ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)
Год выпуска 2011
isbn 978-5-7696-3599-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Ардыгар сорох ыал саҥа дьиэ-уот туттан көһөн бардахтарына, чөчүөккэ көспүт ыал өтөҕөр хаалан хаалара үһү. Ону өтөх иччитэ диэн ааттыыллара. Соҕотоҕун холумтан үөһэ тахсан күлү буккуйа олорор буолара уонна өтөххө кэлбит оҕону кытта эмиэ бэркэ тапсан оонньуура диэн кэпсииллэр. Кырдьаҕастар сэһэннэрин-сэппэннэрин иһиттэххэ, чөчүөккэ отой ураты айылгылаах, төрүөтэх түстэммит куттарын-сүрдэрин кутугунаппатах, аймаабатах, чөл туруктаах ыалга эрэ олохсуйар, тастан киирэр саҥаны, сонуну төрүт сөбүлээбэт уонна оннук ыалтан букатын баран, көһөн хаалар дииллэр.
Тээкиччэҕэ тэлгэһэбитигэр турар ампаар иннигэр сандалы остуол сирэйинээҕэр эрэ арыый дьоҕус маҥан өҥнөөх, дьоһуннаах хаптаҕай таас сытара. Өрдөөҕүтэ Уйбаныап баай мэлииһэ тааһа гынаары Түҥ өрүстэн таһаартарбыт. Ампаар иннигэр ол тааска олорон сэһэргэһэр, кэпсэтэр үгэстээхпит. Улахан дьон дьээбэрэннэр көтөҕөн көрөөччүлэр да, дьоҕойон анныгар салгын эрэ киллэрэллэрэ, ону да кыахтаахтара. Уйбаныап баайы саҥа былаас дьоно кулаак гынан куолаһын быһан, баайын-дуолун уоппустаан ылбыттар, мэлииһэ гыныахтаах тааһа ол курдук биһиги тиэргэммитигэр сыппытынан хаалбыт. Кыһын хаар үрдүнэн саба тибэн кэбиһэрэ, саас хаар уулуннаҕына сэмээр быган тахсара. Сайын өҥүрүк куйааска киһи олорботун курдук итийэрэ. Мискээйэптэр аҕалара Хахалдьыйа Ньукулай сайын эһэм ааҕы кытта тиэргэн кырыс сиригэр олорон сээкэйи ыаһахтаһар кэмнэригэр күн сыралҕаныттан итийбит тааска тиэрэ түһэн сытан, үгэһинэн, сиһин угуттуура. «Аам, тоҕо бэрдэй… аам, тоҕо баҕас астыгай, итиитэй, суоһай…» – дии-дии, иһэ көстөн нанайа сытар оҕонньору көрөн, эбэм Лөкүөрүйэ уоһун үмүрүтэн сонньуйара. «Кыра оҕоҕо дылы бу да оҕонньору…» – диэн күлэрэ.
Биэстээхпэр күһүн күөл мууһа туран күрэх муҥхата саҕаланан ийэм аҕатын инитэ Отчут Мэхээлэ дьону түмэн муҥхалаабытыгар хас эмэ хонукка хоно-өрүү барбытын кэннэ титириир ыарыынан ыалдьыбытым. Дьэ ыарыы да ыарыы… Амырыын ыарыы… Ис-испиттэн тоҥон, силиим кытта бөһүйбүккэ дылы сананан, туох да тохтоло суох дьигиһийэн, бабыгырыы-бабыгырыы, мэктиэтигэр тииһим тыаһа лаһыгырыы-лаһыгырыы, титирээ да титирээ. Эбэлээх эһэм хайдах да үллүйэ, хат-хат хаттыгастаан суулуу сатаабыттарын үрдүнэн, санаабар, тула өттүбүттэн аргыар аргыйарын курдук. Бэрт уһуннук ол курдук титирии сытан баран үллүгүм да халыҥыттан этим-сииним ирэн тиритэбин, баһым ыарыыта диэн, сиигинэн хайа барыах курдук. Уһун күнү быһа тохтоло суох биир кэм титирээн, сыраны-сылбаны быһар улахан илистиилээх үлэни үлэлээбит киһилии, сэниэ, күүс букатын эстэр. Титириир ыарыы, киһи дьиктиргиэх, «өрөбүллээх» буолар. Биир күн титирээ да титирээ, нөҥүө күнүгэр кэм аматыйа, «тыын ыла» түһэҕин, онтон ол нөҥүө күнүгэр эмиэ хат титирээн бараҕын. Эбэлээх эһэм соҕотох сиэннэрин, миигин бүөбэйдээн, солбуһа-солбуһа, аттыбыттан арахсыбаттар. Ыалдьыбытым хаһыс да күнүгэр эмиэ бэргээн титирээн дьигиһитэ сыттахпына, таайым Алаастан кэлэригэр баартыктаах биир иһит тыыннаах