ТОП просматриваемых книг сайта:
Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
Читать онлайн.Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2
Автор произведения Семен Маисов
Издательство Айар
Сотору ахсынньы аам-даам түптэлэс тымныылара ити-бу көстүбэт туманынан бурҕачыйан тиийэн кэллилэр. Өтөхпүтүгэр дэҥ-дуҥ ыалдьыт, хоноһо да кэлэн ааһар: арҕаа ытыллар сэрии, күннээҕи олох-дьаһах туһунан арааһы ыаһахтаһалларын истэбин.
Дойду үрдүнэн, ордук киин улуустарга, төһө да уот кураан, хара былыт курдук көтөн тирдьигиниир аһыыка аргыстаах сут сайыннар сатыылааталлар, Бүлүү эҥээр, чуолаан Төрдүс Тоҕус нэһилиэгэр, «Свердлов» аатынан холкуоска, кыһыччы от үүммэтэх сайына диэн суоҕа, аһыыка баара эрээри оннук айылаах оту эһэр үөн сэрии сылларыгар биһиги диэки үөскээбэтэҕэ. Ити-бу от үрэҕинэн бэйэ-бэйэлэрин кытары сиэттиһэн, ситимнэнэн барар улахан эбэлэр, көлүйэлэр, көрдүгэттэр дэлэй буоланнар сүөһү айаҕар сиир ото баҕас үүнэрэ. Оттонор сир элбэҕин иһин, дьаныһан туран, күөлү түһэрэн ходуһа сирэ таһаара сатааһын эҥин суоҕа…
Биһиги оҕолор, үөл мутук тоһута ыстанар томороон күннэригэр, үксүн дьиэбитигэр бүгэн олоробут, ол эрэн бэйэ-бэйэбитигэр сылдьыһабыт. Ыалтан ыал ыккардыгар сүүрэн истэххэ киһи тыына, мэктиэтигэр, күөрт күпсүйэн эрэрин курдук сүүгүнүүр. Күн кылгас, эрдэ хараҥарар буолан, өрөбүллэригэр Балаҕаччыттан кэлбит ыалым оҕолорун кытта дьиэҕэ оонньуубут: остуоруйалаһабыт, таабырыннаһабыт, хабылык хапсабыт, хаамыскалыыбыт, сордоҥ сиһин уҥуоҕунан тыксабыт, өртүбүөй эргитэн тирилэтэбит… Оттон доҕотторбут оскуолаларыгар үөрэнэ барбыт, суох кэмнэригэр Баһыычаан уонна Биэрэ кыыс буоламмыт бэйэбит уораҕайбыт иһиттэн тахсыбакка сээкэйи бары гынан саатыыбыт. Түбүк, дьарык көрдүүр киһиэхэ мэлдьи көстөр.
Ый ортото тымныы эбии сэтэрэн күүһүрдэ, кыра кыһалҕалаах киһи таска муннун да быктарбат үлүгэрэ буолла. Муус чомпой хаахынас халҕаны аһан тастан киирэр киһини көрдөххө, туома, биир кэм буруолаан бурҕачыйа сылдьар туман арбаҕаһы кэппиккэ дылы. Хотонтон киирбит дьахталлар этэрбэстэрин тилэҕин тыаһа лоп-лоһугурас… Хотон халҕанын анна титирик муоста халтархайа диибин диэн, туома, чоху көхсүн курдук. Дьиэбит түннүктэрэ лобуччу мууһуран, кырыаран хааллылар. Таас түннүккэ араас эгэлгэ ойууну тымныы оҕонньор оһуордаан кэбиспитин, барыга-бары сэргэх