ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков
Читать онлайн.Название Ийээ, бырастыы гын..
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3898-5
Автор произведения Степан Марков
Издательство Айар
Дьэбдьиэй эмээхсин таҥара биэрбит доруобуйатынан уһун үйэлэннэ. Киһи аайы 80 саас диэн кэлбэт эбээт, киһи бу кылгас уонна биир тэҥэ суох араас кыһалҕалардаах, долгуннаах олоҕор… Кырдьаҕас мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр, элбэҕи билэн-истэн кэллэҕэ: кыра буолан билбэтэр да, бандьыыттартан куттаныыны, холкуостааһыны, репрессия ыар тыынын, аҕа дойду сэриитин, сэрии сылларыгар аас-туор аччык олоҕу, хоргуйан өлүүнү, Кыайыы үөрүүтүн, дойдуга олоҕу чөлүгэр түһэрии үлэлэрин, Сталин өлбүтүгэр «сирдьиппит өллө, ким биһигини салайыаҕай» диэн ытаһыыны-айманыыны, онтон былааска хас саҥа салайааччы кэллэҕин аайы, «саҥа сиппиир саҥалыы сиппийэр» диэн нуучча өһүн хоһоонунуу, киһи санаабатах саҥа «тупсаран» оҥоруулары, кэлин тиһэҕэр Сэбиэт былааһа эстэн, хапыталыыстыы уопсастыба олоҕор киириини… Ити барыта биир киһи олоҕор, биир киһи сүрэҕэр-санаатыгар биллэр олох долгуннарын охсуулара эбээт.
…Дьэбдьиэй кырдьаҕас оҕо эрдэҕинэ төрөппүттэрин кытта олорбут сайылыгын балаҕаныгар баар эбит. Кураанах хардаҕас мас тыһырҕаан умайан, хараҥаран эрэр балаҕаны көмүлүөк оһох сырдатара эчи үчүгэ-йин. Сып-сылаас, сып-сырдык. Бары бааллар: ийэтэ, аҕата, икки быраата, балта уонна дьукаах ыаллара. Ким да тугу да саҥарбатыттан Дуунньа кыыс олус муодаргыыр. Бачча үчүгэй киэһэҕэ тоҕо саҥарбаттарый? Кини кэпсэтэ сатыыр да, онно эрэ кыһамматтар. «Оччоҕо мин таһырдьа тахсабын», – диэт, аан диэки ыстанар. Кэнниттэн «тахсыма» диэни иһиттэ да, ийэтэ дуу, аҕата дуу саҥарбытын араарбата. Тэлгэһэҕэ баар буола түстэ. Оҕо-оҕо курдук, сүүрүөх-көтүөх, ойуох буолан иһэн, сибилиҥҥитин курдук кырдьаҕаһыгар түһэн, бэйэтинэн буолан хаалла. Тайахпын умнубуппун диэн, аны балаҕанын оннугар баар буолан хаалбыт ампаар дьиэтин таһыттан тайах маһын ылла. Балаҕан ыйын бастакы күннэрэ дии саныыр. Сып-сылаас, нуурал киэһэ. Соҕуруу куула тыа үрдүнэн, чугуун айаҕын саҕа төп-төгүрүк, чэмэлкэй ый сып-сырдыгынан тыгар. Ыраас халлааҥҥа сулустар чаҕылыспыттар.
Дьэбдьиэй ханна да барыан билбэккэ турдаҕына, кулгааҕар эмискэ дьон саҥатын курдугу иһиттэ. Былаатын арыый истэр уҥа кулгааҕын кэтэҕэр анньан иһиллээн турда. Аны били ырааҕы кыайан көрбөт харахтара бэрт үчүгэйдик көрөр курдук буолан хааллылар. Көрдөҕүнэ, илин айан суолунан ханнык эрэ дьон сыһыллан-соһуллан иһэллэр эбит. Өр кэтэһэн турда. Ол дьоно кини олбуорун таһынан ааһар айан суолунан нэһиилэ соһон иһэр атахтарынан буору көбүтэн бу иһэллэр. Кимнээхтэрий бу? Бары ып-ырыган, таҥас-сап элээмэтэ уҥуохтаах тириилэригэр иилиллэ эрэ сылдьар дьоно сордоохтор эбит. Дьэбдьиэй киһи көрүөх сиригэр турар да, кинини киһи баар диэн көрбөттөр, кыһамматтар. Бабат! Бу сэрии сылларыгар тыыннаах моруу буолан, хоргуйан өлбүт, билэр дьоно буолбаат! Бу бастаан иһэр ыкса ыала, кырдьаҕас Киргиэлэй оҕонньор дии. Сөп буола-буола иһиллэр-иһиллибэттик ботугураан: «Ок-сиэ, биир ньуоска төбөтүн саҕа айахха угар ас баҕалааҕыан…» – диир. Кэнниттэн эмиэ хоргуйан өлбүт эмээхсинэ Харытыана уонна кийиитэ, сиэннэрэ иһээхтииллэр. Оттон бу кимнээҕий? Тыый, бэркэ билэр дьахтара Мааппа дии, эдэр дьахтар, икки кыра оҕотунуун хоргуйан өлөөхтөөбүттэрэ. Кэргэнэ сэриигэ өллө диэн сурук кэлбитэ дии. Чэ уоннааҕыларын өйдөөн көрбөтө, киһи билэр дьоно буолбатахтар даҕаны курдук. Бары ытыстарын иннилэригэр тоһуйаллар, саҥалара истэриттэн тахсыбат, бука, биирдэ ыйыстар ас көрдөөн эрдэхтэрэ… Оҕолорун сиэтэн иһээхтииллэр. Дьэбдьиэй былыр үйэҕэ өлбүт дьонун билэр уонна бу аньыылаах-буруйдаах орто дойдуга хаалан, күн тура-тура ас көрдөөн айманан хааман кэрийэ сылдьалларын көрдөҕө… «Бэйи эрэ, оттон мин дьиэбиттэн таһааран биэрдэхпинэ хайдаҕый» диэн санаан эрдэҕинэ, сиэтиллэн иһэр оҕолортон биирдэстэрэ чуолкай, чаҕаан куолаһынан: «Көрүҥ-көрүҥ, бу Дьуунньа турар дии, кини дии, тоҕо көрбөккүтүй?!» – диэн айаннаан иһэр дьонун ыҥырбытыгар, Дьэбдьиэй эмээхсин ханна да барбытын билбэт буолан хаалла. Арай икки илиитэ, икки атаҕа көһүйэн, кыаһыланан, туох эрэ аарыма ыарахан кыыл тыынын-быарын ыга баттаан, сырдык-хараҥа буолуталаан барда. «Абырааҥ, быыһааҥ!» – диэн хаһыытыы сатыыр да, саҥата тахсыбат. Ол быыһыгар эмиэ ким