Скачать книгу

кыынньаран ыалдьыкка иһэрдээри көһүйэҕэ кутар.

      Бүөтүччээн атаһа суох буолан, кыынньыбыт үүтү иһэн баран дьиэтигэр төнүннэ. Дьиэтигэр кэлэн ытын чинчийэн көрдө. Эмсэҕэлээбэтэх. Арай муннун кырыытын сиирэ ытырбыттар. Моойторук иччитигэр кутуругун куйбаҥнатар, илиитин салаан «ньалып» гынна.

      – Хайа туох сонуннаах ыалга сырыттыҥ? – Дьаакып оҕонньор уол киирэрин кытары ыйытар.

      – Манчаары ыалы халаабыт үһү, – Бүөтүччээн сонунун иһитиннэрэр.

      – Тыый! Кимнээҕи? – Мааппа этэрбэс абырахтыы олорон тохтоон, уолун диэки көрөр.

      – Хороҕо Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ сылдьыбыт.

      – Хайалара буоллаҕай. Сахалыы аатын эппэтилэр дуо? – оҕонньор лаппыйан ыйытар.

      – Суох.

      – Төһө эмэ таһыллар, көскө ыытыллар да кэһэйбэт, көммөт киһи эбит, – Байбал оһох иннигэр олоппоско олорор.

      – Отуора алдьаммыт киһи буоллаҕа. Уонна тугу иһиттиҥ? – оҕонньор сиэниттэн эмиэ ыйытар.

      – Уонна тугу да кэпсээбэттэр.

      – Бэйи, мин бэйэм бара сылдьыыһыбын. Бу киһи тугу да иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕа буолуо.

      Оҕонньор ыалга баран, саас, өрүс хаайыан иннинэ, куораттан нууччалар тахсаннар, Манчаарыны тутаары уонча хонукка көрдөөн баран, булбакка төннүбүттэр үһү диэн сураҕы истэн кэллэ. Ол аата Манчаары эмиэ күөрэйбит үһү диэн кэпсээбиттэрэ кырдьык эбит.

      Уонча хонук ааста. Манчаары туһунан сурах хас нэһилиэк аайы долгун курдук тарҕанна. Хаһан баҕарар сурах-садьык эбиилээх, күүркэтиилээх буолар. Ол ыалы халаабыт, бу баайы таһыйбыт, онно сылгы өлө сытарын көрбүттэр, манна ат сүппүт үһү диэн кэпсээн үллэҥнэтии. Ыалга ыалдьыт киирдэҕинэ туох ханнык иннинэ Манчаарыны сураһаллар.

      Баайдар уйаларыгар уу киирдэ. Улахан баайдар ампаардарын үрдүгэр чуолҕаннардаах кыра мэҥэһик ампаар оҕотун туттара охсон, түүннэри-күнүстэри харабыллаах олороллор. Онно-манна ынах, сылгы сүппүтэ элбээтэ. Ону, Манчаарыга балыйтараары, нэһилиэк уоруйахтара бэйэлэрэ сииллэр быһыылаах диэн сэрэйдэллэр даҕаны, ким-хайа иннинэ Манчаарыны ааттыыллар.

      Манчаары абаҕатыгар Чоочо баайга өстөнөр үһү, хаһан эрэ киниэхэ ыар ыалдьыт буолара буолуо дэһэллэр. Ыаллар кыра оҕолорун «Манчаары кэлиэ» диэн куттуур буоллулар.

* * *

      Бэс ыйын халлаана ардахтаах буоллаҕына, өҥ үчүгэй дьыл буолар. Быйыл ардах сири син бэркэ өҥсүттэ. Сир ийэ барахсан ардах түһэн аастаҕына ырааһырар, салгынныын чэбдигирэр. Ону билбит курдук чыычаах саҥата эмиэ элбиир. Быйыл сайын бырдаҕа аҕыйах буолла. Ону бэс ыйын саҥатыгар халлаан тымныйан бырдаҕа өллөҕө, кэҕиннэҕэ дэһэллэр.

      Дьаакыптаах киэһэлик, дьиэлэригэр олордохторуна, эмискэ ыттара үрдэ. Охоноон уол кэллэҕэ буолуо дэстилэр. Баччаҕа кини кэлээччи. Сотору ыт тэскилээн баран тэйиччи туран үрэрэ иһилиннэ. Хайалара кэллэҕэй?

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.

      Безопасно

Скачать книгу