ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Дьүөгэм Маарыйа эмискэ күлэн тэһэ ыстанар. Иккиэн саһан хорҕойбут сирбититтэн тахсан кэлэбит. Хата, Кылаччы Өлөксөөн улаханнык соһуйбат. Атын, өмүрэх эмээхсин эбитэ буоллар, өрө көтөн ыһыллаҥхайдана түһүөхтээх этэ.
– Бээ, бу эһиги… бу манна тугу көрдөөн, тиҥсиринэн, туохтан саһан кирийдигит, хотуйдар?.. – Өлөксөөн, хата, бэрт холкутук ыйытар, туос тымтайын сиргэ ууран, тайах маһыгар сыҥааҕын өйөөн, отой да наҕылыгар түһэр.
– Быркылаахха эт бэриһиннэрэ баран иһэбит.
Хаһырыа, Өлөксөөн үүдэһиннээх, хара лаҕый буолбут эргэ тымтайын өҥөйөн көрөр:
– Хата, барахсан эмис эбит дии. Дьылы үчүгэйдик тахсыбыт сүөһү быһыылаах, – диир.
– Лэкээрэй эмээхсин ынаҕа ырыаҕа… – диир Кылаччы. – Үчүгэйин түҥэттэн бүтэрбиттээ-эр. Ити миэхэ дар уҥуох түбэстэ. Дьон сылҕайбыта… Таах толунньаҥ… – Өлөксөөн кэм да, туохха да астыммат, тук буолбат үгэһинэн кэриэлийэр.
Тымтай иһигэр, күөх окко сууламмыт бүдүргэйи көрөн:
– Оттон мин көрдөхпүнэ, куҥ эт да курдук эбит дии, – диибин.
– Куҥуруоҕа!.. – Кылаччы ахсарбатах киһилии иэдэс биэрэр, мылах-илэх туттар.
– Хайдах сүөһү буолан баран уҥуоҕа суох буолуой эбээ, күлгэри гыннаҕыҥ дуу, – Маарыйа сүүһүн аннынан сүргүччү көрө-көрө сонньуйар.
Мин дьээбэрэммин:
– Үчүгэйэ бүппүт буоллаҕына, биһиги оттон оччоҕо кылыгырас уҥуохха да баран иһэр дьон эбиппит дии…
Кылаччы Өлөксөөн, «бэдэр мэйии» эридьиэстээн эргитэн син саҥа саҥаран хоруйдаһар.
– Эһиэхэ талан, сыымайдаан уурбуттара буолуо, хайаан да. Холкуос бэрэстээтэлин ийэтигэр ысталлааҕын ыытар, амтаннааҕын атаарар дьон инилэр, ол биһигинньиктэр диэн… һэ-һэ-һэ… – Өлөксөөн күлбэхтиир, онтон тохтоон оттомуран баран: – Эмээхсин хайдаҕый тоом, ама дуо? – диэн ыйытар.
Биһиги Кылаччы Өлөксөөнү кытта сээкэйи дьээбэлэһэн кэпсэтэн, эбии сэргэхсийэн күлэ-сала түһээт, эдэр кыргыттар кыдьыгырбычча, Быркылаахпытыгар сүүрүүнэн түһүнэбит…
Өссө 1930 сыллаахтан балык бултуур анал хаһаайыстыба тэриллэн кыһын эбэлэри кэрийэн хото муҥхалыыллара үһү.
Таата Мэхээлэтэ, Бутукаай Баһылай, Саппырыан, Тоокоон Уйбаан, Дайыыла, Тоһоҕо Куонаан, Аччык уола Миитэрэй диэн дьоннорун-сэргэлэрин аһаппыт, бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар биллэр-көстөр муҥхаһыт оҕонньоттор бааллара.
Айдаҥтан көстөн ордуктаах сиргэ, Муосталаах (төрүт аата Бээриҥдэ диэн, ону харыс аатынан солбуйбуттар) диэн сүрдээх баай балыктаах дьоһуннаах эбэҕэ, 1942 сылтан оборуоннай суолталаах «ырыыптириэс» тэрилтэ олохсуйан балыктыыр. Муосталаах балыксыттарынан улуус холкуостарыттан анаммыт дьон сылы-сыллаан үлэлииллэр, сүнньүнэн Бүлүү куоратыттан, Хаҕынтан, Төҥүргэстээхтэн, Кыргыдайтан, Дьоохуттан, Модуттан,