит. Ол дьон баһыйар үгүстэрэ «Дальстрой» лааҕырдарыгар көмүс, уран рудниктарыгар үлэлии сылдьан тыыннара быстыбыта. Бу турар-турбат дьоннорун барытын кэриэтэ фроҥҥа атаарбыт, кинилэр оннуларыгар холкуос күүстээх үлэтигэр хаалбыт кырдьаҕас-кыаммат, оҕо-дьахтар састааптаах тыа сирин нэһилиэнньэтигэр олус баттыгастаах сыһыаны сырдатар матырыйааллар Кыайыы хайдахтаах ыар толугунан кэлбитин, саха норуотун кыайыыга омук быһыытынан имири эстэ сыһан туран киллэрбит кылаатын билиҥҥи көлүөнэлэр билэллэрэ, сыаналыыллара ирдэнэр.
Үрүҥ күн анныгар икки атахтаахха олох биирдэ бэриллэр. Киһи барахсан «мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр» Аан Чэлбэр Айылҕа айбыт тыынар тыыннааҕын көрүҥүн, биир харамайын быһыытынан удьуорун ууһатан-тэнитэн бэйэтин кэнниттэн хаалларыахтаах. Киһи буолан төрөөбүт аналын быһыытынан өбүгэ үгэһин, дьон аймах сиэрин-майгытын, нуорматын-сокуонун тутуһан, үлэлээн-хамсаан, оҕо төрөтөн, иитэн-аһатан киһи-хара оҥорон, сиэннэрин көрсөн, таптаан, үөрэн-хомойон олорон ааһар. Хас биирдии киһи атыттартан уратылаах, туохха эмэ дьоҕурдаах, кини бэйэтэ эрэ олорор, киминэн да хатыламмат туспа дьылҕалаах. Дэлэҕэ даҕаны, киһи аймах өркөн өйдөөхтөрө бу курдук бэргэнник этэн кэбистэхтэрэ: «Хас биирдии киһи – туспа куйаар, хас киһи мэҥэ тааһын анныгар – бүтүн аан дойду устуоруйата көмүллэн сытар», – диэн. Ол да иһин, былыр-былыргыттан киһи тыынын быһыы, өлөргө-сүтэргэ тириэрдии, күһэйии ыартан ыар буруйунан, хараҥа аньыынан ааҕыллара. Айылҕа алдьархайынааҕар ордук баһархай иэдээни аҕалар сэрииттэн киһи аймах этэ салаһыан салаһар.
Үгүс сэриини, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүт эрэйдээх-буруйдаах Арассыыйа, урукку ССРС диэн ааттанар улуу дойду бары норуоттара Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар нацизм, фашизм адьырҕаларын утары хабыр хапсыыга 27 мөлүйүөнтэн тахса хаан уруу, күндү дьоннорун сүтэрбиттэрэ. Бу – тугунан да кыайан кэмнэммэт, хаһан да төннүбэт ыар сүтүк, оспот баас, демография алдьархайа. Сэрии саҕанааҕы сүтүк демографическай дуораана күн бүгүҥҥэ диэри биллэ, саната турар. Ол содула ордук аҕыйах ахсааннаах норуоттарга, чуолаан, саха омукка ордук дьайыылаах. Маныаха сыһыаннаан биир умнуллубат түгэни санатыахпын баҕарабын. 2015 сыллаахха Литература сылыгар Кыһыл болуоссакка