Скачать книгу

эргийэ сылдьыбыт бэйэтэ илэ сири-дойдуну оройунан көтүтэ сылдьар буолла. Бэл оһох холумтаныттан арахпатах саха дьахталлара тимир көлөнү миинэннэр аан дойдуну анаарар күүстээх-кыахтаах буоллулар. Маннык аһаҕас эйгэҕэ үктэнии омук туругар дьайар үтүҥтэ да, мөкүтэ да биллэн эрэр. Ыччаты билигин патриоттар уонна глобалистар диэн икки бөлөххө араарыахха сөп. Патриоттар Саха сиригэр олохсуйар баҕалаахтар, оттон глобалистар ханна кыалларынан быдан барыстаах, сымнаҕас айылҕалаах государстволарга сыстан олохсуйарга баҕараллар. Урукку көлүөнэ ыччаттар иннилэригэр маннык талыы тирээн турбат этэ. Муҥ кэҥээтэҕинэ, Советскай Союз сабардамынан тарҕаналлара. Оттон аныгы ыччат төһөнөн сайдыылаах да, соччонон дойдуларыгар батан олорбот, аан дойду киэҥ киэлитинэн тарҕанар кыахтаналлар. Онон төрөөбүт дойдуга тапталы, бэйэ норуотугар туһалаах буолар санааны иитэн таһаарар анал сыал-сорук турда. Онуоха биир туһалаах матырыйаалынан бу уларыйыы мүччүргэннээх кэмнэригэр туруулаһан мөхсүбүт саха ыччаттарын талыыларын туһунан кэпсиир кинигэ буолара саарбаҕа суох.

      Төрдүс ирдэбил тас эйгэ уларыйыытыгар киһи ис кыаҕа дьүөрэлэһиитигэр туруоруллар. Ол эбэтэр аныгы кэм тэтимэ олус күүскэ уларыйда, киирбит-тахсыбыт, турбут-олорбут, иилэ хабан ылан туттан-хаптан иһэр киһи ситиһиилээх буолар үйэтэ үөскээтэ. Былыргы курдук сыта-тура толкуйдаан, араастаан эридьиэстээн, атах тэпсэн олорон быһаарсар кэм ааста. Онуоха дьүөрэлээх ээл-дээл, муҥкук, сыылба сырыылаах, бытаан айаннаах майгы эмиэ хааларыгар тиийэр. Түргэн-тарҕан туттуулаах, элбэх дьарыгы тэҥҥэ тутар, үгүс киһини кытта алтыһар, улаҕа санаатын булкуттарбат ис чиҥнээх киһи табыллар бириэмэтэ буолла. Онуоха дьүөрэлээн аныгы саха оҕото хамсаныыта, өйдүүр-толкуйдуур тэтимэ быдан түргэтээбитин психологтар бэлиэтииллэр.

      Маны сэргэ аныгы тэтимнээх, күрэс былдьаһыылаах олох киһи эт-хаан өттүнэн чиргэл буоларыгар кытаанах ирдэбиллэри туруорар. Араҥ киһи соһуллан хаалар. Онон сайдыылаах диэн ааттанар государстволарга оҕону кыра эрдэҕиттэн чиргэл буоларыгар, эдэр ыччат спордунан күүскэ дьарыктанарыгар ураты болҕомтону уураллар, куһаҕан дьаллыктартан харыстыыллар. Оттон күөн көрсүөхтэрэ, былдьаһыахтара-атахтаһыахтара диэбит омуктарын ыччаттарын куһаҕан дьаллыкка сутуйа сатыыллар, быртах дьарыктарга сыһыараллар. Ол курдук, биһиэхэ, Россияҕа да, Саха сиригэр да, көлүөнэни көлүөнэнэн араҥ, содур, бэйэни кыайан салайынар кыаҕа суох турукка киллэрэргэ бу сүүрбэ сылга күүскэ туруммуттара. Онуоха киин былааспыт таах олорон биэрбитин түмүгэр ол ыччаппыт кэскилигэр ыар содулланна. Билигин төрөппүттэр, дьон саҥа өйдөнөн, пиибэ, арыгы, наркотик, проституция, криминал, араас быдьар быһыы тас көстүүтүн харах халтарыйар угаайытыттан дьэ босхолонуох, утарсыах курдук буолан эрэллэр. Ыччаты ыччат угуйар. Онон дьоһун сиэрдээх-майгылаах, туруулаһар кыахтаах ыччат дьону өрө тутан, биһирэмнээх холобур буолалларын ситиһэр сорук турда.

      Бэһис

Скачать книгу