Скачать книгу

сытан үөрбүтүнэн туран кэллим,

      Олоххо, эйиэхэ тардыстым,

      Күнүм көрдө, сүрэҕим уота төлөннүрдэ,

      Дууһам ыллаан, дьикти иэйиим уһугунна.

      Умнуом суоҕа кэрэ киһи киирэн кэлбит үөрүүтүн,

      Өрүү өйдүөм ыраас суобас истиҥ-сылаас илдьитин,

      Хайдах эрэ тырым-ирим чоҕулуччу көрбүтүн,

      Поэзия музатын миэхэ бэлэх ууммутун.

      Санаам миэнэ ып-ыраас,

      Дууһам, иэйиим чап-чараас,

      Сүрэҕим өрүү сып-сылаас,

      Дэбил олоҕум эмиэ араас.

      Күн сиригэр Киһи эрэ өйдүөх тустаах киһини,

      Оннук эрэ буоллаҕына, үтүө, кэрэ өрөгөйдүөх

      туһа ини,

      Дьэ, ол иһин үтүө санаа кынатыгар уйдаран,

      Олох устун баран иһиэх, өрүү үөрэ долгуйан!

      Наталья Харлампьева

      Олох амтана ньулуйбут,

      Таптал сулуһа сууллубут,

      Чугас дьонум дьиппиэрбит

      Күннэрэ этэ ол.

      Биир халыан таксига олорсон

      Айаннаан испитим

      Маҥантан куоракка.

      Ардах ытыыра,

      Тыал үөһэ тыынара,

      Хара тыам аймана сүүрэрэ

      Суол кытыытынан.

      Суох этэ тулабар

      Мин ардаҕы үтүктэрбин

      Тохтотуох айылаах

      Сырдык күүс…

      Онуоха эппитэ таксист,

      Кыыһырбыт оҕонньор:

      «Ыл, хотуой, ытаан бүт,

      Айыка, мин бүтүннүү илийдим!

      Таһырдьа – ардах,

      Иһирдьэ эмиэ уу,

      Баҕа дуу, балык дуу

      Үһүбүн дуо мин?

      Ким барбыт – төннүөҕэ,

      Сүппүт – көстүөҕэ,

      Хаалбыт – бэйэтэ ситиэҕэ,

      Оттон бу ардах, көрөөр да,

      Куоракка тиийбэккэ астыаҕа!»

      Мыраан үрдүттэн көстүбүтэ

      Күлүмнэс Туймаада.

      Таксист уонна айылҕа

      Ол курдук

      Ардаҕы мэлдьэспиттэрэ.

      …Дууһабар былыттар

      Муста эрэ түстэллэр

      Аҕыйах ити тыл

      Миигин быыһыыр:

      «Ким барбыт – төннүөҕэ,

      Сүппүт – көстүөҕэ,

      Хаалбыт – бэйэтэ ситиэҕэ.

      Быстах ардах, көрөөр да,

      Букатын сотору астыаҕа!»

      Кэмсинии

      Алампа

      Ааспыт

      Ардах уутун курдук

      Ааһан хаалар.

      Кэнники кэлэн

      Кэрэгэйин билэн

      Кэмсиммитиҥ иһин,

      Оҥоһуллубут

      Ончу

      Олоҕуттан уларыйбат.

      Вениамин Миронов

      КЭМСИНИИ ТУҺУНАН

      Кэмсинии баар

      Бары дьаҥтан

      бастыҥ эмп:

      Үтүөмсүйүүттэн,

      Өйдөөҕүмсүйүүттэн,

      Улахамсыйыыттан

      Уонна да эҥин-араас

      Эгэлгэ куһаҕан быһыылартан.

      Билэр киһигин

      Сиилээн хоһулуоҥ,

      Чугас доҕоргун

      Үөхсэн да туруоҥ…

      Ааспытын кэннэ

      Алҕас кэбилэнним диэн

      Анаара санаан

      Аһарына сатыаҥ —

      Ол кэбэр быһыыгын,

      Ол кэһэхтээх тылгын.

      Тыл

      тэһии чыычаахтыы

      Көттө да —

      тутуоҥ

Скачать книгу