ТОП просматриваемых книг сайта:
Илэ барбыттар. Группа авторов
Читать онлайн.Название Илэ барбыттар
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6652-0
Автор произведения Группа авторов
Издательство Айар
Дьонноро киэһээҥҥи ыам кэнниттэн киирбиттэригэр, уолаттар туох буолбутун кэпсии тоһуйбуттар. Ханнык эрэ сүгэһэрдээх ыалдьыт балаҕан иһигэр киирэн баран, сииктии симэлийбитин бары да дьиктиргээбиттэр. Саамай кырдьаҕас дьукаахтара Даайа эмээхсин ытамньыйан ыла-ыла: «Туох аанньаҕа көстүөҕэй? Охонооһойбун сиэри кэлэ сырыттаҕа!» – диэхтээбит.
Кырдьык, ол киэһэ оҕонньор бэргээн, сарсыныгар таҥаралаабыт.
Биһиги аймах, мин оҕо эрдэхпинэ, үс ыал буолан биир дьиэҕэ олорорбут. Хас киэһэ ахсын оҕолор араас абааһылаах, иччилээх түбэлтэлэри кэпсэтэрбит.
Биирдэ бырааппын кытта дьиэ иһигэр мэниктии, оонньуу сылдьан көрдөхпүнэ, хоһум аанын иннинэн сэлээппэлээх хап-хара күлүк курдук киһи ааста. Ону бастаан утаа улахаҥҥа уурбатым. Ол кэннэ хас да хонон баран, биир киэһэ эмиэ мустан түбэлтэ кэпсэттибит. Ким да тугу даҕаны кэпсиирэ суох буолбутугар, хара киһини санаан кэлэн, кэпсээн бардым: «Мин манна ааспыкка хара киһини көрбүтүм», – диэн саҥа саҕалаан истэхпинэ, балтым быһа түстэ: «Мин эмиэ баттахпын сууна туран көрбүтүм. Хайдах эрэ сэлээппэлээх курдук этэ…» – диэн илиитинэн көрдөрдө. Дьэ онно кутталбыттан саҥам тахсыбат буолан хаалбыта. Ама, кырдьык, кимэ-туга биллибэт биир киһини иккиэн көрбүппүт буолуо дуо?..
Арай биир күhүн икки доҕордуулар балаҕан курдук быһыылаах, хаарбах туруктаах, эркинин быыһынан курдаттыы көстө сылдьар эргэ үүтээҥҥэ кэлэн, хонон-сынньанан ааhаары тэриммиттэр. Чугастыы улахан күөллээх алаас баар эбит. Киэhээҥҥи күөстэрин өрүнэн, аhаан-сиэн баран, доҕордуулартан биирдэстэрэ ол алааска кус маныы барар буолбут. Иккис киhи ытын илдьэ үүтээҥҥэ хонордуу оҥостон сыппыт. Кини саҥардыы нухарыйан эрдэҕинэ, ыта үрэн баргыйбыт. Соhуйан уhукта биэрбит, арай чугас соҕус мас тостор тыаhа иhиллэр эбит. Тайах, тыатааҕы буолуо диэн, сэрэхэдийэн, саатын ииппит. Мас тостор тыаhа олус улахан эбит, ол иһин тыатааҕы диэн саараабакка, кэтээн, саатын тыас диэки тирээн олорбут. Арай үүтээнин алдьаммыт эркинин быыһынан ыйдаҥа уотугар сүүнэ күлүк көстүбүт, ыта биир кэм ньап-ньааҕынас буола түспүт. Күлүк курдук устар хара бэкир киhи үүтээни тула эргийбит, ынырык сыт саба биэрбит. Алдьаммыт эркин быыһынан күлүк ханан көстөр да, киһи ол хоту, саатын иитэ-иитэ, дэлби ытыалаан испит. Бэкир, аны кэлэн, хаптаhын ааны тардыалаабыт. Аан хатыыра, баара-суоҕа быа буолан, төлө барбыт. Ыт бэкиргэ саба түhэн охсуhа сатаабыт. Булчут эмиэ кыҥыы-кыҥыы ытыалаабыт. Саа тыаhын истэн, алааска барбыт киhитэ сүүрэн, аҕылаан-мэҥилээн кэлбитэ, үүтээннэрэ бүтүннүү алдьанан сууллубут, урусхал быыһыгар төбөтө суох ыт өлүгэ эрэ сытар эбит. Доҕорун көрдөөн, ыҥыран хаhыытыы сатаан баран, дэриэбинэҕэ «эhэ буулаата» диэн тыллыы барарга быһаарыммыт. Быhалыы диэн, аттынааҕы алааhынан баран иhэн, өйө суох сытар киhитин уу кытыытыттан булан, сүгэн дэриэбинэҕэ илдьибит.
Киhилэрин өйүн булларан, син бэттэх аҕалбыттарын кэннэ, туох буолбутун кэпсээн биэрбит. Ол булчут барахсан сотору буолаат, уhаабакка ыалдьан өлбүт. Хара бэкир киhи туһунан кырдьаҕастарга кэпсээбитин ким да туох да диэн сылыктаабатах. Баҕар, абааhы буолуо, баҕар, чучунаа да буолуон сөп… Ити курдук киhи таайбат дьиктитэ элбэх.
Алын кылааска үөрэнэ сылдьан биир кыыһы дьүөгэтэ эбэлээҕэр хоно барсарыгар көрдөспүт. Кыыс сөбүлэспит. Эбиэт кэннэ үөрэнэн бүтэн, хонуохтаах ыалыгар тиийбит. Кыыс көрдөҕүнэ, тэлгэһэ иһигэр биир да тыллыбыт мас, үүнээйи суох, барыта иинэн-хатан хаалбыт тииттэр эрэ тураллар эбит. Дьэ киирэн чэйдээн, оонньоон, кэпсэтэн баран, киэһэ оҥостон сыппыттар. Кырдьаҕастар тута утуйан хаалбыттар. Кыргыттар кэпсэтэ сатаан баран, ырыа ыллаабыттар. Арай ыраах кинилэр ырыаларын ким эрэ үтүктэн ыллаһарга дылы үһү. Оҕолор куттаммыттар уонна түргэнник утуйарга санаммыттар. Саҥа нухарыйан иһэн иһиттэхтэринэ, тэрээһэ аана аһыллыбыт. Кыргыттар эһэлэрин уһугуннаран: «Ким эрэ киирдэ», – диэбиттэр, онуоха оҕонньор: «Туох ааттаах айманныгыт? Ааны хатаан сыппытым», – диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ таһырдьа тахсан көрбүтэ, ким да суох, аана хатыылаах эбит. Оҕолорго аны уһугуннарбаттарын курдук этэн баран, оҕонньор хоһугар киирбит.
Кыргыттар уоскуйан, саҥа утуйан эрдэхтэринэ, аны дьиэ аана аһыллар тыаһа иһиллибит. Оҕолор кутталларыттан суорҕан иһигэр саспыттар. Иһиттэхтэринэ, үһүөлэр дуу, төрдүөлэр дуу эбит. Киирээт, иһити-хомуоһу күөрэ-лаҥкы тутан, тыаһаан-ууһаан барбыттар, магнитофону холбообуттар. Кыргыттар кутталларыттан суорҕаны тардыаласпыттар, дьүөгэтэ былдьаан ылбыт. Суорҕана суох кыыс хараҕын быһа симэн сыттаҕына, ким эрэ кинилэр хосторугар киирэрэ