ТОП просматриваемых книг сайта:
Хотун Куо. Ойуур Уйбаан
Читать онлайн.Название Хотун Куо
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5480-0
Автор произведения Ойуур Уйбаан
Издательство Айар
– Һы, ону эн бобоору гынаҕын дуо?! – Күннэй өһүргэммиччэ өрө хабылла түстэ.
Тыл-тылларыгар киирсибэккэ киҥир-хаҥыр кэпсэтэр кэмнэригэр, тыйыс көрүҥнээх хара көстүүмнээх киһи таҕыста. Ону эрэ кэтэһэн олорбут Күннэй кэбиниэккэ сулбу ойон киирдэ. Дириэктэр хайдах эрэ кубарыйан, түрдэстэн олорорун көрөөт, төттөрү ыстанан эрдэҕинэ:
– Саргылана Семеновна, дорообо. Хайа, киһини көрөөт төттөрү ыстанаҕын дуу? – диэн Валерий Никитич намыын куолаһынан эҕэлээхтик эппитин өһүргэнэ иһиттэр да, уоскуйа быһыытыйда.
Дьон хайдах туруктаахтарын тута билэр этэ. Ама сыыстардаҕа дуо? Оннук буоллар үчүгэй этэ.
Күннэй кэпсэтиини туохтан саҕалыан билбэккэ, кэри-куру дьүһүннээх утары олоппоско олордо. Эрдэ эрэннэрбитин туоһулаһан билэ охсуон баҕарда.
– Валерий Никитич, наука кандидата буоллум.
– Истибитим. Эҕэрдэ!
– Валерий Никитич, онон салгыы лабараанныырым табыгаһа суохха дылы. Били эрэннэрбитиҥ курдук…
– Да-да, оннук. Но!.. – киэптээбиттии хоноччу туттан олорор дириэктэр кыыс быһаччы кэпсэтэргэ соруммутун сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, быһа түһэн тохтотто.
Валерий Никитич эдэр, кыраһыабай кыыһы көрөн манньыйбыта мэлийэ оҕуста. Саҥата суох ханнык эрэ докумуоннары бэрийбитэ буолла. «Көр эрэ, өссө бэҕэһээҥҥи бэтэнээски сиртэн да быкпакка сылдьан, кини курдук улахан киһини тылыттан иилэ хабан ылан, дуоһунаска олоро охсуон баҕарбыт. Өссө улахан иэстээх сылдьар хотун курдук туттубут буола-буола», – диэн сиилии санаата.
– Валерий Никитич, тугу быһаарына сылдьаргын истиэм этэ.
– Ах, да! Матвей Николаевич ыарытыйарын иһин, кини оннугар эйигин ылар былааннаах этим. Ону баара оҕонньорбут «доруобуйам көннө, аҕыс уон сааспар диэри үлэлэтиҥ» диэн модьуйсан, былааммын ыста. Аксакал учуонай билиитэ-көрүүтэ таһыччы буоларын ким да мөккүһэр кыаҕа суох. Доруобуйата эрэ мөлтөөн хаалбатар, төһө баҕарар үлэлиэн сөп. Эһиги, эдэрдэр, аһара ыксаамаҥ. Бастаан үчүгэйдик үлэлээн бэйэҕитин көрдөрө түһүҥ ээ. Эн аспирантураны бүтэрэн, кандидат буолбутуҥ үчүгэй. Аны тиэмэҕинэн кинигэтэ бэчээттэт, элбэх научнай конференцияларга кытын, устудьуоннарга лекцията аах, монографията суруй. Биһиги баар эрдэхпитинэ сүбэлэтэн-амалатан, туһанан хаал. Үрдүк дуоһунаска тиэтэйимэ.
– Оччоҕо хаһааҥҥа диэри лабараанныыбыный?
– Кыратык тулуйа түс. Сотору биһигини солбуйар кэмиҥ кэлиэҕэ.
– Биэнсийэҕэ таҕыстахпына биирдэ дуо?
– Тоҕо хадаардаһа сатыыгыный?! Үтүө сүбэбин ылыммат буоллаххына, атын үрдүк хамнастаах үлэтэ булан бар! Көҥүл демократия үйэтигэр бэйэҥ хайдах баҕарар быһаарыныыны ыларыҥ көҥүлүҥ. Ким да эйигин тутар бырааба суох.
Валерий Никитич сымнаҕас кириэһилэтин туорайыгар тиэрэ түстэ уонна тоһун биэрбит саҕа сананан үөннээхтик мүчүҥнээтэ.
– Институт