ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
– Аана саҥа таабырынна тааттар эрэ, үнүргү таабырыннаргын, хонуктаах да буоллар, сүбэлэһэ-сүбэлэһэ бэркэ таайбыппыт ээ… – диир Настааччыйа.
– Хата… Хайаан да икки таабырыны! – Чоойун өрө көтө түһэр.
– Тааттаран бөҕө буоллаҕа дии, – мин ийэм барахсан эгэлгэ таабырыннарыттан сыымайдаан ылан тута тааттара охсобун:
– Тирэнэрэ биллибэт дьиэрэҥкэйдиир бухатыыр баар үһү?
– …Өссө би-биирэ… – аны Баһыычаан дьэргэйэ түһэр.
– Сөп. Аны биир таабырын… Обуо-чобуо уоллаах, сэттэ саллааттаах дьирибинэ куорат баар үһү?..
– Тохтоо эрэ…
– Сиип-сибилигин…
– Бээ-бээ… – дьиэ иһинээҕилэр бука-бары, кыралыын-бөдөҥнүүн, таабырын таайаары өйдөрүн-санааларын түмүнэллэр: сорох сүүһүн имэринэр, сорох кэтэҕин тарбанар, ким эрэ сымыһаҕын ытыран дьиэ өһүөтүн мээнэнэн мэндээриччи көрөр, ким эрэ кыҥначчы туттан оттомноох аҕайдык таалан, таастыйан турар…
Мин дьоммун улахан толкуйга түһэрбиппиттэн, тоҕо эрэ, күлэбин:
– Чэ, өтөр таайыыһыта суоххут быһыылаах, тура-олоро наҕылыччы сыымайдаарыҥ, хата билигин, күөспүт буһуор диэри киирбит ыалдьыт, эһээ кэпсээнин истиэҕиҥ… – диибин.
– Күөспүт буһуор диэри… – Настаа сөбүлэһэр. – Аана таабырыннар таайыыларын отой кимиэхэ да этээйэҕин. Туохха сыһыаннаахтарын, хайысхаларын да букатын тумуһурдатан биэрээйэҕин… – диир. Дьиҥэ таабырыннар таайыылара олус уустуга суох: бастакы таабырын таайыыта – ат дугата; иккис таабырын таайыыта – обуо-чобуо – анньыы, сэттэ саллаат – алта (угунуун сэттэ буолан тахсар) талах сэриилээх мас сүүр, дьирибинэ куорат – ойбон күөлэ (уута).
Баһыычаан адарай ороҥҥо түүрүллүбүт таҥас үөһэ таабырын таайыытын тобула сатаан улаханнык оттомуран, ынах этэрбэстээх атаҕын сото кээһэн, кэтэх тардыстан дьоһумсуйан сытан:
– Мин буучугураһы сиэҕим, – диэн эбэтигэр эрдэттэн үлэһэр. Бу саас Улахан Баһылай саһаан тиэйэ сылдьан хабдьыга ииппит туһаҕар, ыалыкылар быыстарыгар, элэтэ биир бочугурас иҥнибитин аҕалбыта ол онон «ханыы тардыһан» уһун сааһы быһа булууска сыппытын, эмээхсин баарыын куһу кытары холбуу тутан таһааран үргээн буһарбытын