ТОП просматриваемых книг сайта:
Күтүөккэ хомолто. Сардаана
Читать онлайн.Название Күтүөккэ хомолто
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6756-5
Автор произведения Сардаана
Издательство Айар
– Эрдэ биллэрбэт этэ дуо? – диэн ыйыппыттарыгар хардам суоҕа.
Саныы сатаабытым, хаһан тугу мүччү көрбүт буолуохпун сөбүн. Туох да дьиэги өйдөөн быстыбатаҕым.
– Муус доруобай курдуга, хаһан да үҥсэргээбэт этэ, – диэбитим кырдьыгынан.
Оччолоох ыар ыарыы буулаабытын билэн охтон түһэ сыспытым. Ол эрээри илиибэр тутан хаалбыт дьолбун эмиэ мүччү туттараары бу ыар дьылҕа тургутуутун булгу ааһыахтаахпын диэн санаммытым. Оҕом эрэйдээх эдьиийдэрэ, билигин да быыкаа барахсаттарым көрөн турдахтарына самнарым сүрүкэтэ бэрдэ этэ. Онон, хайдах-туох айаннаан Аппалаахтан куоракка кэлэн баҕалаах, өрүһүйтэриэхтээх балыыһалаах Новосибирскайдыыр аартыкка киирбиппитин сиһилии кэпсээмиим. Тиһэҕэр кумааҕыны-докумуону барытын илиибэр ылан, харчым сыыһын ботуччу уктаммын, испэр иэдээннээхтик да айманан, туох-баарбын барытын умнан, үс кыыспын туппутунан сөмөлүөккэ киирбитим. Быыһанар сир диэки күүһүм баарынан дьүккүйэ сатаабытым. Туох баар өйүм-санаам түмүллүүтүн ол эрэ диэки туһаайбытым. Былыт үрдүнэн көтөн истэхпитинэ, кырам барахсан, Сайыынам муҥнаах уһуктан, уу иһиэн баҕаран көрдөөбүтэ. Быыкааны ыйырдаат, түөспэр сыста сытан сэниэтэ суох тугу эрэ саҥара сатаабыта, үрүҥүнэн көрөн ылбыта. Улахаттарым барахсаттар да кыра оҕолор буоллахтара, мин ыар балаһыанньабын, балтылара улаханнык ыалдьыбытын хантан билээхтиэхтэрэй, мэниктээн дьонтон буойуллубуттара. Бачча тиэтэллик эпэрээссийэҕэ эрэ баран иһэрбитин өйдөөбөт буолаахтаатахтара.
– Маайыс, Татыйаас, балтыгыт утуктаабыт, чуумпуруҥ эрэ, сотору тиийиэхпит, – диэбитим аа-дьуо оргууйдук.
Кырам утуйар-утуйбат икки ардынан илиибэр сыппыта:
– Аҕаа, уута… уута…
– Уу баар, мэ, ис, тоойуом… Тоойуом… Тоойуом?! Сайыына! Истэҕин дуо?! Истэҕин дуо, Сайыына! Тоҕо саҥарбаккын? Чыычаах, сыллыыйыам, көрүүй мин диэки! Хараххын ас! …
Ол күн олоҕум саамай хараҥа күнэ этэ. Чыычааҕым ооккото, кып-кыра киһичээним, аҥаар илиичээнинэн санныбын кууспутунан субу бип-битигирэс тэбиэлиир сүрэҕэ… сир-халлаан икки ардыгар тохтоон хаалбыта. Итэҕэйбэтэҕим. Бу аата тугуй? Оҕобун быыһыахтаах этим эбээт! Мин Сайыынам Новосибирскайтан саҥа сүрэхтэнэн, туллуктана көтөн төннүөхтээҕэ эбээт! Ама даҕаны?! Кып-кырачаан мин оҕом, туох аньыылаах буолан, бу Орто дойду олоҕуттан матыахтааҕый?!
Мин, Даайыһым аһыыта күннэтэ ыгыта кымаахтыырыттан бааһырбыта ырааппыт сүрэҕим бааһа аһый гыммыта, саҥа өттүнэн хайы ыстаммыта быһыылааҕа. Санаабар бу көтөн иһэр сөмөлүөттэн сууллан эрэрим… Кими ыҥырыахпын,