ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Читать онлайн.Название Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6880-7
Автор произведения Николай Николаев
Издательство Айар
1964–1982 сс. Новосибирскай историктара В.А. Демидов, В.С. Познанскай, А.П. Окладников, Москваҕа олорон, Саха сирин историятынан дьарыктанар А.И. Новгородов, В.Г. Лебедев, В.Н. Емельянов саха историктарын үлэлэрин кириитикэлээн, барыта 32 араас кээмэйдээх уонна таһымнаах ыстатыйаны хомуурунньуктарга, кинигэлэргэ, научнай сурунаалларга таһаарбыттара. Саха историктарыттан маҥнай соҕотох Г.П. Башарин эппиэттэри суруйан, хардары кириитикэлээн 1 ыстатыйаны, 1 брошюраны, 1 кинигэни суруйбута. «Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX–начала XX века (по поводу книги З.В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX–XX вв.») диэн кинигэтэ тахсан, айдааны таһааран, Саха сирин историктарын үлэлэрин Сибииргэ уонна Москваҕа бэчээттээбэт буолбуттара. Сотору кэминэн (1976 с.) Саха судаарыстыбаннай университетын иһинэн үлэлиир историяҕа уонна филологияҕа кандидатскай диссертациялары көмүскүүр Учуонай сэбиэт сабыллыбыта.
Маннык балаһыанньаҕа хаайтаран, СГУ историко-филологическай факультетын ССРС историятыгар уонна уопсай историяҕа кафедралара мунньахтаан (15.03.1962 с.), үөскээбит балаһыанньаны быһааран, Новосибирскай уонна Москва учуонайдара Саха сирин историятын үөрэтиигэ көрүүлэрэ (концепциялара) теоретическай өттүнэн итэҕэстээҕин, элбэх фактическай сыыһалааҕын, үгүс источнигы «көннөрөн», ахтыылары «тупсаран» оҥорон туһаммыттарын дакаастаан, улахан уурааҕы ылыммыттара уонна бу учуонайдар үлэлиир сирдэригэр уонна партийнай тэрилтэлэргэ ыыппыттара. Ол эрээри балаһыанньа тупсар кыаҕа мөлтөх этэ.
Историктар мөккүспүт боппуруостара элбэх этэ. Олортон биһиги маннык эрэ боппуруостарга тохтоотубут:
1) ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) баарын быһаарыы;
2) 1921–1922 сс. уобалаһы салайар партийнай тэрилтэҕэ триумвират оруолун уонна суолтатын быһаарыы;
3) бу саҕана Саха сиригэр ыытыллыбыт хаҥастыйыы бэлиитикэтин, сүрүн миэтэттэрин уонна оруолун быһаарыы;
4) 1921–1923 сс. күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии саҕаламмыт биричиинэлэрин, характерын уонна норуот өйүгэр-санаатыгар содулун быһаарыы;
5) П.А. Ойуунускайтан, М.К. Аммосовтан уонна И.Н. Бараховтан ураты, 1921–1922 сс. аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ылыыга көмөлөспүт нуучча салайааччыларын оруолларын көрдөрүү.
Ханнык баҕарар саастаах уонна үөрэхтээх ааҕааччы өйдөөтүн диэн, бу боппуруостары сахалыы боростуойдук быһаара сатаатыбыт. Оччотооҕу идеология, марксисткай теория уонна методология көрдөбүллэринэн Арассыыйа киинигэр уонна хаалыылаах кытыы регионнарыгар буолбут сабыытыйаны барытын биир халыыбынан быһаарыы мөлтөх содулларын, ааспыт сабыытыйалары билигин хайдах быһааралларын уонна сыаналыылларын эмиэ кэпсээтибит. Бэйэ көрүүтүн, сыанабылын кимиэхэ да сыҥалаабаппыт, ол эрээри историяны үөрэтээччилэр буолбут сабыытыйалары саҥалыы өйдүүллэригэр уонна сыаналыылларыгар көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
1960–1980 сс. саха историктарын үлэлэрин кириитикэлээччи уонна сыаналааччы элбэх этэ:
1) биир идэлээхтэрэ (бу дьиҥнээх научнай, үтүөнү баҕаран сыыһалары ыйар уонна сүбэлиир кириитикэ);
2) анаан-минээн оҥостон олорон, сыыһаны-итэҕэһи булан дарбатыы, айдааны таһаарыы, утарсыылары тэрийии, ол кэнниттэн ааптардары араастаан холуннарыы, кэнэйдээһин, араас тэрилтэҕэ үҥсүү, сорохтору суукка биэрии (бу ордук Новосибирскай историктарыгар сыһыаннаах);
3) Саха сиригэр бэйэбитигэр партия, гражданскай сэрии уонна сэбиэскэй тутуу бэтэрээннэрэ араастык бөлөхтөһөн, куомуннаһан история, экономика, социология боппуруостарыгар Саха сиригэр тахсыбыт үлэлэри олоҕо суох кириитикэлээһиннэрэ уонна үҥсүүлэрэ.
1962–1991 сс. саха историктарын дьаныһан туран араастаан сиилээбит, холуннарбыт, кэнэйдээбит кириитиктэр тумус киһилэрэ Арвед Вольдемарович Паулин этэ. Кинини Семен Иванович Николаев (партийнай үлэһит, кэлин «Политическая агитация» сурунаал эрэдээктэрэ), Степан Павлович Кылатчанов уо.д.а. өйөөбүттэрэ. Сибиир элбэх субъегыттан 30-ча сыл устата кытаанах кириитикэҕэ, хоруотааһыҥҥа, эккирэтиигэ түбэспит саха учуонайдара эрэ этилэр. Хомойуох иһин, кинилэри холуннарааччылар, үөҕээччилэр билигин даҕаны күөгэйэ тураллар.
Билигин кырдьык өрөгөйдөөн, саха норуотун өйө-санаата уһуктан, норуот бэйэтин оруолун уонна миэстэтин быһааран уонна булан, киэн туттар дьоннордоох, дириҥ уонна киэҥ историялаах, араас элбэх норуоттары кытта истиҥ, доҕордуу сыһыаннаах. Маннык киһилии, объективнай көрүүгэ, өйгө-санааҕа, олоххо тиийиигэ 1960–1980 сс. норуот кырдьыгын, чиэһин, суобаһын уонна кэскилин иһин турууласпыт, мөккүспүт Саха сирин историктарын сэмэй кылааттара баара чахчы.
Ааптар
Учуонайдар мөккүспүт сорох боппуруостара
1. 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) уонна баһылыыр кылаастар баалларай?
1960–1980 сс. Саха сирин уонна Новосибирскай историктара уһуннук, туруулаһан туран, мөккүспүт биир боппуруостара – 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация)