ТОП просматриваемых книг сайта:
Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Читать онлайн.Название Кыргыс толоонугар көрсүһүү
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6639-1
Автор произведения Данил Макеев
Издательство Айар
Сынньалаҥҥа турбут биэс күннэрэ Баһылайга сэрии буолуоҕуттан саамай үчүгэй, эттиин-хаанныын, куттуун-сүрдүүн сылаанньыйбыт, олоҕун тухары умнуллубат түгэнинэн буолбута. Биир киэһэ тревоганан туруоран инники кирбиини кыйа соҕуруу диэки илдьибиттэрэ. Баһылай Улаанайы инники – уҥа өттүгэр көлүйбүтэ. Бэйэтэ сиэр дьүһүннээх хаҥас аты мииммитэ. Түүнү быһа айаннаан, халлаан сырдыыта тыаҕа тахсан тохтообуттара. Күнү быһа хорҕойон туран баран, киэһэ хараҥарбытын кэннэ эмиэ айаҥҥа туруммуттара. Ити түүн тустаах сирдэригэр тиийэн буускаларын туруортаабыттара. Баһылай орудиены туруохтаах сирдэригэр илдьээт, кэтэххэ тахсан биэрбитэ. Аттарын сыгынньахтаабакка, бирикээс кэллэ да позициятыгар ойутардыы бэлэм турбута. Бу диэки баһаам күүс мустубут быһыылааҕа. Чугас-чугас араас калибрдаах орудие батареялара биир ситим буолан илим хотоҕоһунуу субуллубуттар этэ. Сарсыарда эрдэ халлаан сырдаан эрдэҕинэ, иннилэригэр үүт тураан сиик үллэн олордоҕуна, хас эмэ сүүһүнэн орудие тэҥҥэ эстэн халлаан хайдар хабараан тыаһа дэлби ыстаммыта. Аттар соһуйан чохчос гына түспүттэрэ, иннилэрин хоту ыстанан кэбиһээри быыппастыбыттара, Баһылай ыһыытаан-хаһыытаан, буойан нэһиилэ уоскуппута. Дьэ, доҕоор, онтон чаас аҥаарыттан ордук кэмҥэ сир сиҥнэр, халлаан хайдар үлүгэрэ буолбута. Аттар биир кэм кулгаахтарын ньылаҥната, дьигиҥнии, өрүтэ тэпсэҥэлии турбуттара.
Артиллерийскай бэлэмнэнии бүтээтин кытары, Баһылайга позициятыгар тиийэ охсоругар бирикээс кэлбитэ. Аттарын эргитэ тардан, дьонугар ыстаннарбыта. Расчет номнуо орудие атахтарын хомуйан бэлэм турара, ону передокка холбоно охсон, дивизионнарын холуоннатыгар суолга тахсыбыттара. Сотору хоҥнорго бирикээстээбиттэрэ. Ити икки ардыгар туман көтөн иннилэригэр ыраах, сибилигин аҕай тыһыынчанан сэнэрээт дэлбэритэ тэппит, өһөх буруо өрөһөлөнөр, сэрии тыаһа ньиргийэн олорор сирин диэки барбыттара…
Хас да күн тохтоло суох кимэн киирии буолбута. Биир күн Баһылайдаах батареяларын адьас инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн көтүтэн тиийэн оннуларын да була иликтэринэ, иннилэринээҕи хотоолго уонтан тахса ньиэмэс тааҥката буору-сыыһы өрүкүтэн лиһигирэһэн иһэллэрэ көстүбүтэ. Дьоно, буускаларын туруораат, ытыалаан тиҥийбитинэн барбыттара. Баһылай аттарын эргитэ тардан, тэйиччи көҕөрөр ойуурга ыстаннарбыта. Тиийэн аттарын баайа охсоот, тэлиэгэҕэ көлүллэн турар атынан дьонугар сэнэрээт илпитэ. Тула өттүгэр сэнэрээт, миинэ эстэн бурҕаҥныыра. Олортон биир эмэ таба түстэ да, аттыын бэйэлиин туох да ордубат гына дэлби тэбиллиэхтээҕэ. Баһылай ол туһунан саныы да барбат этэ. Дьонугар тиийэн сэнэрээттэри сүөкээт төттөрү ойуппута.