ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Доҕотторум Намыынаптар оҕолоро уонна Дьабадьы Хабырыыл уола Модьу, үөрэхтэрин дьыла түмүктэнэн, өтөхтөрүгэр кэлбиттэрэ. Хайа да үлэҕэ улахан көмө дьоно.
Баһыычаан бииргэ оонньуур оҕолордонон бэркэ табылынна. Урукку курдук наар миигин үлбүрүйэрэ тохтоото, сонун доҕоттордонон аралдьыйара үксээтэ.
Быралгы Ньукулай – дьиибэлээх-дьээбэлээх, элбэх саҥалаах-иҥэлээх, бэрт сэргэх киһи. Букатын мөлтөх, харалҕан харахтаах буолан, тугу эмит көрөөрү гыннаҕына, илиитинэн тутан, муннун анныгар даҕайан көрөр. Киһини кытары кэпсэтэригэр наар харахтарын кыаратан, тонолуппакка одуулаһар. Аҥаардас туттарыттан-хаптарыттан, үөннээх, дьээбэ сирэйиттэн да киһи күлүөн курдук киһитэ.
Үс Ньукулай – Маарыйа эмээхсин бииргэ төрөөбүт балтын уола.
Улахан Баһылай сир тиэрэр, оҕус сиэтээччитэ – мин доҕорум Модьу…
Күөл кытыыта лаппа кылдьыыланан, килээй муус уу ото быкпыт сиринэн дьөллөн, онон-манан буруу оҕолорун эргичитэн, күн сырамыттан кэбирээн, саркааҕыран, кылыгырыы суккураан курумуулаах киһини киллэрбэт буолан эрдэҕинэ, Ылдьаа күнүс үөмэн кустуу баран баран, Килтэбил диэн күөлтэн саанан ытан, хаһан да харахтаабатах дьикти кыылбытын өлөрөн аҕалла. Онтубут соҕуруу дойдуттан аҕалан ыыппыт андаатар диэн харамайдара ырбыыга устан ньолбойо сылдьарын ытан ылбыт эбит. Тула түһэн, илииттэн-илиигэ бэрсиһэ-бэрсиһэ, эргитэ-урбата көрүү-истии бөҕөтө буоллубут. Ыалбытын Дьабадьы Хабырыылы кытары ыҥыран аҕаллыбыт. Ордук оҕолор сүрдээҕин дьиктиргээтибит. Дьабадьы андаатар ордьойо сылдьар уп-уһун икки илин тиистэрин тыгыалаан көрдө: «Оту кэрбииригэр аналлаах быһыылаах, тоҕо сытыыларай, доҕор, күтүр киэнэ…» – диир. Түүтэ уп-уһун, кип-килэбэчигэс кылааннаах, атыыр андаатар эбит, иссиитин үгэнэ буолан ыыта-дьаара дыргыйан сүрдээх. «Мыыла сытын курдук…» – дэһээччилэр эҥин бааллар. Күтэргэ майгынныыр эрээри лаппа улахан. Биһиги көрдөхпүтүнэ: бурҕаа кутуругун хаптаччы үктээбиккэ дылы, абына-табына түүлээх, мунду уорҕатын курдук хатырыктаах кутуруктаах, кус киэнинии салбахтаах атахтардаах. Саҥа харахтыыр дьоҥҥо бэрт сонун харамай.
Өссө 1940 сыл, Саха сирин совпокомун булт хаһаайыстыбатыгар бэрэстэбиитэлэ алта уон андаатары аҕалан үөскэтэргэ Уйбаныап Охонооһой диэн дойдулаах киһиэхэ бодоччуот туттарбыт. Ол андаатардары Мастаах эбэ таһынааҕы Уодьаан диэн күөлгэ ыыппыттар. Сайын устата кэтээн көрбүттэр. Күһүнүгэр муус тоҥмутун кэннэ Куруотап диэн бэрэстэбиитэл тахсан ол ыыппыт харамайдара муус үрдүнэн барыта сэттэ уонтан тахса уйаны таһаарбыттарын аахпыт. Биирдии уйаҕа ортотунан сэттэлии андаатар диэн быһаарбыт.
Икки-үс сылынан саас, иссэр кэмигэр, уйатыгар сиҥэ уута киирэн, хара көппөҕө