ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)
Год выпуска 2011
isbn 978-5-7696-3599-1
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Семен Данилов,
саха норуодунай поэта
Төрүттэрим Бүлүү Кыргыдайыгар баар Кэҥэрэччи диэн ааттаах дьоһуннаах эбэ үрдүк өтөҕөр олорбуттара. Эһэм Кэнээрэп Өлөксөй Уйбаанабыс-Хара Өлөксөй уонна Лөкүөрүйэ диэн эбэм, саха ыалын сиэринэн, туспа балаҕан туттан, бур-бур буруо таһаарынан, ынах, сылгы сүөһү ииттэн быр бааччы олохтоох ыаллар этилэр.
Эһэм аах сүүрбэ ордугуна түөрт буолан бииргэ төрөөбүттэрэ эбитэ үһү. Дьэ оччолоох дьон ханна-ханна тарҕанан, ускул-тэскил баран быралгытыйан, сир-сир аайы арҕам-тарҕам ыһыллан, симэлийэн сүппүттэрин билбит суох. Кыыс аймах өттө, биллэн турар, кэргэн тахса-тахса төрөөбүт өтөхтөрүттэн тэлэһийэн туспа сиргэ баран оҕолонон-урууланан, силис-мутук тардынан олохсуйбуттара саарбаҕа суох. Аны, эһэм кэпсииринэн, хас да оҕо бэрт кыраларыгар ыалдьан өлбүттэрэ үһү. Мин өйбөр эһэм ол кэпсэлиттэн кинилэр бииргэ төрөөбүттэриттэн аҕыйах киһи аата-суола быстах-остох, ойдом-сойдом ордон хаалбыт: Соппуруон, Уйбаан Оҕо (тоҕо эрэ «оҕо» диэн эбии хос ааттаан этэллэр эбит), Баһылай Оҕо, Отчут Мэхээлэ, Буйаа (хос аата буолуохтаах, хайаан да таҥараҕа сүрэхтэнэн нууччалыы ааты ылыммыта чуолкай), Тэмпэ Уоһук, Даадалай Ыстапаан…
Мантан ордук эһэм бииргэ төрөөбүттэриттэн биир да киһини, кыыс өттүттэн чороҥ соҕотох ааты-суолу да өйдөөбөппүн.
Ийэбинэн эбэм, Лөкүөрүйэ ийэтэ, Сүүс Мотуруун диэн ааттааҕа эбитэ үһү. Мин төрүү иликпинэ, Кэҥэрэччи күөлүгэр олорор эрдэхтэринэ, өлбүт уонна олорбут өтөҕүн кырдалыгар онно хараллыбыт. Сүүс Мотуруун сыылкаҕа, көскө кэлбит бэһиэччик киһиттэн, тоҥ нууччаттан, оҕоломмут. Онон эбэм арыы саһыл, сырдык хааннаах, ыраас сэбэрэлээх, уһун синньигэс муруннаах, ньолбоҕор сирэйдээх бааһынай эмээхсин этэ. Саҥа, омос көрөр, билбэт дьоммут балаҕаммытыгар киирдэхтэринэ мэлдьи нуучча эмээхсинэ дииллэрэ. Хос эбэм Лөкүөрүйэ кэннэ кэлин оҕоломмотох, кэргэн да тахсыбатах.
Эбэм Лөкүөрүйэ үстэ оҕоломмута үһү. Ийэм – бастакы, кини кэнниттэн уол оҕо төрөөбүтэ балчыр сааһыгар ыалдьан төннүбүт. Үһүс оҕото – таайым Бүөтүр. Кини өссө Нуолур диэн ийэлээх аҕата иҥэрбит таптал ааттааҕа, онон дьон-сэргэ хайа Бүөтүрүн араараары гыннахтарына Нуолур Бүөтүр дииллэрэ.
Ийэм, ийэтин батан, үрдүк уҥуохтаах, сырдык хааннаах, эр дьон эрэ сэргии, кэрэхсии көрөр сэбэрэлээҕэ. Эбэм уот кугас баттахтаах эбит буоллаҕына, ийэм, айбыт аҕатын өттүттэн хаана тардан, такымын ааһар ыас хара долгулдьуйар уһун суһуохтааҕа.
Таайым Бүөтүр саха киһитигэр ортону үрдүнэн көнө уҥуохтаах-арҕастаах, сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, киирбит-тахсыбыт, кэлбит-барбыт, эмиэ нуучча төрүттэрин батан, ыраас хааннаах, хайа да хара үлэни кыайа-хото тутар үлэһит бэрдэ киһи этэ.
Эһэм Өлөксөй сааһыгар холооно суох бэрт чэпчэкитик дугуна үктэнэн сэгэлдьийэ хаампыт, сылбырҕа туттуулаах-хаптыылаах хатыҥыр оҕонньоро. Кэнниттэн саппай уопсан иһэн, эдэр киһини кытары аргыстаһан иһэр курдук сананарым. Бэйэтэ буоллаҕына хайыы-сахха, мин өйдүүрбүнэн, аҕыс уончатыгар чугаһаан сылдьара, түөһүн тылыгар тиийэ сэбирийэн түспүт кыытта маҥан хойуу бытыктааҕа, муннун аннынааҕы бытыга эмиэ биир оннуга, саҥардаҕына айаҕа эрэ оҥоҥноон көстөрө. Кыһын мууһурар эбэтэр аһыырбар-сиирбэр мэһэйдиир диэн тор курдук бытыгын ардыгар быһыччатын кичэйэн сытыылаан баран хорунан тордурҕатара. Ону көрөн ийэм: «Ыы, киһи этэ тардыах…» – диэн саллан саҥа аллайара.
Кэлин, саҥа былаас атаҕар туран эрдэҕинэ, эһэм аах бары дьиэнэн Кэҥэрэччиттэн көстөн ордук ыраах сиргэ баар Тээкиччэ диэн эбэҕэ көһөн кэлэн олохсуйбуттар. Саха дьонун сиэринэн, хара тыалара, күөх боллох иччилээх күөллэрэ тугу дук гынан бэрсэллэринэн, сүнньүнэн булдунан дьарыктанан, онон айахтарын ииттинэн олорбуттара. Эһэм уолун Бүөтүрү кыра эрдэҕиттэн булка батыһыннара сылдьан такайан, таайым булчут ааттааҕа этэ, ордук сааһытынан биллэрэ. Олорор эбэбит Тээкиччэ барахсан лап-лаһыгырас, бэрт эмис бөдөҥ соболооҕо. Оҕонньор кыл илиминэн илимниирэ, мундуга туу, быччыкыга ардьа угара. Күөнэҕин туута диэн бэл мин, оҕо киһи, ылгын чыкыйам сүрэҕэ да баппат быыстаах туспа, анал туулааҕа.
Ылдьыын таҥараттан саҕалаан күөлбүт иһэ кус оҕотунан туолан барара. Хас эмэ ийэ ууһа анды киллэрэн биир кэм хараара усталлара. Моточчу уойбут сара куһа сатала суох элбэҕэ. Бэл түүн тохтоон уоскуйбакка аһаан-сиэн ампаалыктанар, саҥа ньуолах аспыт түүлэрин-өҥнөрүн оҥостон, суунан-тараанан чомпойдонор тыастара-уустара, муут-маат саҥарсар аймалҕаннара төрүт уостан көрбөтө, мэктиэтигэр биир кэм күрүс күрүлгэн курдук күрүлээн, суугунаан иһиллэрэ. Кус кынатыгар уйдарбыт кэмигэр, Бөтүрүөп таҥара ааһыыта, күөл кытылыгар киирэн тыас-уус таһааран үргүттэххэ, били эппиккэ дылы, кырдьык да, халлаан хараҥарар куһа, бэйэ-бэйэлэригэр көҕүспүккэ дылы, хастыы да халыҥ үөрүнэн өрө оргуйан тахсан күөлү тула халҕаһалыы анньан эргийэ көтөллөрө. Оччолоох кус кынатын тыаһа мэктиэтигэр этиҥ этэн эрэрин курдук ньириһийэрэ, эбэ үөһүгэр дьэҥкир ууну салбахтаах атахтарынан хайа тыыран түһэр тыастара оннооҕор ордук омуннуран иһиллэрэ. Таайым «сара охтор ардаҕа» дэммит дохсун ардахтар кэннилэриттэн, кус саарбытын кэннэ, кулгаахтарын ортотуттан уһук өттө эрэ харалаах уонна ханан да хара кылаан сыстыбатах хаар маҥан өҥнөөх Маанчык диэн ытын батыһыннара сылдьан, анаан, дьарык