Скачать книгу

дьахталлар, олорбуттара сүүрбэччэ сыл буолла.

      – Хайдах? Ити курдук уот оттунан, ас аһаан…

      – Кинилэр уот оттуохтара дуо? Эн хараххын баайаллар. Ити эн хоммут дьахталларын өтөр буолабуола, баччаларга дьиэлэригэр олоро түһэ-түһэ сүтэллэр. Эн дьиҥэ, былыр үйэҕэ быраҕыллыбыт, дьон олорботох, тоҥ хаһаа дьиэҕэ хоно сырыттаҕын.

      – Мин тоҕо тоҥон хаалбатым? Ол кэннэ онно уот-күөс мааны этэ дии. Олус сылаастык, үчүгэйдик сынньанан турбутум.

      – Эйиигин дэриэтинньиктэр абылаатахтара дии.

      – Ити дьахталлар хайдах дэриэтинньик буолбуттарай? Кэпсээбэккин ээ, – Уодай дьиэлээх киһиттэн көрдөспүт.

      – Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта, биһиги бу дойдуга олохсуйуохпут иннинэ, ити дьиэҕэ икки ыал, ол тэҥэ биир эр киһи балта дьахтар буолан бары дьукаахтаһан олорбуттар. Наар булдунан айахтарын ииттэн, аҕыйах сүөһү сыыстанан, син бэркэ олорбуттар. Куһаҕаннара диэн икки ыал тухары оҕоломмотохтор. Эр дьон бултаан, аһы-үөлү булаллара, оттон дьахталлар сүөһүлэрин көрөллөр. Арай ол олороннор, биирдэ эр дьон бултуу тахсан баран, дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэр. Бадаҕа, ханнык эрэ быһылааҥҥа түбэспит быһыылаахтар. Дьахталлар ус сааһы быһа кэтэһэ сатаан баран, биир күн үһүөн ыйанан өлөн хаалбыттар. Ону чугаһынан ыал-көс суох сирэ, онуоха эбии уу-хаар хаайан, сылдьыһыы даҕаны суоҕа эбитэ буолуо, дьахталлар өлүктэрин, ууллан тохтубутун, үөн-күрдьэҕэ ыспытын, киһи чугаһаабат буолбутун эрэ кэннэ булбуттар. Онон, дьахталлар уҥуохтара хараллыбакка хаалбыт.

      Чугастааҕы ыал (чугаһа да диэн үс көс иһинэн) ким да сылдьыбат, ырааҕынан тумна хаамар сирдэрэ буолбут.

      ДЬАХТАР ОТ МУСПУТА

      Мин тус бэйэм, баччаҕа этэҥҥэ сылдьыахха, абааһыны көрбөтөҕүм. Дьиҥэр баран эттэххэ, көрүөхпүн даҕаны баҕарбаппын. Ол да буоллар, билигин даҕаны эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө, киһи уҥуохтаах сирдэргэ соҕотоҕун сылдьыахпын куттана, дьаархана саныыбын.

      Сэрии саҕана этэ. Дибдир Мэхээс холкуоска биригэдьииринэн үлэлиирэ. Мин киниэхэ көмөлөһөрүм. Отчуттары кэрийэ сылдьан ким төһөнү үлэлээбитин таабыллыыбын. Сир мээрэйдиибин, бугулларын холоон көрөбүн, кэбиһиллибит оту тутабын. Холкуоспут бухгалтера Георгий Романов: «Дьон үлэтин туох баарынан, үлүннэрбэккэ да, көҕүрэппэккэ да чиэһинэйдик тут. Үлүннэрдэххинэ бэйэҕиттэн тутуохпут», – диэн бэрт кытаанахтык эппитэ.

      От ыйын бүтүүтүн саҕанааҕы кураан күннэр. Күн наһаа чаҕылыччы тыган, чэмэлийэн аҕай турар. Тыала-кууһа суох буолан, дьөрү сэбирдэх да хамсаабат. Күнүскү чэй саҕана Кустаах диэн алааска от мунньааччы дьахталларга бэҕэһээҥҥи үлэлэрин таабыллаары кэлбитим. Дьахталлар отторугар киирбэккэлэр, куулаҕа мастар күлүктэригэр саҥата суох сукуһан олороллоругар түбэстим.

      – Хайа, доҕоттоор, оккутугар тоҕо киирбэккэ олороҕут? Бу үлүгэр курааҥҥа туттуммахтаан хаалыаххытын? – «тойон» киһи быһыытынан, дьорҕойо соҕус саҥардым.

      Ким даҕаны саҥарбат. Бары алаас диэки көрөллөр. Онтон, балайда өр буолан баран, Чээмпээрэ Охонооһой ойоҕо Уһун буут

Скачать книгу