Скачать книгу

я присваиваю имя Вперед. Ты не Бэриэт, а Вперед!» – диэн, хаста да хатылыы-хатылыы, бокуойа суох бобута кууспута, бэйэтигэр ыбылы тарпыта. «Да?! Хорошее имя», – Бэриэт бэйэтэ да соһуйбута, үөрбүтэ, өссө астыммыта, күлэн тоҕо барбыта. Володя өссө күүскэ күлбүтэ, олус табыгастаах ааты булбутуттан астыммыта чахчы этэ. Ити кэмтэн ыла талаанынан сөхтөрбүт, ньуура суох үлэһитинэн биллибит саха уола Бэриэккэ олох даҕаны Вперед диэн дьоһуннаах, тапталлаах аат иҥмитэ. Институттар ити ааты олус сөбүлээн тутталлара.

      Доҕоро Владимир Карцев саҥа хайысхалаах научнай үлэтэ сэҥээриини ылан кандидатскай диссертациятын көмүскүү «Радио» институкка тиийэн сатамматаҕар Бэриэти ыҥыртарбыта. Онно кини исхиэмэ сырыытын билсиһэн баран Володя туохха сыыспытын чопчу ыйбыта, баар схеманы көннөрөн биэрбитэ. Ол табыллыбыта, ону ааһан өссө хайҕаммыта. Владимир Семенович наука хандьыдаата буолбута. Кини ситиһииттэн үөрэн, табаарыһыттан сөҕөн сууйдахтарын киэһэ: «Ну, Вперед, ну, Вперед! Какое правильное имя!» – диэн хаста да хатылаан, Бэриэти кууһан ылан эргичитэн үөрүүтүн биллэрбитэ.

      Ол кэнниттэн Түбүктээхэптэн сүбэлэтэр, ыйытар элбээбитэ, исхиэмэ оҥорторуон баҕалаах уочарата да баар буо-лан ылара. Онон Бэриэт билиитин, сыыһаны була охсорун, ону быһа суолун тобулан оҥороро түргэнин туһунан институкка номох курдук кэпсээннэр элбээн барбыттара…

      Командировкалар быыстала суох буолбуттара, сырыы кэҥээбитэ. Сойуус сибээһигэр үлэлиир Россия, Прибалтика, Украина куораттарын научнай уораҕайдарыгар ыйы-ыйынан сылдьара. Ол тухары Саха сирин уһук Барҕа дэриэбинэтин уолун билиитин-көрүүтүн, сатабылын сөҕөөччү көстөрө, элбиирэ. Сүбэлэтэр-амалатар даҕаны онтон итэҕэһэ суох этэ.

* * *

      Саҥаны айыахха айылаах киһи элбэх бөҕө ээ, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы. Дьэ, ону олоххо киллэрэр олус да ыарахан, бадьыыстаах, эриирдээх буолар эбит. Маннык салгыы бардаҕына дойдубут Сэбиэскэй Сойуус барахсан сайдыыттан хаалара ырааҕа суох буолсу быһыылаах.

      Барытын туорайдаһа, сатаммат, ханнык эрэ балаһыанньаҕа сөп түбэспэт, маннык стандарт суох диэн сабыта баттыыр бүрүкүрээт наһаа да элбэх эбит. Оттон, доҕоттоор, саҥа айыллыбыкка патент биэрэ охсон, ол оннук наадалаах «стандарт» диэннэрин иҥэрэр туох айылаах ыараханнааҕа буолла?! Тоҕо ол табыллыбатый? Ким да билбэт. Барыта чып кистэлэҥ быһыылаах. Бу бэрэбиэркэлиир дьонуҥ бары ааттаах-суоллаах, урукку өттүгэр өҥөлөөх кырдьаҕастар. Ол чыыннарынан-хааннарынан саба баттаан олороллор, кинилэр эппиттэрин, муҥур уһугар түмүк оҥорбуттарын утарсар киһи баара да биллибэт.

      Дьэ дьикти! Арааһа, ити партиябыт тойотторо бары кырдьаҕастар мустан үөлээннээхтэрин эрэ истэр, кимиэхэ даҕаны сабардаппат балаһыанньалара букатыннаахтык олохтоммут курдугар тахсар. Бочуоттаналлара сөп. Ону ким утарыай, суох. Ол эрээри саҥаны утарсар, саба баттыыр дьону баҕас тохтотуох, туоратыах баара, сынньалаҥнарын үчүгэйдик тэрийэн баран…

      Билэрэ-көрөрө элбэх, ымпыктаан-чымпыктаан ырытар исписэлиис

Скачать книгу