ТОП просматриваемых книг сайта:
Вануату – дьол уйата. Даана Сард
Читать онлайн.Название Вануату – дьол уйата
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3400-0
Автор произведения Даана Сард
Издательство Айар
– Туох диэн суруйбуккунуй?
– Тугу да айа сатаабатаҕым, баары суруйбутум: «Түмэппий маннык-маннык миигин атаҕастыыр, малларбын былдьыыр, быдьар тылларынан үөҕэр, сутуругун өрө көтөҕөр, онон суһаллык миэрэтэ ыла охсуҥ» диэн.
– Ничего себе! Сурукта суруй диэн ким эйиэхэ өй укпутай? – Ник уол сытыытыттан бэйэтэ да соһуйда быһыылаах.
Кырдьык, атын эбитэ буоллар, саҥата суох ньимийэн баран сылдьыа этэ. Дьиэ иһигэр буолар бурайсыыны үгүс дьон олбуор таһыгар таһаара сатаабаттар эбээт!
– Биирдэ телевизорынан төрөппүттэр уонна учууталлар хайдах курдук оҕолору атаҕастыылларын, кинилэр бырааптарын быһалларын туһунан көрдөрбүттэрэ. Итинник түбэлтэлэргэ сорох оҕолор суукка биэрэн, кыайаллар эбит.
– Оттон баһылык эн быраапкын, дьэ, төһө көмүскээтэй? – Ник зубочистканан тииһин ыраастыы олорон ыйытта.
– Көмүскээн бөҕө. Биир күн оскуолабыттан кэлбитим, малым уруккутун курдук орун оннугар турара. Арааһа, баһылык Түмэппий чанчыгын үчүгэй соҕустук чаачыгыраппыт быһыылааҕа.
– Маладьыас эбиккин! Өлөн-охтон биэриэ суоххун!
– Бэйэбин баҕас атаҕастаппаппын.
Ити кэмҥэ Ник мобильнайа тыаһаата, Джастин Тимберлэйк мелодията кутулла түстэ.
– Але-е, – Ник сүрэҕэлдьээбит куолаһынан нэһиилэ хоруйдаата. «Хаска?», «Кимнээх?», «Ну, ладно» диэн тылларынан муҥурданаат, төлөпүөнүн араарда уонна Миша диэки ө-өр да өр көрдө. Онтон кэмниэ кэнэҕэс эттэ:
– Һы, таҥара биһиги кэпсэтиибитин истэ олорор курдук. Короче, табаарыстарым пааркаҕа ыҥыраллар. Сотору үҥкүү фестивала ыытыллар үһү, онно бэлэмнэнээри мусталлар. Барабыт дуо?
– Барыахха!!! – Миша, киниэхэ дьоллоох билиэт тиксибитинии, бэл диэтэр, ытыстарын таһынна уонна Костяҕа эттэ:
– Костя, хайаан да баран көрүөххэ!
– Төһө өр буолуой? – Костя билбэт сиригэр билбэт оҕолорун көрө барар баҕата суоҕа өйдөнүллэр.
– Билбэтим, – чахчы да Николас ону хантан билиэ баарай? Халлаан алдьаннаҕына Хатыҥнаахха бачча чааһынан тиийиэхпит дииллэрэ сымыйатыныы, куорат ыччатын эйгэтигэр дьыала саҕаланыа эрэ кэрэх, тугунан уонна хаһан түмүктэнэрин туһунан этэ да барыллыбат.
– Костик, эн туохтаа, хата, Милаҕа эрий уонна кинини ыҥыр! Кэм билэр киһигин көрөн, аралдьыйыаҥ дии! Ник, баһаалыста, сотовайгын начаас биэр эрэ, – Миша, Костяҕа аккаастанар да бокуой биэрбэккэ, төлөпүөн уунна.
Анарааҥҥыта, хайыай, төлөпүөнүн туппутунан турда уонна түннүк диэки хаамта. Туруупканы кулгааҕар даҕайаат: «Мила, баһаалыста, туруупкаҕын ылыма», – диэн сибигинэйдэ эрээри, барыта төттөрү буолан таҕыста: тута кэриэтэ Мила куолаһа иһилиннэ. Костя хайдах курдук долгуйбутун дьэ онно биирдэ өйдөөтө. Тоҕо эбитэ буолла, киниэхэ кыл түгэнигэр бу кэпсэтии бүгүн буолбакка, кэлин буолуохтааҕын сыыһа чугаһаппытын туһунан санаа үөскээтэ. «Көннөрүллүбэт алҕаһы оҥорон эрэҕин быһыылаах» диэн ис куолас ыйа сатаата да, суолун ортолообут айанньыт төттөрү төннүбэтин тэҥэ, итиччэ