ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха таабырыннара / Якутские загадки. Народное творчество
Читать онлайн.Название Саха таабырыннара / Якутские загадки
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4527-3
Автор произведения Народное творчество
Издательство Айар
Остроязыкий (остроклювый) орел, солнце и месяц застилаючи, летит.
5. Баһыгар харахтаах тугуй?
У кого глаза на макушке?
6. Соҕуруу дойдуттан торбос саҥыйахтаах оҕолор кэлбиттэр үһү.
Говорят, с юга прилетели ребятишки в телячьих дохах.
7. Ньаассын лааппылаах, тойоннуур торуоскалаах уордаах ыраахтааҕы баар үһү.
Говорят, есть грозный царь с мягкой лавкой и повелевающей тростью.
8. Ырыалаах-тойуктаах Ырыа Ыгдаанай баар үһү.
С песнями и напевами певец с короткой шеей и головой, ушедшей в плечи, есть.
9. Орто дойдуга кэлэн баран, саҥата суох төннөр баар үһү.
В средний мир приходит и безмолвно уходит.
10. Күнү көрбөт күтүр бөҕө баар үһү.
Говорят, есть чудище, не видящее солнца.
11. Ким бэйэтин саҕа сибиниэһи соһор?
Кто может тащить свинец величиной с себя.
12. От илиилээх, от атахтаах Быһа Быакатта оҕо баар үһү.
Есть, говорят, Обтянучка-перетянучка с травяной рукой, травяной ногой.
13. Халлаан сир икки ардыгар тыалтан биэрэҥэлии турар куччугуй хамныыр матаҕа баар үһү.
Между небом и землей на ветру качается маленькая подвижная сумочка.
14. Аҕыс атахтаах Араллаан бухатыыр баар үһү.
Говорят, есть восьминогий Беда-богатырь.
15. Кытай кыргыттарын кыптыыйдарын тыаһа кыһырҕаан иһиллэр.
Позвякивание ножниц китайских девушек звонко слышится.
Балык, уу-хонуу харамайа
Рыбы, земноводные
1. Ким уолугунан айахтааҕый?
У кого рот на груди?
2. Байҕал устун кыһыл чааскы аҥаара кэлбит үһү.
По морю плывет половина красной чаши.
3. Далай (өрүс) устун хатыҥ ураҕас устан эрэр (иһэр) үһү.
По большой воде (по Лене) плывет, говорят, березовый шест.
4. Көмүс алтан таҥастаах баар үһү.
Есть, говорят, некто в серебряном полосатом платье.
5. Икки илиилээх, биэс тарбахтаах да, тугу да сатаан туттубат.
С двумя руками, с пятью пальцами да не может работать.
6. Көппөх тэллэхтээх баар үһү.
Говорят, есть некто с постелью из мха.
Көтөр кынаттаахтар
Птицы
1. Таһа таас, иһэ үрүҥ көмүс, ол иһигэр кыһыл көмүс баар үһү.
Снаружи – стекло, внутри – серебро, а в нем – золото.
2. Тоһоҕо уһугар тулуйан турбат баар үһү.
Говорят, есть нечто, что на кончике гвоздя не может удержаться.
3. Бастаан төрөөтөҕүнэ сыгынньах, иккис төрүүрүгэр таҥастаах.
При первом рождении – голый, при втором – одетый.
4. Иккитэ төрөөтө да, биирдэ даҕаны сүрэхтэммэтэх.
Два раза родился, но ни разу не крестился.
5. Инчэҕэйгэ киирэр – кириэтиир, кураанахха тахсар – үөрэр, үҥкүүлүүр баар үһү.
В воду войдет – ковыряет (своим острым концом), на сушу выйдет – радуется, пляшет.
6. Булуҥ кыыһа мутук дьиэлээх үһү.
У булунской девы дом из сука.
7. Бороҕон кыыһа буор дьиэлээх, хадаар