ТОП просматриваемых книг сайта:
Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
Читать онлайн.Название Саллаат уонна таптал
Год выпуска 2020
isbn 978-5-7696-5885-2
Автор произведения Сомоҕо
Издательство Айар
Кинини бодоруһан билсиэхпиттэн үгүстэртэн уратылаһар хаачыстыбатын ордук бэлиэтии-биһирии көрөбүн. Бар дьон, төрүт сир туһугар бэриниилээх, кыһаллыгас, эппит тылыгар туругас көнө майгытын. Байбал бэйэтин туһугар мөхсүбэккэ, наар атыттар тустарыгар кыһаллар-мүһэллэр түбүктээх. Дойдутун үлэһит, биллиилээх дьонун, суруйааччыларын ааттарын-суолларын үрдүктүк тутарга, үйэтитиигэ сыратын биэрэн сүүрэр-көтөр, туруорсар-кэпсэтиһэр идэлээх. Тус бэйэтинэн көҕүлээн, дьону түмэн үлэлээн үтүө түмүктэри ситиһэрин биир дойдулаахтара, чурапчылар, астынан кэпсээччилэр. Норуокка умнуллубат үтүөлээх саха саарыннарын, улуус киэн туттар туруу үлэһиттэрин, тэрилтэлэрин, билиҥҥи кэм бэлиэ дьонун бэчээккэ сырдатта, кэккэ кинигэлэри таһаартарда. Олортон аҕыйаҕы аҕыннахха, Даланы педагог быһыытынан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр «Умнуллубат «Дьикти саас» оҕолоро» (2008), «Учуутал дьоло – үөрэнээччилэрин ситиһиилэригэр» (2012), Аан Дархан М.Е.Николаевка «Барҕа махтал Чурапчы дьонуттан!» (2014), Ил Дархан Е.А. Борисовка анаммыт «Боотур Уустан Ил Дархан» (2014) кинигэлэри саха дьоно биһирэбилинэн көрсүбүтэ. Үйэтитиигэ дьаныһан дьарыктанан, кини – сэрии содулугар эстибит Мэлдьэхси нэһилиэгин Чоччууда алааһыгар уот сэриигэ барбыттарга, Чурапчы көһөрүллүүтүн сиэртибэлэригэр өйдөбүнньүк уонна саха бастакы норуодунай худуоһунньуга П.П. Романов төрөөбүтэ 100 сылыгар мэҥэ комплекс оҥоһуллуутун сүрүн тэрийээччи.
Тыа сиригэр Суруйааччы сойууһун үлэтин, литератураны сырдатыыга, айар дьарыгы тарҕатыыга күүскэ үлэлиир. «Дириҥ уоттара» литературнай түмсүүнү уонча сыл устата салайан үлэлэппитэ. Саха омук чиэһин, кырдьыгын көмүскээһиҥҥэ олоҕун тухары охсуспут талааннаах суруйааччы Иван Федосеев-Доосо аата кини төрөөбүт Хоптоҕотун орто оскуолатыгар, сэрии туһунан бастакы «Көмүскэ уута» романы саха литературатыгар кэриэс кэбиспит буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродников аатын Төлөйгө «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр кини быһаччы көҕүлээһининэн уонна улахан сыратынан, дьулурҕа дьулуурунан иҥэриллэллэрэ ситиһиллибитэ. Убай туттубут биир идэлээхтэрин Сэмэн Туматы, Тумарчаны, Роман (Сэмэн) Даниловы, Василий Петров-Айылы мэлдьи өрө тутан, үбүлүөйдэрин тэрийиигэ салалта, бар дьон өттүттэн харааннааһыҥҥа, өйөбүлгэ, сырдатыыга өр сылларга үлэлэһэн кэллэ. Өрөспүүбүлүкэ, олохтоохтор интэриэстэрин көмүскээн туруулаһыыга Саха уопсастыбаннай киин, Саха конгреһын көхтөөх кыттааччытын быһыытынан уонунан сылларга үлэтэ – бэйэтэ туһунан киэҥ кэпсээн. Ол иһин аҥаардас соҕотох түгэни ойо тутан ахтан аһарыым.
2012 сыллаахха Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин салайааччыларын бэрисидьиэн диэн ааттаныыларын тохтотуу саҕаламмыта. Онуоха саха судаарыстыбаннаһын суурайтарбат туһугар көннөрү «баһылык» диэн тиэрмин оннугар «Ил Дархан» диэн омук ааспыт устуоруйатыттан силистээх анал ааты дьыала-куолу тылыгар, СӨ Төрүт Сокуонугар киллэртэрэр инниттэн улахан хамсааһын тахсыбыта. Дьүүллэһии үрдүк таһымҥа тахсыытыгар Ил Түмэн парламентарийдара Зоя Корнилова, Елена Голомарева, Оксана Винокурова нэһилиэнньэттэн, улуустан өйөбүл наада диэн көрдөспүттэрэ. Онуоха бу суһал соругу толорорбутугар Сомоҕо көмөлөспүтэ. Чурапчы биллэр-көстөр дьонун кытары сүбэлэһэн-дьүүллэһэн парламент спикерэ В.Н. Басыгысов аатыгар дьоһуннаах суругу киллэрбиттэрэ. Ол курдук, Дьааҥыттан В.П.Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал эмиэ өйүүр ис хоһоонноох суругу тэрийэн ыыппыта. Онон, билигин олоххо киирбит судаарыстыбаннас баарын бэлиэтиир дорҕоонноох анал аат бигэргэниитигэр Павел Петровичтаах