ТОП просматриваемых книг сайта:
Уйгур. Сайа Михалева
Читать онлайн.Название Уйгур
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6098-6
Автор произведения Сайа Михалева
Издательство Айар
Тыа сирин күннэтэ үөскүү турар хара үлэтигэр эриллибит ити барбах көстүүлээх дьон, Кыайыы күнэ үүннэ да, кылыгырас тыастаах, күлүмүрдэс түөстээх мааны көстүүмү кэппит уола хаан дьоҥҥо кубулуйа түһэллэрэ, мэктиэтигэр уҥуохтуун-арҕастыын көнөн, туттардыын-хаптардыын дьоһуннанан хаалаллара. Оҕолор, «тиистэригэр диэри сэбилэммит ньиэмэс-фашист халабырдьыттарын» туһунан бүтэн биэрбэт уһун дакылаат кэмигэр, кулууп дьиэ мас ыскаамыйатын олбоҕун тэһийбэккэ лабырҕата олорон, ол соһуччу уларыйан хаалбыт Ыстапааннары, Сөдүөттэри, Өлөксөөндүрдэри, Обокуумнары одуулаһарбыт. Сыанаҕа инники кэккэҕэ, кыһыл бүлүүс сабыылаах остуолга тайанан, бастакы хомуур – арҕаа, «уоттаах сэрии» саллааттара олороллоро. Кинилэр кэннилэриттэн арыыйда хара баттахтаахтар, бастакы кэккэлэр этэн бүппүттэрин кэннэ тыл ылаары, уочараттаан олороллоро. Оттон илиҥҥи сэриигэ сылдьыбыттар, быһыыта, олорботтор да быһыылаах этэ. Хайдах эрэ буруйдаммыттыы мичээрдээх, биир эмэ мэтээллээх дьон, киирэ-тахса сылдьаллара.
Ол эрээри биһиги дэриэбинэбитигэр оҕо дьон сэрии туһунан уоттаах-күөстээх өйдөбүлбүт киэбигэр сөп түбэспэт биир ураты, туора сылдьар көстүү баара. Олох кыра эрдэхпинэ ол көстүү сырдык сэлээппэлээх, чаҕылхай күөх көстүүмнээх уһун акыгыр киһи буолан хантан эрэ тиийэн кэлбитэ. «Уйгур кэлбит, дэһэртиир кэлбит», – диэбиттэрэ. Дэһэртиирдэр ол биһиги толору дьоллоох кэммитигэр бары суох да буолан бүппүт буолуохтаах курдуктара… Оттон ол кэлбит киһи дэһэртиир дэнэр «ынырык куһаҕан» киһиэхэ ханан да маарыннаабат мааны көрүҥнээх этэ, өссө оҕолорго сиэбиттэн кэмпиэт хостоон түҥэтэр, ардыгар төҥкөс гына тохтоон, дьээбэлээн ааһар идэлээҕэ. Сотору кэминэн ол дьикти киһи, били бастаан кэлбитигэр холоотоххо, бөх-сах таҥастанан ханна эрэ эмиэ баран хаалбыта. «Уйгур барытын сүүйтэрэн барда», – диэбиттэрэ. Онтон улаатарым саҕана, Өрүүнэ диэн бииргэ төрөөбүт балтыгар кыстыыр, сааһыыр буолбута. Оттон балта ол кэмҥэ биһиги дьиэбит биир хоһугар дьукаах олороро. Соҕотох уоллааҕа аармыйаҕа сулууспалыы барбыт этэ. Онон Уйгур Уйбаан биһиэхэ олох да чугас киһибит буолан хаалбыта.
«Нууччалар дьоҥҥо хос ааты табан да иҥэрэр дьоҕурдаахпыт!» – диэн этиини биир кинигэҕэ аахпыттаахпын. «Биһиги, сахалар, эмиэ!» – диэн илии уунуох курдукпун. Аҕабыыттар саха дьонун сүрэхтииллэригэр аҕа-ийэ ууһа, удьуор-аймах, туспа киһи диэн араара барбакка, аҥаар кырыытыттан ааты да, араспаанньаны да түбэһиэх иҥэртээбиттэрин содулуттан хаһан тахсарбыт биллибэт омук буоллахпыт. Оччонон хос аат биһиэхэ, сахаларга, ордук суолталаммыт.
Былыргы дьоммут сурукка киллэриллибэт, дьонноруттан-сэргэлэриттэн ылбыт бэргэн ааттарын хос аат, ыыс диэбэккэ, «сахалыы ааппыт» диэн, олус күндүргэтэн, харысхал ураты бэлиэтин курдук удьуортан удьуорга тиэрдэн, төрдүнү-ууһу үйэтитиигэ кимнээҕэр айымньылаахтык сыһыаннаһан кэлбиттэр. Тыа сиригэр билигин да хас эмэ Уйбааннар, Ньукулайдар, Маарыйалар, Ааналар ким-туох буолалларын кистээбэккэ кэпсии сылдьар хос ааттарын кытта төһөлөөх да киһи быыһыгар киирэн булкуллубат, сүппэт-оспот, умнуллубат, суураллыбат олохторун олороллор. Ону таһынан тылбыт барахсан үтүөтүнэн Николайдар Ньукуус, Ньуккаа, Ньукулааскы, Ньукурдаан, Куолустай диэҥҥэ тиийэ, Анналар Ааныска, Ааныс, Аанчык, Нуута, Аанабыай диэҥҥэ тиийэ эгэлгэтик этиллэн, олох да тус-туһунан, ханан да маарыннаспат ааттаах-суоллаах дьоҥҥо кубулуйбут буолаллар. Ити ааттарыгар тустаахтар бэйэлэрэ убанан уонна оннук кинилэри ыҥырарга, өйдүүргэ тулалыыр дьон даҕаны бары үөрэнэн, биирдэ эмэ атын сиртэн кэлээччи сурукка киирбиттэринэн ааттаатаҕына, өйдөөбөккө хаалан, ааттаах киһиттэн бэйэтиттэн саҕалаан, күлүүгэ киирээччи элбэх буолар.
Уйгуру хаһан уонна ким итинник ааттаабытын билбэтим эрээри, «уйгуурар» диэнтэн, туохтан эмэ олус күүркэйэр, өрүкүйэр диэн суолталаах туохтууртан тахсыбыта өйдөнөр. Ол эрээри тоҕо – «Уйгуурар Уйбаан, Уйгуур Уйбаан, Уйгурдаан» буолбакка «Уйгур» диэн ханан да уһатыыта суох быһа баттаныллыбыт тыл буолан хаалбыта буолла? Бу аакка түҥ былыр улуу Өлөксөөндүр «хамсыыры мүччү туппат булчут мохсоҕолго» тэҥнээбит уйгуур омуга сыһыана суоҕа биллэр. Эбэтэр «уйгу» диэнтэн тахсыбыта дуу? Уйбаан дьэ бу аатын илдьэ төрөөбүт курдуга, ол курдук бу хос аат киниэхэ олус барсара. Ол да иһин буолуо, кинини ким уонна хаһан итинник ааттаабытын туһунан ыйытар өй миэхэ биирдэ да киирэ сылдьыбатах эбит.
…Киэһэ аһылык кэнниттэн улахан дьон оҥостон олорон тугу эрэ сэһэргэһэн бараллар. Уйгур кэпсээнэ мин истэ үөрэммиппиттэн чыҥха атын ис хоһооннооҕунан, көмүстээх Алдан, Бодойбо, куорат, Тайҕа диэн кинигэттэн эрэ ааҕан билэр, оччотооҕу санаабар олус ыраах, туох эрэ дьиктилээх дойдулары хабарынан умсугутара. Ол кэпсээннэргэ өссө кэриэй, нуучча, хохуол омуктар уратылара, ыксаллаах кэмҥэ хайа омук киһитэ хайдах-туох быһыыланара, бандьыыттартан уонна милииссийэлэртэн куотуу мүччүргэннээх түгэннэрэ, хаартыһыттар хапсыһыылара, ойуун кыырыыта кытта киирэн ылаллара. Мин: «Чаһыбыт ыраат- та ээ…» – дэһэ-дэһэ, остуолтан туруохча турбат дьонум таһыгар сыҥаах баттанан олорон ол кэпсээннэри умсугуйа истэбин. Кыра оҕо билиэҕэр сөбө суох да түгэннэр баалларын үрдүнэн, ким да миигин «бу да кыыс, баран утуй эрэ» диэбэт. Уйгур ол кэпсии олорон эдэригэр түһэргэ дылыта: уоттаах хара харахтаах, субуллаҕас үрдүк муруннаах, кэтит дараҕар