ТОП просматриваемых книг сайта:
Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
Читать онлайн.Название Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6003-0
Автор произведения Любовь Васильева
Издательство Айар
Биһиги балыыһаҕа сытар кэммитигэр Тууйабыт Сочиттан сборданан кэлэн Дьокуускайга ааспыта. «Азия оҕолоро» спорт оонньууларыгар көрдөрүүлээх нүөмэргэ кыттыахтаах этэ. Хата тириэньэрдэрэ биһиги балаһыанньабытын өйдөөн, Тууйаны толору пансиоҥҥа киллэрэн, күрэхтэһии кыттааччыларыгар анаммыт уопсайга олордубуттара.
Арай биир күн оҕом эрийэн дэлби ытаата. Харчылаах көһүлүөгүн уоран ылбыттар этэ. Кыыспар хоскор үчүгэйдик көр, сүппүт буоллаҕына дьоммунан харчы ыытыам диэн уоскута сатаатым. Ол кэпсэтиибитин Күннэй истэн олорон, эмискэ эттэ: «Сарсын аҕалан биэриэхтэрэ, долгуйбатын». Кырдьык, сарсыныгар Тууйа «Туймаада» стадиоҥҥа репетициялана сырыттаҕына кини таҥаһын уурбут ыскамыайкатыгар көһүлүөгүн аҕалан уурбуттар этэ. Иһигэр харчыта барыта баар. Ким аҕалан уурбута биллибэтэҕэ. Эмиэ дьикти түбэлтэ…
Ол курдук балыыһабытыгар ыйтан ордук сыттыбыт. Араас бэрэбиэркэни барытын ааспытын үрдүнэн, син биир туох да быһаарыллыбата. Бу – биэс консилиум тухары…
Балыыһаттан тахсар күммүт тирээн кэллэ. Түмүкпүтүн ылаат, дьоммутугар диэри такси ыҥырдыбыт. Ол баран иһэн Матронушка храмыгар сырыттыбыт. Онтон салгыы таксибытынан айаннаан истэхпитинэ арай оҕом, түөһүн туттаат, биирдэ намылыс гынан хаалла. Дьэ онно ыксал буолла. Суоппарбыт, массыынатын тохтотоот, суол ортотугар сүүрэн таҕыста. Хата, биһиги дьолбутугар, оруобуна суһал көмө массыыната баран иһэрин көрөн, далбаатаан, хаһыытаан ыҥыран ылла. Оҕом ол икки ардыгар өйдөнөн кэлээт, үөһэ-аллара мөхсөн киирэн барда уонна ыксаабыт куолаһынан: «Ийээ, илиибин-атахпын тутуҥҥутууй!!! Туох миигин быраҕаттыырый?» – диэхтиир. Мин сыппыт балыыһабытыгар төттөрү эрийбиппэр: «Манна аҕалымаҥ, ханна суһал көмө илдьэринэн барыҥ. Баҕар, онно тугу эмит быһаарыахтара», – диэтилэр. Ол оннук мучумааннанан 79-с клиническэй балыыһаҕа барар буоллубут. Оҕом балыыһаҕа айаннаан тиийиэхпитигэр диэри хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Ол быыһыгар: «Туох ааттаах элбэх хара дьоно үмүөрүстүлэр?» – диэн үлэһиттэри куттаан ылар. Манна эмиэ быраастар «глубокий сопор неясной этиологии» диэн түмүктээтилэр уонна аҕыйах хонугунан, эмиэ тугу да быһаарбакка, балыыһаттан таһааран кэбистилэр.
Аны маннык туруктаах ханна да айанныыр кыахпыт суох, быраастар сөмөлүөтү тулуйуо суоҕа диэн бобустулар. Дьокуускайдар, бачча баран бараҥҥыт быһаартаран кэлиҥ диэн сүбэлээтилэр. Дьэ, кырдьык, «барар сирбит баҕана үүтэ, кэлэр сирбит кэлии үүтэ» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Хата, Күннэйбин сүрэхтээбит ийэлээх аҕата: «Ханна да бара-кэлэ сатаамаҥ, ыксаамаҥ, төһө баҕарар олоруҥ», – диэн, барытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан олус абыраабыттара. Инньэ гынан Москваҕа хаала