ТОП просматриваемых книг сайта:
Тэпсиллибит сибэкки. Хотойук Айгыына
Читать онлайн.Название Тэпсиллибит сибэкки
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6095-5
Автор произведения Хотойук Айгыына
Издательство Айар
Аан дойдуга икки атахтаах айбыт аһыы утаҕа – бу абааһы аһа. Ыал диэн Айыыһыт түһүлгэтэ, бу ыалга арыгы абааһыта олохсуйда да, Айыыһыт тэйэр, күрэнэр. Бу кэргэнниилэр оҕолоро бэйэлэрэ эрэ хаалан хаалаллар. Дьэ, оччотугар арыгы абааһыта күөнэхтээн, күннээн араас албаһынан бу ыалы сиэбитинэн, кэбирэппитинэн барар. Арыгыґыт кэргэннээх буолуу – бу утуйар-утуйбат түүннэр, оҕолоруҥ тустарыгар долгуйуу, дьахтар толкуйдуур өйүн-санаатын ычата кыараатар-кыараан, муҥур уһугар күннээҕинэн эрэ олох тула хаалан хаалар. Бу түгэҥҥэ аймах-билэ дьон суоҕа киһи тирэнэр тирэҕэ суох буолууга тэҥнээх. Күнүс түүнүнэн солбуллан, түүн уһаан- тэнийэн бүтүн олоҕум барыта күнэ суох абааһы дойдутугар, бүдүө-бадыа олоххо кубулуйар. Дьэ, ол да буоллар, кыым саҕа ыраастан тутуһан, ийэ буолан оҕолорбун эрэ таптыыр күүспүнэн тирэнэн, араас быһылааннаах ынырык түүннэри ааспытым, билигин санаатахпына, аанньалларым аттыбар баар буолан өйөөн, ардыгар үтүө санаа кыыма саҕан кэллэҕим диибин. Соҕотох биир дьахтар дьылҕатыгар таҥнарыы диэни билэммин, санаам хараҥаран, олоҕум инникитин кыайан көрбөт буолан ылбыттаах түгэним баара. Таҥнарыы да араастаах. Эр киһи дьахтарга ымсыырара да араас: сорох эр дьон таптаан дьиэлэриттэн, оҕолоруттан тэйэллэр; сорох мээнэ көлдьүн күүлэйгэ умсар. Мин дьылҕабар кэргэн киһим көлдьүн күүлэйгэ умсубута. Дьахтарымсах эр киһи диэн баар буолар эбит. Оннук эрдэнэн, эрим хоонньубуттан туран көссүүлэһэр, суохпуна барар уонна дьэ бэйэтинэн охсон, ол кирдээх санаатын бу хараҕын далыгар көрөр киһитигэр кутар, буруйдуур. Саамай ыарахана баар: ол буруйдааһыны илэ-бааччы буолбуттуу кэпсиир уустаах. Күнүү – бу ыарыы, ону ааһан уйулҕа ыарыытыгар тэҥнэһэр. Бу маны барытын тус бэйэм уйан, төһөлөөх сүрэҕим-быарым айманан, кутум атаҕастанан, ама да ааспытын кэннэ санаатахпына, билигин да айманабын… Өссө итини барытын оҕоҥ көрө-истэ сылдьар, оттон ийэ киһи уйулҕата чарааһаан, оҕо куттанарын бу эйгэттэн быыһыыр кыах суох. Быыһанар суол биир эрэ – маннык киһиттэн арахсыы. Ол эрээри арахсарым да уустук. Биир күн таптыыр, биир күн уорбалыыр, инньэ гынан хайата сымыйатын, кырдьыгын кыайан араарбат турукка киирии барбыта… Ол эрээри арыгы уонна күнүү туох баар утуйар уубун аймаан, хайдар аҥаарым хаалыар диэри ырбытым, олохпор туох да инникини, ыралыыры көрбөт, билбэт буолбутум. Арай оҕолорум, чыычаахтарым, үөрдэллэрэ. Оннук олоро сатаан баран, дойдубар көспүтүм, арахсарга санаммытым. Арахсыы диэн миэхэ тыын боппуруос буолбута, ол эрээри чэпчэкитэ суох быһаарыныы этэ. Наһаа элбэх санаа тырыта тыытара, баҕар оннук сатаныа дуо, баҕар, маннык, оҕолоргун туппутунан соҕотоҕун хаалыы ыарахан этэ. Хаста да оҕолорбун ылан сиэппитинэн эдьиийбэр бара сатаабытым да, киһим син биир эккирэтэн, ааттаһан төнүннэрэрэ. Бырастыы гыннарара, ону итэҕэйээхтиирим, биир нэдиэлэ нус-хас олох курдук буолара, онтон эмиэ иһэн кэлэн оҕолору куттаан, ыһыытаан, бэйэбин күнүүлээбитэ буолан охсуолаан, ытатан-хомотон астыныы, дуоһуйуу ылар курдуга. Күнүүһүт киһи