ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)
Год выпуска 2011
isbn 978-5-7696-3599-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Ийэм уонна таайым Бүөтүр үөрэх диэҥҥэ үөрэммэтэхтэрэ. Ийэм саҥа тэриллэн сүһүөҕэр туран эрэр холкуос араас үлэтигэр күүһүн харыстаабакка хачыгырайара. Таайым сылдьан эрэн буукуба хараҕын аттаран ааҕа, суруйа үөрэммитэ. Кини курдук дьону «халлаан үөрэхтээхтэрэ» дииллэрэ. Бэйэтин лаппа кыанар, отчут-масчыт бэрдэ буолан төһүү киһибит кини этэ. «Кэнээрэп Бүөтүр дуо?» дэппит эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, сүрэхтээх-бэлэстээх, бүтэн биэрбэт дьиибэ-хообо эгэлгэ кэпсээннээх-ипсээннээх сэргэх сэбэрэлээх уолу дьоно-сэргэтэ сүрдээҕин сөбүлүүллэрэ. Маҥнай Модут нэһилиэгэр сэбиэттээбитэ, онтон 1935 сыллаахха саҥа тэриллибит 42 хаһаайыстыбалаах «Чернышевскай» аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.
Сурукка сурулларынан, дьон-сэргэ кэпсииринэн, 1771 сыллаахха Кыргыдай кинээһэ Киргиэлэй Барыыһап, Дьооху кинээһэ Өлөксөй Эрэһиэтинньикэп Дьокуускайтан дьаһаах хомуйуутугар алтан бэчээт ылан кэлбиттэр. Ол кэнниттэн 1776 сыллаахха байаарын уола Дьөгүөр Кыычыкын Бүлүү улууһугар кэлэн сир түҥэппит, ити кэмтэн ылата маҥнай аҕа уустара бэйэлэрэ бас билэр анал сирдэммиттэр (дөкүмүөҥҥэ киирбитинэн), онтон устунан ол быһыллыбыт кэлим сирдэр кэлин холкуостар тэриллибиттэригэр сири-уоту үллэстиигэ улахан суолталаммыттар. Кыргыдай нэһилиэгэ 1808 сыллаахтан 1918 сылга диэри Орто Бүлүү улууһугар киирэр эбит, онтон 1918 сылтан 1929 сылга диэри Мастаах улууһугар сылдьыбыт.
«Чернышевскай» аатынан холкуоһу Илин Кыргыдай, оттон 1933 сыллаахха тэриллибит «Социализм суола» холкуоһу Арҕаа Кыргыдай диэн ааттыыллара. Арҕаа Кыргыдай холкуос бастакы бэрэссэдээтэлинэн Абрамов Николай Игнатьевич (Хамай) диэн киһи үлэлээбитэ. Өссө бу холкуостар тэриллиэхтэрин иннинэ 1931 сыллаахха Кыргыдай нэһилиэгин сиригэр Дьоохуга дьадаҥы уонна орто бааһынайдары түмэн «Түмсүү» диэн тыа хаһаайыстыбатын артыала тэриллибит. Бэрэссэдээтэлинэн Николаев Гаврил Иванович (Хабыычаан) диэн киһи үлэлээбит.
1928 сыллаахха хос эбэм аах олорбут күөллэригэр Кэҥэрэччигэ Уйбаныап баай (Иванов Алексей Иванович) түөрт хостоох ампаар дьиэтигэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Иванов Андрей Иванович диэн учуутал аан маҥнай икки кылаастаах оскуоланы арыйбыт. Түөрт сыл курдугунан ити оскуоланы Туора Күөл диэн сиргэ көһөрбүттэр.
Биһиги олорор күөлбүтүгэр кэлим баҕаналарын туруортаабыттарын үдүк-бадык өйдүүбүн. Өтөхпүт кэннигэр тыаҕа сир хамыыһыйатын дьоно күлсэн-салсан, саҥа-иҥэ бөҕөтө буолан ньамалаһан ааспыттара: маҥан ырбаахылаахтар от-мас быыһынан элэгэлдьиһэллэрэ, сүгэ тыаһа табыргыыра, буруо унаарыйара. Оҕо буолан