ТОП просматриваемых книг сайта:
Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
Читать онлайн.Название Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6003-0
Автор произведения Любовь Васильева
Издательство Айар
Өссө биир түбэлтэни кэпсиим. Эдэр ыаллар болдьостулар. Кыыс улаатар сааһыттан ыарытыйар эбит. Быраастар туох да диэн түптээн быһаарбатахтар, кини даҕаны сири-дойдуну кэрийэ сатаабыт. Болдьохтоох күннэригэр эбиэт кэннэ кыыһым эттэ: «Дьонум ГАИ пуоһун аастылар, кэлиэхтэригэр диэри сытан ылыам». Дьоммут уһаабатылар, начаас тилигирэтэн тиийэн кэллилэр. Киирээттэрин кытта Күннэй, кыыс диэки көрөөт: «Туох ааттаах элбэх өлбүт киһини батыһыннаран аҕаллыҥ?» – диэтэ. Эмтиир кэмигэр Күннэй ол кыыстыын саалаҕа хааллылар, биһиги кэргэнин кытта куукунаҕа кэтэһэн олордубут. Күннэй көхсүн курдьугунуур тыаһа сүрдээх этэ, эмиэ да эр киһи куолаһа иһиллэрэ… Сотору буолаат ыҥырда. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ уп-улахан, саарык курдук. Ол кыыс диэки көрө-көрө күлэр: «Элбэх да өлбүт киһини миэхэ сиэттиҥ», – диэн. Онтун, өр да өр куһаҕан баҕайы сыттааҕынан хотуолаан баран, таһырдьа таһааран миэхэ уоттатта. Ол кэннэ кыыстан ыйытта: «Биир кыра соҕус уҥуохтаах эмээхсини көрөбүн дии, мөҕүтүн да мөҕүтүн буолар. Наһаа куһаҕан кырыыс тыллаах. Кимин билэҕин дуо?» Тас көрүҥүн, таҥаһын барытын ойуулаан биэрдэ. Кыыс тута кимин биллим диэн хоруйдаата.
Тыл хайдахтаах курдук күүстээҕин ол онно өссө төгүл өйдөөбүтүм. Кыыс барахсаны өссө иккитэ-үстэ төхтүрүйэн эмтээбитэ.
…2013 сыллаахха Туйаарабыт Адлерга сбордана барар буолбутугар, биһиги Күннэйдиин эмиэ муораҕа сынньанан кэлэргэ быһаарыммыппыт. Оччолорго кыыһым өйүн сүтэрэрэ арыый аҕыйаан, уоскуйан сылдьар кэммит этэ. Муора салгынынан толору тыынан, дуоһуйа сөтүөлээн олус да абыраммыппыт.
Арай биир күн оҕом эмискэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Көрдөхпүнэ, Күннэйим, курданарынан ууга туран, сирэйинэн умса баран түстэ. Мин өйүн сүтэрбитин тута өйдөөммүн, оҕобун баттаҕыттан кыл мүччү харбаан ыллым. Аны уу тардар күүһэ туох да ынырык, долгун саба охсо турар. Аттыбар турар дьахтар, хата, тута өйдөөн, соһуспутунан барда. Кыыспын нэһиилэ биэрэккэ таһаардыбыт. Аймалҕан буолла, киһи бөҕө тоҕуоруста. Пляж дьоно бары сүүрэн кэллилэр быһыылаах. Медик уонна быыһааччылар биирдэ баар буола түстүлэр. Тыын киллэрэн, сүрэҕин массаастаан, бастакы көмөнү оҥоро сатаатылар. Оҕом өйүгэр кэлиэхтээҕэр, тыыммат даҕаны, пульса эмиэ суох. Мин хайдах да буолуохпун булбатым, ама да эмиэ оҕобун сүтэрэн эрэбин дуу диэн санааттан тыыным хаайтаран ылла… Оннук буолуон сатаммат диэн бэйэм-бэйэбин уоскутуна, куһаҕан санаалары ыраах кыйдыы сатаатым. Ол икки ардыгар суһал көмө массыыната тиийэн кэллэ. Оччолорго Сочига кыһыҥҥы олимпиадаҕа