ТОП просматриваемых книг сайта:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Читать онлайн.Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5464-0
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Издательство Айар
– Һуу… Киһини соһуттуҥ! Туох күлүк курдук баҕайыгыный?! Дьыраччы тэбинэн туруоҥ дуо, кэл олор, – Тыгын Тойон өрүтэ тыыммахтыы лиһирдээн тиийэн, Күлүк Боотур саппыт халҕанын аһан, таһырдьаны өҥөйөн көрбүтэ, ааны тыастаахтык ыга саба, сибигинэйэ былаастаан:
– Манабыллар суохтар ини, кыйдаталаабытым. Биһиги кэпсэтиибитин иэгэйэр икки атахтаах истиэ суохтаах… – киирбит киһи тугу саныырын таайа сатыырдыы, туой буору сабыта быраҕаттаан баллырдаммыт курдук, көҕөрөн көстөр унньуйбут сирэйин кыҥастаспыта. – Киһи киһиэхэ эрэммэт кэмэ кэллэ. Уон улуус дьоно сиргэ-уокка, баайга тардыһыылара күүһүрэн эрэр… Бэрт былдьаһыы, дьорҕооттоһуу тахсыах курдук. Бүтүн саха урааҥхайдарын үмүрү тардан түмэргэ сир, баай, кыах-күүс ирдэнэр… Үгүһү эппэппин. Тунах көтүүтэ, Туоҕа Боотурдаах түөрт уонча буолан, мантан букатыннаахтык бараллар. Үс тумус боотургун кинилэргэ сыһыар… Оттон эн, бэйэҕин кытта биир илииҥ тарбахтарыҥ саҕа тумус дьону ылан, күн сарсын хомунан, тыаһа-ууһа суох сүтүөхтээххит, – Тыгын Тойон чугаһаан кэлэн, киһитин сирэйин өҥөйөн көрбүтэ. – Утуйа олороҕун дуу, тугуй? Өйдөөтүҥ дуо?
– Истэбин, күн бүгүн да барарга бэлэммит, – диэт, Күлүк Боотур дьирэс гынаат, быар куустан, нөрүс гыммыта. Тыгын Тойон соһуйан, чинэйэ түспүтэ. Кыл түгэнэ кэҥээбит, уоттаммыт харахтара сыыйа өһөн, астыммытын биллэрэн, сэҥийэтин маҥхайан эрэр убаҕас бытыгын имэрийбэхтээн ылбыта.
– Дьирикигэ дылы, дьириҥнээҥҥин… Соруккут диэн, Туоҕа Боотур иннин, кэннин хайыы. Эһиги кинилэри арыаллыыргытын ким да билиэ, истиэ, көрүө суохтаах. Бэл, Туоҕа Боотур. Күлүк курдук күлүкүчүһэҥҥит, түһүүлэниэхтээх сирдэригэр тиэрдэн, олохторун булбуттарын эрэ кэннэ, төттөрү кэлэҕит. Кыра-хара, аҕыйах киһилээх олохтоохтору тыыппаккыт. Кинилэргэ көстүбэккит. Сэптээх-сэбиргэллээх тигии сирэйдээхтэр, туматтар, атын урдустар Туоҕа Боотур суолун быһа хаамыа суохтаахтар. Талаабыккыт, кырган кыайбыт баай-дуол, дьахтар, чаҕар бэйэҕит киэнэ. Боотурдаргар: «Көҥүл боотурдар буоллубут», – диэр. Кинилэр кыргыһалларын, өлөрөллөрүн-өһөрөллөрүн эрэ билиэхтээхтэр. Кыйма курдук кыргыс хоһууннарга киирэн биэримэҥ. Атын суолу-ииһи тобулан, Туоҕа Боотур олохсуйбут сириттэн кинилэри тэйитэр туһугар туруулаһыахтааххыт. Иннигитигэр туох күүтэрин, ый хаста төрүүрүн, хаар-самыыр хаста эргийиэҕин билбэтим. Бүттүбүт.
Туоҕа Боотур Тыгынтан киирээт, Лүксүрээн ойууну, Дуораан Ууһу, Дагдаҕар Боотуру, Кырамай Боотуру, Бэдэр Боотуру, Лэбиэрийэ Бөҕөнү уонна Хаан Илбис ойууну сайыҥҥы ураһатыгар сугулааҥҥа ыҥыртаабыта. Иннэ-кэннэ быһаарылла илик, Туймаада олохтоохторун аймаабыт айдаан: «Дьэ ыйдаҥараары гыннаҕа дуу?» – дии саныы-саныы кэлбит дьон эҕэрдэлэһэ, сиргэ тэлгэммит таба тириилэрэ тэллэхтэргэ атахтарын хомуна, төбүрүөннүү олорунан кэбиспиттэрэ. Бүтэһигинэн орто уҥуохтаах, куппут-симмит курдук эттээх-сииннээх эрээри, кыра төбөлөөх, уһун, суон моойдоох киһи