ТОП просматриваемых книг сайта:
Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова
Читать онлайн.Название Түҥкэтэх ырай
Год выпуска 2013
isbn 978-5-7696-4188-6
Автор произведения Елена Слепцова
Издательство Айар
– Ноо, булка илдьэ сылдьыахха бэртээхэй тэрил эбит дии, балар намчылара бэрт. – Уйбаан ол улуу бытыылканы тутан олорор курдук бүччүччү көрөр.
– Аа, «Кока-Кола» бытыылкатын этэр быһыылаах. Чахчы үчүгэй сэп. Кырата-улахана барыта баар буолар, биһиги омук сиригэр бара сылдьан аҕалыы бөҕөтө, – Мааппа Колесова чаҕаарар.
Кини, бааттаах киһи, банаары тардан астыммыта сүр. «Тыаҕа гастролга илдьэ сылдьыллыа, хараҥатыттан киһи убуорунай хайаҕаһын да булбат. Дьэ абыранаа инибит», – диэмэхтиир.
– Ол бытыылка сыаната төһө буолар? – Уйбаан ымсыыран ыйытар.
– Босхо. Утаҕын истиҥ да, уктан кэбиһэҕин, олох ыйааһына да суох. Таҥас быыһыгар да уктаххына, хомуруйбат, – Мааппа, дьыаланы билэр киһи быһыытынан, аахайбатахтыы хардарар.
– Аата, оннук айылаах туох аптаах тэрилин айбыттарай. Биирдэ эмэ убайгытыгар кэһии гынан аҕалаарыҥ эрэ, – Уйбаан үлэһэр.
– Убайбар аҕалан бөҕө буоллаҕа дии.
Ити кэмҥэ таһыттан Эдуард Красильщик диэн Чита куоратыттан кэлэн хаһыс да сылын үлэлии сылдьар дьэбириэй киһитэ үөхсүү бөҕөтүн түһэрэн киирдэ:
– Гааттар Нинка биһикки арыгыбыт талонун уоран ылбыттар. Таах сибиэ ылан иһэн кэбиспэккэ, билигин испэр сылдьар буолуо этэ.
Ким да саҥарбат, тоҕо диэтэххэ арыгы талона сүтүүтэ – билиҥҥи кэмҥэ саамай ыарыылаах сүтүк. Арыгыта суох туох да үлэ барбат, онон харчытааҕар сыаната үрдээн турар. Эдиктээх Нина саҥа ыал буолан сылдьаллара. Ханна олороллорун ким да билбэт. Арай оронноро суох буолан баата матараас булаары талоннарын мунньалларын бары билэрбит.
– Блин, даача халыы барабын, Нинка сиргэ сытартан бүөрэ ыалдьан өлөрүгэр тиийдэ…
– Эдик, өйүүн гастролга барар буоллубут. Онон биир ый ыалга хоно, аһыы сылдьыаххыт дии. Суточнайгытын мунньан, кэллэххитинэ ылыныаххыт, – Сэргэй Уйбаанабыс балаһыанньаны быыһыырдыы холкутук этэр.
– О, как хорошо, чем скорее уедем, тем лучше. Нинканы уоскута бардым оччоҕо, – диэт, Эдик унньулуйан тахсан барар.
– Чэ, тарҕаһыҥ. Киэһэ ыраатта, – Уйбаан ити икки ардыгар дьаһала киирэр.
Дьон сыыйа тарҕастылар. Биһиги бүгүн Уйбаантан көҥүллэтэн Дима Колосовтыын репетициялыы хааллыбыт. Күнүс соҕотох саалабыт тобус-толору, онон биһиги обургу нүөмэрбитин репетициялыырга табыгаһа суох. Оҕонньор, баҕар, доҕор оҥостоору, баҕар, биһиги кыһалҕабытын өйдөөн, көҥүллээччи.
Түүн биир диэки ыйдаһан-хайдаһан бүттүбүт. Димам, эр киһи буолан, куттаммат, онон сатыы дьиэлии турда. Мин бачча түүн ханна барыамый, Сайсаар Дьокуускай куоракка күлүгээннэр ордууларынан биллэрин билэбин. Онон сырдыар диэри манна сылдьарбар тиийэбин. Сынньана таарыйа Уйбааҥҥа киирэн чэй иһэбин. Ким эрэ