ТОП просматриваемых книг сайта:
Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан
Читать онлайн.Название Туоһахта уонна Лэкиэс
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-5858-7
Автор произведения Василий Гоголев-Уйулҕан
Издательство Айар
Сарсыныгар «Красный» диэн дьоҕус борохуотунан Лэкиэстээҕи трюмҥа, палубаҕа толору симэн Даркылаахха туораппыттара. Оннук ол борохуот хаста да кырыммыта. Оттон туораабыттары устуруойдата-устуруойдата сатыы хаамтаран, куорат киинин диэки Жорницкай уулуссаҕа баар кэҥэс олбуордаах мунньар пууҥҥа аҕалтаан испиттэрэ. Нуучча, саха, араас да омуктар киһи киһитин билсибэт үлүгэрэ этэ. Киэһэ барыларын устуруойдатан баран толуу, байыаннай таҥастаах нуучча эписиэрэ сэрии туһунан кылгас иһитиннэрии оҥорбута. «Түөкүннүү уоран саба түспүт фашистскай халабырдьыттары уодьуганныахпыт, Сэбиэскэй аармыйа ньыгыл күүһэ өстөөҕү кыайыаҕа», – диэн доргуччу эппитэ-тыыммыта. «Онно, бу сэриигэ ыҥырыллыбыттар, эһиги, хорсуннук кыргыһыахтааххыт», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Үгүстэр алаастарыттан саҥа тэлэһийбит, нууччалыы саҥаны бастакыларын истэр буолан, эписиэр тугу эппитин өйдөөбөтөхтөрө. Ол эрээри кини сорунуулаах сирэйиттэн-хараҕыттан туох эрэ сүдү суолталаах хамаанда бэриллэн эрэрин сүрэхтэринэн таайбыттара.
Баарсаларын күүтэн хас да хоммуттарын кэннэ, Даркылаахха биэрэккэ киллэрбиттэрэ. Онно эмиэ кэтэһии буолбута. Арай туох эрэ сүпсүлгэн турбута. Сэриигэ барааччылар биир сиргэ үөмэхтэспиттэрэ. Лэкиэстээх эмиэ ол диэки тиийбиттэрэ, Бүлүү умнаһын күүстээхтэрэ хапсаҕайдаһаллар үһү диэн сурах сэргэхсийиини таһаарбыта. Призывниктар төгүрүччү симсэ үмүөрүспүт бөлөхтөрүн быыстарынан биир дойдулааҕа хапсаҕайдьыт Тириипэнниин үтүрүһэн, түһүлгэ баар сирин диэки чугаһаабыттара. Буучугурас бөҕө диир киһилэрэ араас ааттаахтары, ол иһигэр саһаан холобурдаах нуучча, татаар бухатыырдарын, уҥа-хаҥас быраҕаттаабыта. Отуччатын ааһан эрэр, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, кыһаан киһи этэ. Түөрт кырыылаах харылардаах, кэтит дараҕар сарыннаах, көхсүттэн үргүлдьү тахсар модьу сүнньүлээх, күүстээх көрүҥнээх, быһый быһыылаах, уоттаах сытыы харахтарынан батарыта көрбүт эр бэрдэ этэ. Дьэ, кырдьык, астык тустуулаах хоһуун, бэдэр курдук сылбырҕатык, иҥиирин тыаһа өрө лачыгырыы түһэрэ да, көрүөх бэтэрээ өттүгэр утарылаһааччылара сири булан бурҕас гына түһэллэрэ. Арай биир сүүнэ нуучча охтон баран, алҕас дии-дии, иккитэ киирэн холоспута. Онтон кыһыйан түксү дииллэрин үрдүнэн, курданарыттан үөһэ өттүнээҕи таҥаһын ньылбырыта тыытан, сиэх-аһыах көрүҥнээх үсүһүн киирбитэ. Дьон хаһыы бөҕөтө, биир кэм күүгэн оргуйан олорбута. Буучугурас утарсааччытын кытары өрө батыгыратан, тутуһан өрө холоруктуу сылдьыбыта. Анараа киһи табаҕайынан Буучугурас сүнньүн сабыта саайталаабыта. Онтон