ТОП просматриваемых книг сайта:
«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Читать онлайн.Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Издательство Бичик
Билигин 2017 сыл. «Кэпсиэ» биэрии саха экраныттан сүппүтэ ыраатта. Уулуссаҕа мин диэки ыйытардыы көрбүт хас биирдии харахха «Хайа, «Кэпсиэбит» аны тахсыа дуо?» диэн уларыйбат ыйытыыны аахпыт кэмим кэннибэр хаалла. Саха киһитин хас бырыһыана эбитэ буолла! Аахпаппын, ааҕа сатаабаппын. Ол эрээри билэбин: барыгытыгар да буолбатар, баһыйар үгүскүтүгэр баарбын биллэрбиппин, санаабынан сайбыппын, иэйиибинэн тиийбиппин, кэпсээмминэн кэрэхсэппиппин… Билэбин ол быыһыгар: биирдиилээн ким эрэ биһирэбилигэр киирбэтэхпин, ким эрэ сулуһун соһуччу уоппунан суһуктуппуппун, кини ыра гыммыт ыраах чыпчаалыгар эмискэ баар буолан мэһэйдээбиппин… Өйдүүбүн, Орто дойдуга өссө да баарбын, ол иһин ону барытын холкутук ылынабын: баалаабаппын, баайсыбаппын, улуутумсуйбаппын. Хайҕалга, махталга хараҥарбаппын, хопко, холуннарыыга өһүрбэппин.
Эһиги миигин таптыыр да, абааһы да көрөр бырааптааххыт, эһиги онуоха олохтон ылбыт көҥүллээххит.
Ол оннугар мин эһиги саҥа таһааран да, саҥарбакка да ыйыппыт биир түгэҥҥитигэр быһаарыы биэрэр бырааптаахпын, соҕотох тылынан туруору хоруйдаммат уустук хардабын кэпсээҥҥэ киллэрэн кэрэһилиир иэстээхпин. Эһиги ыҥырыыта суох эрээри кэтэһиилээх ыалдьыккыт буолан дьиэҕитигэр киирбит, «Кэпсиэ, сахам дьоно!» диэн сахалыы саҥалаах, сайаҕас эйгэлээх иһирэх киэһэлэринэн кэрэхсэппит кэмнэрдээҕим иһин…
Ардыгар саныыбын, ол 2002 сыл ахсынньытыттан 2008 сыл сэтинньитигэр диэри дьон тэҥинэн арыый холкутук сылдьан үлэлээбитим буоллар, төһө эрэ уус-уран айымньылары, баҕар, улахан арамааны да айан-суруйан кэбиспит буолуом этэ, диэн. Ол гынан баран, олоҕум-дьылҕам ити кэмҥэ тоҕо эрэ миигин таас дьааһык иһигэр олорон тыыннаах тылынан кэпсиир-кэпсэтэр аналлаабыт. Баҕар, ол сахха өйбөр оҥорбут дьоммун, айан таһаарар олохпун ойуулуурбунааҕар ол тыыннаах тылынан тыллыым сахам дьонугар ордук тоҕоостооҕо, туһалааҕа эбитэ дуу?
Оттон айымньылар… Хоһоон мэлдьи баара, баар. Кини айар киһи солотуттан-билэтиттэн иҥнибэккэ, олоҕо-дьаһаҕа хайдах туруктааҕыттан тутулуктаммакка баар буоллаҕына – баар, суох буоллаҕына – суох. Оттон арамаан суруйуутугар ол кэмҥэ арыый ситэ-хото илик буолуом. Оннук да быһыылаах, саҕалыы-саҕалыы илиис быһаҕаһыттан, тэтэрээт аҥаарыттан, файл ортотуттан тохтоон хаалбыт суруйууларым хаһан эргиллэн кэлэрбин кэтэһэн сыталлар, аргыый аҕай таһаҕастаах сыарҕам ыараан иһэрин санаам таһымныырынан билэр курдукпун. Онон кинилэри да эттээн-сииннээн сүөкүүр кэмим кэлиэ диибин. Ол иннинэ бу – олоҕум ордук үтүө кэмин уонна үрдүк сыратын аныы сылдьар идэм туһунан испэр иитиэхтээбит санааларбын таспар таһаарар бото-болдьох кэлбит курдук.
Тэлэбиидэнньэҕэ идэтийэн үлэлиир суруналыыстар оҥорбут биэриилэрин эргитэн, ахтыы кэпсээн оҥорор үгэстээхтэр. Мин санаабар, ол суруналыыс сыратын толуйбат сымсах үлэ буолан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, экраҥҥа көстөр биэриигэ эн тыл күүһүн толору туһаммаккын, тыл көстүүнү ситэрэр-хоторор эрэ ньыма быһыытынан туттуллар. Холобур, күн тахсан эрэр көстүүтүн «күн тахсан эрэр…» диэн тылгынан этэн, кэпсээн биэрбэккин. Көрөөччү эн да быһаарыыта суох экраҥҥа туох буоларын эт хараҕынан көрөн олорор буоллаҕа дии. Манна көстүүнү сөпкө талыллыбыт музыка киэргэтэн биэриэ, оттон тыл олох да туттуллуо суоҕун сөп. Ол иһин биһиги сценарийбытыгар ити түгэн туһунан туох да суруллубакка хаалар. Онон дьэ бу биэрии кумааҕыга түһэр түгэнигэр өҥө-талбата өлбөөрөр, киһини тардар күүһүн сүтэрэр. Аны кэпсэппит киһиҥ туох диэн хоруйдаабыта суруккар киирбэккэ, биэрии иһигэр хаалар. Онтуккун хос эргитэн иһиллээн, сурукка тиһэриҥ моһуоктаах да, түбүктээх да. Онон биэриини кэпсээҥҥэ кубулутууга хоһуттан ол кэмҥэ төннөн, иэйиигин уһугуннаран, күүскэ түбүгүрэн, көстүүнү уус-уран тыл күүһүн кытта силбиир ньыманан ситэрэн-хоторон биэрдэххинэ эрэ ааҕааччы кэрэхсиир үлэтэ тахсыан сөп оҥоробун. Хаһыат суруналыыһа ити түгэҥҥэ ордуктаах буолан тахсар: суруллубут – суоруллубат, хаалбат бэлэм хаһаастаах хаһыат суруналыыһа диэн кини буолар.
«Кэпсиэ» хасааһа дьэ кэмчи. Оччолорго лиэнтэҕэ устар этибит, онтубутун олус кэмчилээн биэрэллэрэ. Онтон нэдиэлэ аайы барар уһун биэриигэ туохтаах кассета тук буолуой, барыта салгыҥҥа хаалан иһэрэ. Эбэтэр сотторо-сотторо үрдүгэр устаҕын. Кэнники өйдөнөн, аҕыйах түгэни харыстаан хаалларбыппыт уонна сорох сюжет алҕаска, ханнык эрэ кассета быыһыгар-ардыгар ордубуттарын билигин була, түмэ сатыыбын. Баҕар, хойутун хойут биэриилэрим дьоруойдарын