ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха саарына Тэрис. Группа авторов
Читать онлайн.Название Саха саарына Тэрис
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5750-4
Автор произведения Группа авторов
Издательство Айар
– «Айыы туомнара» (үлэлиир дьоҥҥо эрэ бэриллэр);
– «Символ религии Айыы» (итэҕэл туһунан саамай кылгас кинигэ);
– «Саха итэҕэлин кылгас тылдьыта» (итэҕэл туһунан орто кинигэ).
Онон билиҥҥи кэмҥэ саха киһитин, ыччатын сиэрдээх киһи оҥорорго Л.А. Афанасьев 20-тэн тахса сыл тэрийбит, сааһылаабыт, түбүгүрбүт унньуктаах үлэтэ сүүнэ улахан көмөлөөх. Эттэххэ, суруйдахха түргэнин иһин, бу барыта үтүмэн үлэ, элбэх сыра-сылба түмүгэ буолар. Оннук айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар үтүө-мааны дьоһун киһибитигэр Тэрискэ саха дьонун аатыт-тан барҕа махтал тылын этиэххэ, аман алгыс тылын аныахха! «Айыы үөрэҕин» аҕата, «Кут-сүр» кыһа түсчүтэ – Тэрис муударай сааскынан итии, истиҥ эҕэрдэ буолуох-тун! Туску!
Саха итэҕэлин сөргүппүтэ
Оччотооҕуга Лааһар уол тутуу биригээдэтин кытта кэлсэн, Халбаакы саҥа оскуолатын тутуспута дииллэрин истэрим. Ити 1970 сыллар диэки буолуохтаах, саҥа типовой оскуоланы элбэх киһи, омук кыттыылаах тутуу быһыылааҕа… Сэбиэскэй да кэмҥэ тутуу көхтөөхтүк уонна чопчу болдьоҕор бүтэр идэлээх этэ.
1988 сылтан, Халбаакы оскуолатыгар үлэлиир кэммэр, биһиги Лааһарбыт аата улам-улам иһиллэн, аны Айыы үөрэҕин тарҕатааччытын, сүбэһитин быһыытынан биллэн барбыта. 1994 сылтан ити итэҕэл үөрэҕэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар предмет быһыытынан киирэн, үрдүк таһымнаах кэмпириэнсийэлэр, араас авторскай көрсүһүүлэр, бырайыактар буолан, сир-сиргэ тэнийэн, тарҕанан барбыта… Уһун сылларга хам баттана сыппыт норуот талааннаахтара итэҕэл араас таһымнарыгар бэйэлэрин идэлэрин тарҕатан, кыттан, бииртэн биир ураты дьарыктаах дьоммут бу итэҕэлгэ кыттыһан, үлэлэһэн норуокка үрдүк өрө көтөҕүллүү, сайдыы буолбута. Ол курдук, хас да түгэҥҥэ Халбаакы орто оскуолатыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэргэ Лазарь Андреевич-Тэрис салайсан, кыттан өрөспүүбүлүкэ учууталларын олус үөрдүбүтэ. Бу – Саха норуотугар баар сиэр-туом инникитин дьону сомоҕолуо, түмүө уонна аан дойду биһиги итэҕэлбитин билиниэ диэн. Кырдьык, Лазарь Андреевич элбэх научнай үлэтин сүрүн хайысхатынан норуот сурукка киирбитин, үһүйээҥҥэ-кэпсээҥҥэ хаалларбытын түмэн, анааран бу улууканнаах үөрэҕи төрдүн-төбөтүн элбэх сылларга саа-һылаан дьонугар бэлэх оҥордо… Бу уу сахалыы иитиилээх тыа оҕото элбэх кыһалҕаны көрсөн, олоҕун суолун дьулуурунан, билиитинэн соломмут, айылҕаттан дириҥ билиини-көрүүнү иҥэриммит, үгүс кырдьаҕаһы кытта алтыһан, ити ытык иэһин толорон, норуотун иннигэр ууран биэрдэ… Дьэ, ким хайдах өйдүүрэ – ол кини бэйэтин духуобунай өйүн-санаатын ситиитин таһымыттан тутулуктаах. Холобура, миэхэ,